Бэрдьигэстээххэ баһаарга киһи тыына былдьанна

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Горнай улууһун Бэрдьигэстээх нэһилиэгэр хочуолунай умайан, олорор дьиэлэр уонна тэрилтэлэр ититиитэ суох хааллылар.

Улуус баһылыга Никита Андреев ЯСИА-ҕа биллэрбитинэн, уон элбэх кыбартыыралаах дьиэ, хас да чааһынай дьиэ уонна сүрүннээн тэрилтэлэр хочуолунайга холбонон олорбуттар. Эмсэҕэлээбиттэри гимназияҕа мунньубуттар. Хомойуох иһин, хочуолунай оператора баһаарга былдьаммыт.

Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Алексей Колодезников Дьокуускаайга суһал быһыыга-майгыга хамыыһыйа мунньаҕын тэрийдэ.

Николай Попов, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0