Ахсынньыга Бэрдьигэстээххэ успуорт комплекса арыллыаҕа

06.11.2020
Бөлөххө киир:

Горнай Бэрдьигэстээҕэр бу сыл ахсынньытыгар элбэх функциялаах успуорт саалата арыллыаҕа. Бу эбийиэк «Демография» национальнай бырайыак иһинэн «Спорт — норма жизни» федеральнай бырайыагынан тутуллар.

«Успуорт саалатын тутуу кыраапыгынан бара турар. Ититии киллэриллибитэ, билигин дьиэ иһигэр үлэ барар. Биллэн турар, Горнай улууһун уонна Бэрдьигэстээх сэлиэнньэтин олохтоохторугар улахан суолталаах тутуу буолар. Бу иннинэ биһиэхэ маннык улахан спортивнай эбийиэк суоҕа«, — диэн Горнай улууһун баһылыга Никита Андреев иһитиннэрэр.

Бу эбийиэк 2021 сылга Горнайга ыытыллыахтаах «Манчаары оонньууларын» көрсө тутуллар. Успуорт комплекса икки этээстээх, уопсайа 2478 кв.м. иэннээх. Манна волейбол, мини-футбол, баскетбол былаһааккалара бааллар. Итиэннэ буоксаҕа, эрчиллэргэ, судьуйаларга, прессаҕа, тириэньэрдэргэ, бырааска диэн туспа хостор былааннаммыттар.

Оонньуулары көрсө Горнайга өссө тыһыынча миэстэлээх стадион уонна оҕунан ытыы комплекса тутуллаллар.

Чэпчэки атлетикаҕа Арассыыйатааҕы күрэхтэһиилэр призердара, өрөспүүбүлүкэ уонна Уһук Илин федеральнай уокурук хас даҕаны төгүллээх чөмпүйүөнэ Ирина Осипова этэринэн, Бэрдьигэстээххэ арыллыахтаар успуорт эбийиэктэрэ улууска успуорт сайдыытыгар, нэһилиэнньэ чөл олохтоох буоларыгар тирэх буолаллар.

СИА.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0