Горнайга сылдьар кэммэр көрдөхпүнэ, Бэрдьигэстээх ырааһырбыта, хомуллубута харахха быраҕыллар. Манна этэллэринэн, Ырааһырдыы икки ыйа биллэриллэн, дьон-сэргэ, тэрилтэлэр бөһүөлэк иһинээҕи өттүн хомуйууга көхтөөхтүк кыттыбыттар.
Аны сотору кэминэн бөһүөлэк тулатынааҕы сирдэри ыраастааһыҥҥа элбэх үлэни былааннаабыттар. Итини биир көҕүлээччинэн улуустааҕы «Үлэ күүһэ» хаһыат буолбут. Бүгүн биһиги хаһыат кылаабынай эрэдээктэрэ Василий Алексеевы кытта кэпсэтиибитин билиһиннэрэбит.
— Василий Ильич, дьэ ити эһиги көҕүлээһиҥҥит туохтан төрүттээҕий, хантан саҕаламмытай?
— Биһиги ыраастык туттан, хомунан олоруохтаахпыт туһунан элбэхтик суруйабыт. Биллэн турар, сэлиэнньэ иһин, олорор дьиэ аттын туох да этиттэриитэ суох хомуйар барыбыт эбээһинэспит буоллаҕа. Билигин аны улахан болҕомтону сэлиэнньэ кытыы өттүгэр, дьон сынньана тахсар сирдэригэр уурарбыт наада. Ол гынан баран, бу үлэ сир ахсын күүскэ барарыгар, кураанах тыл буолбатыгар, бэйэ холобура наада дии саныыбын. Ол иһин биһиги 2009 с. саҕалаан, «Алаастарбытын, үрэхтэрбитин ыраастыаҕыҥ» диэн ыҥырыы таһааран, элбэхтик үлэлэстибит. Бастаан 40-ча сыл устата ипподром буола сылдьыбыт Өлөҥнөөх алааһын хас да сыл ыраастаабыппыт. Онтон Ытык сири – Эбэ алааһын, салгыы ырыаҕа ылламмыт Маатта үрэхпитин, кэлин норуот суруйааччылара Сэмэн, Соппуруон Даниловтар оҕо саастара ааспыт Бор алааһыгар Анюта аллеятын хомуйбуппут. Бу холобуру батыһан, билигин ыччаттар сыллата киэҥ сири, дамба тулатын хомуйар буолбуттара үөрүүлээх.
— Оттон быйылгы «Ыраас гектар» ыҥырыыгыт сүрүн ис хоһоонун билиһиннэриэҥ дуо?
— 2017 с. бүтүн Россия үрдүнэн Экология уонна ураты харыстанар сирдэр сыллара биллэриллэн, айылҕаны харыстааһыҥҥа киэҥ хабааннааах үлэни ыытарга улахан соруктар тураллар. Саха дьоно былыр-былыргыттан үҥэр-сүктэр таҥараларынан айылҕа этэ. Хас биирдии ыалы олорор алаастара, үрэхтэрэ дууһаларын тутара. Олус да үчүгэй буолара, кыыдааннах кыһын кэнниттэн сайылыкка тахсыы! Ити кэмтэн ыла кыра оҕо айылҕаҕа истиҥ, ураты харыстабыллаах сыһыаҥҥа иитиллэн барара. Ача күөҕүнэн, кэрэчээн сибэккилэринэн симэммит алаастара, кылыгырыы устар үрүччэлэрэ, ыраас уулаах үрэхтэрэ, күөллэригэр кус-хаас тойуга—бу барыта киһини кэрэҕэ-сырдыкка, үөрүүгэ-көтүүгэ көҕүлүүр айылҕа күндү бэлэҕэ этэ.
Итинник үтүө үгэс, сырдык санаа саҥа көлүөнэ дьоҥҥо салҕанан бара турарыгар бары кыһалла сатыыбыт.
Быйыл үөһэ этиллибит хамсааһын улууспут бары нэһилиэктэригэр киэҥник тарҕаныан баҕарабыт. Кэлиҥҥи кэмҥэ сэлиэнньэлэрбит тулатыгар бөҕү көҥүлэ суох тоҕор сирдэр сыллата элбии тураллар. Маннык салҕанан бара турдаҕына, аҕыйах сылынан аттыбытынааҕы экологиябытыгар улахан охсуу оҥоһуллар туруктаах.
Онон биһиги, 13 үлэһиттээх эрэдээксийэ кэлэктиибэ, сүбэлэһэн баран, Бэрдьигэстээх тулатыгар биир гектар сири ыраастыырга быһаарынныбыт.
Билигин дойдуга «Уһук Илиҥҥи гектар», «Саха сирин гектара» диэн сир ылыытыгар улахан хамсааһыннар бараллар. Ити олус наадалаах, көмөлөөх, бэйэҕэ ылан туһаныы буоллаҕына, биһиги көҕүлээһиммит олорор түөлбэҕэ, улууска туһалааҕын быһыытынан, «Ыраас гектар» диэн аатынан, сир ахсын өйөнөрүгэр баҕарабыт. Тэрилтэлэр бары төһө үлэһиттэрдээхтэринэн көрөн, улахан тэрилтэлэр элбэҕи, аҕыйах ахсааннаах үлэһиттээхтэр бэйэлэригэр сөптөөҕү ыраастааталлар, кэлэр өттүгэр ыраас айылҕаланыа, бөҕү бэйдиэ тоҕуу аҕыйатыллыа, иитэр-үөрэтэр үлэҕэ да көмөлөөх буолуо этэ.
— Ыҥырыыгытын төһө өйөөтүлэр?
— Мин санаабар, тэрилтэ барыта кыттыаҕа, Бэрдьигэстээххэ нэһилиэк баһылыга М.С.Парфенов ханнык тэрилтэ ханна ыраастыахтааҕын барытын хаарта оҥорон түҥэттэ. Билиҥҥи туругунан, элбэх тэрилтэ анаммыт сирин ыраастаата. Атын нэһилиэктэргэ тэрилтэлэринэн эрэ буолбакка, түөлбэлэринэн, ыалларынан кыттыһан, «Ыраас гектар» ылан, ыраастааһын киэҥник барарыгар баҕарабыт. Ыҥырыы хаһыакка тахсан турар.
Онон улууспут дьоно-сэргэтэ быйылгы Экология сылыгар, Сахабыт сирин үрдүнэн гражданскай көҕүлээһин күүһүрбүт кэмигэр, хас биирдии киһи олорор түөлбэтэ ыраас буолуутугар кыһамньылаах сыһыаны көрдөрөрүгэр эрэллээхпит.
Онон маннык «Ыраас гектар» хамсааһын Горнайы таһынан атын улуустарга эмиэ тарҕанан, Экология сылыгар итинник сонун көҕүлээһин тэнийэн иһэригэр баҕарабыт.
Прокопий Бубякин, https://edersaas.ru