Саҥа дьылга диэри бензин ыараабат

29.11.2016
Бөлөххө киир:

2017 сыл тохсунньу 1 күнүттэн сыаналара үрдүөхтээх табаардар уонна өҥөнү оҥоруу испииһэгэр уматык төрдүс миэстэҕэ сылдьар. Экспертэр Россияҕа кэлэр сыл саҥатыгар уматык сыаната төһө бырыһыан үрдүөхтээҕин бу диэн быһааран этэ иликтэр.

benzin-2Бензин сыаната тоҕо чэпчээбэтий?

Бензин сыаната үрдүүрүттэн бүддьүөт хаҥыырын иһин, судаарыстыба түһэрэр кыаҕа суох диэн аналитиктар быһаараллар.

Аан дойду үрдүнэн ньиэп сыаната кыралаан түһэ турарынан ситимнээн, уматык сыаната ону батыһыа дии саныыбыт эрээри, оннук буолбатах. Биир тылынан, ньиэп «түһүүтэ-тахсыыта» бензин сыанатыгар дьайбат.

Уматык сыанатын сир баайын хостуурга бэриллэр нолуок, акциз, ньиэп собуоттарын өҥөтө, тиэйии-таһыы уонна атыылыыр хампаанньалар сыананы быһыылара быһаараллар. Бензин атыытыттан киирэр барыстан 60 %-нын судаарыстыба (акциз уонна сир баайын хостуурга бэриллэр нолуок – НДПИ) ылар. Дьиҥэр, судаарыстыба сыана түһүүтүн-тахсыытын төһө баҕарар хонтуруоллуур кыахтаах. Этэргэ дылы, сананнаҕына, икки төгүл да түһэриэн сөп диэн экспертэр быһаараллар.

«РБК» дьыалабыай хаһыат суруйарынан, 2017 сыллааҕы бүддьүөккэ сир баайын хостууртан киирэр нолуок уонна акциз үрдүүллэрин суотугар 200 млрд солк. киирэрэ былааннаныллар. Ол гынан баран, маны олоххо киллэриини сорохтор атыннык быһаараллар. Ол курдук, ити сууманы РФ Үбүн министиэристибэтэ ньиэп хампаанньаларыттан сир баайын хостуур нолуок көмөтүнэн быһа үктээн ылаары гынар. Ол оннугар таска таһаарыы түһээнин кыччатан биэрэргэ сорунар – ол аата 42 %-тан 30 %-ҥа диэри түһэрэр санаалаах. Итини тэҥэ, бензин уонна дизельнэй уматык акцизтарын кыччатыан баҕарар. Бу этиилэр олоххо киирдэхтэринэ, 2017 сылга лиитэрэ бензин 0,8 солк кыччыан, сэлээркэ төттөрүтүн 0,6 солк. үрдүөн сөп.

Экспертэр санаалара

     Саха сиригэр кэлэр сыл саҥатыгар уматык сыаната хайдах буолуоҕун өрөспүүбүлүкэҕэ бензини атыылыыр «Сибойл» ХЭУо, «Туймаада-нефть», «ЯТЭК» хампаанньалартан ыйыталастыбыт. Балартан «ЯТЭК» хампаанньа сөптөөх иһитиннэриини биэрэр кыахпыт суох диэтэ.

Сибойл”

«Сибойл» хампаанньа генеральнай дириэктэрэ Сергей Черных:

Тэрилтэ 2017 сыл тохсунньу 1 күнүттэн бензин сыанатын үрдэппэт. Салгыы хайдах буоларын билигин этэр кыаллыбат.

«Туймаада-нефть» АУо

Атыылааһыҥҥа отдел исписэлииһэ Мира Наумова:

Сыл бүтүөр диэри бензин бары маркатыгар сыана оннунан хаалар. Кэлэр сыл тохсунньу 1 күнүттэн сыана үрдүө диэн этэр билигин кыаллыбат. Уларыйыы баар буолуон сөп.

Гаас уматыгын сыаната хайдах буолуой?

   Бензин сыаната үрдүү турарын нэһилиэнньэ, биллэн турар, сөбүлээбэт. Хармааҥҥа охсуута улаханын иһин, саҥа технология быһыытынан «Крузак» көлөлөрүн гааска көһөрөллөрө үксээтэ. Дьокуускай пропан-бутан уматыгы «Сахатранснефтегаз» уонна «ЯТЭК» хампаанньалар лиитэрэтин 20 солк. атыылыыллар.

Былырыын икки хампаанньаҕа сыана араас этэ: «Сахатранснефтегаз» гаас 1 лиитирэтин 18 солк. атыылыыр буоллаҕына, «ЯТЭК» 15 солк. батарар. Билигин ырыынак сокуонунан салайтаран диэххэ дуу, сыаналара тэҥнэһэн турар.

«Сахатранснефтегаз» ААУо гааһы таҥастыыр собуотун дириэктэрэ Владимир Романов: «Эһиил пропан-бутан сыанатын үрдэтэрбит буолуо диэн былааннаан олоробут эрээри, төһө солкуобайынан улаатарын чуолкайдыы иликпит. Биллэн турар, «ЯТЭК» хампаанньа эһиилги тарыыбын хайдах быһарыттан эмиэ тулуктаах», – диэн эппиэттээтэ. Ол аата гаас-уматык сыанатын «ЯТЭК» хампаанньа үүннүүр-тэһиинниир эбит диэн санааҕа кэлиэххэ сөп.

Россияҕа 2017 сыл тохсунньу 1 күнүттэн үрдүөхтээх табаар, өҥө испииһэгэ:

  1. Аһыы утах уонна табаах.

  2. Баай-дуол нолуогун ставката (физическэй сирэйдэргэ).

  3. Дьиэ уонна тимир көлө.

  4. Уматык.

  5. Коммунальнай өҥө.

  6. Бородуукта корзината.

  7. Транспорт өҥөтө.

  8. Медицинэ өҥөтө уонна эмп-том.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0