Бенто – тортиктары астыыр Дайаана Атласова

23.07.2023
Бөлөххө киир:
Хаартысканы Дайаана Атласова тиксэрдэ.

Торт курдук минньигэс аһы ким сөбүлээбэт буолуой? Ол курдук, ыччат бэйэтэ астыырга үөрэнэр холобурун кэпсиибит. М.К. Аммосов аатынан ХИФУ Хотугулуу – Илиҥҥи норуоттар тылларын уонна култуураларын институтун үһүс кууруһун устудьуона Дайаана Атласова бенто – тортары оҥоруунан дьарыктанар, Сэргэлээх олоҕун минньитэр.

Бенто – торт диэн хайдаҕый? Ханнык баҕарар кырачаан холбуйаҕа, эбэтэр ланч – бокска батар, тутарга, бэлэх оҥорорго табыгастаах кыра торт. Торт өлүүтүттэн уонна пирожнойтан улахан эрээри, көннөрү тортан кыра.

«Торт оҥорорго бастакы кууруска биидьийэ – уруогу атыылыһан үөрэммитим. Медовай, кыһыл баархат уонна шоколаднай тортиктары оҥоробун. Бэйэм торду сөбүлүүбүн аҕай. Ол иһин, холонон көрөр эбиппин дии санаабытым. Бастакы сакаастарбын күһүн оҥорон саҕалаабытым. Идиэйэлэри социальнай ситимнэргэ уонна араас сыһыарыыларга көрөбүн», — диэн кэпсээнин саҕалаата Дайаана.

Салгыы сэһэргиир: «Ингредиеннэрбин «Тортомагия”, “Для конитера” маҕаһыыннартан ылабын. Кириэмим – сырно – сливочнай. Ордук «Cremetto”, “Cream cheese” сыырдары туттабын. 2 киилэ ыллахпына, сыаната 1400 солк. курдук буолар. Уонна «Чудское озеро» курдук сливкины сөбүлээн туттабын.

Сэргэлээххэ атыылыыр буоламмын, устудьуоннар ордук төрөөбүт күннэргэ эҥин сакаастыыллар. Бастаан күһүн сакаас ылабар 500 солкуобайга атыылыыр этим, онтон билигин 450 – 500 кыраамнаахтары 650 – 700 солкуобайга сакаас ылабын».

Хаартысканы Дайаана Атласова тиксэрдэ.

— Дайаана, үөрэххэр торт астааһына мэһэйдээбэт дуо?

— Устудьуон буоламмын, бэйэбэр эбии харчы оҥосторум үчүгэй. Үөрэнэн бүтэн баран, астынан, сөбүлээн дьарыгырарым – торду астааһын. Бастаан оҥорон саҕалыырбар чугас дьонум, доҕотторум бастакы килийиэннэрбин буларга күүскэ көмөлөспүттэрэ. Билигин социальнай ситимнэргэ сирэйдээхпин. Онно үлэбин сырдатабын. Элбэх киһи суруйар буолбута.

+1
15
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0