Үрүҥ Күөл кистэлэҥнэрэ

16.10.2024
Бөлөххө киир:
Хаартыска: PxHere

Кырдьаҕас  сир диэн уһун үйэлэри уҥуордаан, дириҥ историяны саһыаран сытар ытык сирдэр ааттаналлар. Биһиги Сахабыт сиригэр улаҕаларын булбатах улуу хайалардаах, сүүрүгүрэн устар үрэхтэрдээх, үһүйээҥҥэ киирбит үгүс номохтордоох ытык сирдэр үтүмэн үгүстэр. Оннук кистэлэҥнээх, ураты тыыннаах, чараас эйгэлээх сиринэн Үрүҥ Күөл буолар. Мархалыыр уһун тыраасса хаҥас өттүгэр бу эбэ нэлэһийэр. Тулата отонноох оҥоойук тохтубутун курдук дьиэ-уот, тутуу үгүс. Ол дьиэлэр үрдүлэринэн, ыраах, үйэлэри билиммэккэ үрдүк мырааннар киэһээҥҥи сөрүүн салгыны эҕирийэн иһийэн тураллар. Элбэҕи көрбүт, билбит эрээри, ону барытын ыйыстан, түүҥҥү чуумпулуун силбэһэллэр.

Дьаарыстаммыт чааскылар

Бу түбэлтэни билэр дьахтарбыттан истибитим. Онтон ыла Үрүҥ Күөл таһынан айаннаан иһэн, бу түбэлтэ хайа дьиэҕэ буолбута  эбитэ буолла, диэн кистэлэҥи хонноҕор кистээбит бииртэн биир улахан дьэндэспит дьиэлэри таайа сатыыр буолбутум.

Икки оҕолоох эдэрчи ыал ыраах улуустан көһөн киирэн дьиэ куортамнаары биллэрии көрөртөн соло булбатахтар. Биирдии хостоох дьиэлэр оччолорго 15 тыһыынчаҕа тысхайан турар кэмнэригэр, икки эмдэй-сэмдэй оскуолаҕа үөрэнэр оҕолоох ыал кыараҕаһырҕатан, сыананы ыарырҕатан толкуйдана сылдьбыттар. Ол кэмҥэ аҕалара хаһыаттан «Үрүҥ Күөлгэ 10 тыһыынчаҕа икки этээстээх мас дьиэни куортамныыбыт» диэн биллэриини булан, көмүһү булбуттуу үөрэн ытыһын охсуммут. Дьиэлээх хаһаайыттар:  «Бүгүн да көһөн кэлиҥ, дьиэ босхолонон турар» диэн ыҥырбыттарыгар, аймахтарыгар кыараҕаска кыбыллан олорор ыал үөрэ түспүттэр. Бэлэм маллаах-саллаах, оннооҕор иһиттээх-хомуостаах мааны дьиэни олус сөбүлээбиттэр. Онуоха хаһаайыттар: – Сөбүлээтэххитинэ атыылаһан да ылыаххыт буоллаҕа дии кэлин, –  диэбиттэр. Дьиэлэммит дьон мал-сал бэринэн, чэй өрүнэн аһаан-сиэн этэҥҥэ хонон турбуттар.

Ол курдук сыл кэриҥэ олорбуттар. Арай, дьиктитэ диэн, дьиэ иһигэр иһит-хомуос биллибэтинэн сыҕарыйар, ууруллубут мал-сал миэстэтэ уларыйарын аан бастаан ийэлэрэ бэлиэтии көрбүт. Ол курдук, сарсыарда оҕолорун аһатаары киэһэ уурбут хобордооҕо билиитэ үрдүттэн сыҕарыйан остуолга кэлбит буолар, ньуоска, биилкэ итэҕэстийэр эбит. Дьахтар манна соччо кыһамматах. Оҕолор оскуолаттан соло булбат дьон, ону билбэтэхтэр. Сайын кэлбитигэр төрөөбүт дойдуларыгар сайылыы тахсар буолбуттар. Аҕалара тэҥинэн уоппуска ылан оҕолорун арыаллаан барбыт. Дьиэҕэ дьахтар соҕотох хаалбыт.

Биир сарсыарда туран чэй өрөөрү чаанньыгын көрдөөбүт да булбатах. Чэй да испэккэ үлэбэр барыам диэн сонун ылаары ыскаабын арыйбыта, арай чаанньыга онно турар үһү. Дьахтар мал-сал кыратык сыҕарыйыытын бэйэтин умнуганыгар балыйтаран кэргэнигэр кэпсээбэтэх буолан, бу сырыыга улаханнык соһуйбут да, куттаммыт да. Чаанньыгын ылан остуолга уураат, тахсан барбыт. Киэһэ кэлбитэ иһитэ-хомуоһа барыта биир-биир остуолга дьаарыстанан, кимнээх эрэ кэлэн аһаан барбыттарын дуу, аһыахтаахтарын дуу кэтэспиттии нэлэччи тардыллан турарыгар түбэспит. Төһө да куттаннар хайыай, аһаабыта буолбут. Иһитин хомуйан баран утуйбут. Сарсыарда үлэтигэр барарыгар аһыыр, чэй өрүнэр үгэһин бырахпыт. Буоларын курдук, түүн устата сыҕарыйбыт чааскыларын дьаарыстаан баран тахсан барбыт. Арай төлөпүөнүн халтаҥ сонун сиэбигэр хаалларбытын өйдөөн тута дьиэтигэр төннөн киирбитэ, туох баар иһитэ-хомуоһа барыта сиргэ субу дьаарыстанан, тилэх баттаспыттыы аан айаҕар тиийэ кэккэлэһэн ахан тураллар эбит. Дьахтар соһуйан, уолуйан төрүт да аттыбар кэккэлэһэ сылдьар көстүбэт күүс баар эбит  диэн төлөпүөнүн да ылбакка таһырдьа куоппут уонна ол дьиэҕэ иккистээн төннүбэтэх.

Оһох оттооччу

Бу оройуоҥҥа биир маныаха маарынныыр түбэлтэни эт кулгаахпынан истибитим. Сайынын оҕуруот олордуохпут диэн эдэр ыал даача куортамнаан көһөн кэлбиттэр. Оттуллар оһохтоох, оҕуруот олордорго бары усулуобуйалаах, сэргэх олбуордаах дьиэҕэ көһөн киирбит күннэригэр, ыал аҕата оһох оттон уотун аһаппыт. Барбах, аатыгар эрэ оттубут оһоҕо арай түүн тыаһа-ууһа сүрдэммит, хардаҕас умайарын курдук тачыгыраан олорор үһү. Эр киһи ойон туран, бастакы этээскэ түһэн оһоҕун көрбүтэ, тигинэччи оттулла турар эбит. Хайыай, дьиктиргии саныы-саныы оронугар кэлэн сытаатын кытта, арай оһох билиитэтин хаппаҕа сыҕарыйар тыаһа иһиллибит. Ийэлэрэ куттанан оҕолорун кууһан олорбут, эр киһи аллараа түспүтэ доҕоор, уот кытыастан олорор эбит. Оһох билиитэтин хаппаҕа сыҕарыйан, буруо-тараа буолан эрэр эбит.  «Умайар буоллаҕына умайдын, абааһылаах дьиэҕэ хоммот эбиппит» диэт ыал аҕата оҕолорун, кэргэнин кытта турар бэйэлэрэ таһырдьа куоппуттар. Дьиктитэ диэн, таһырдьа оһох турбата төрүт даҕаны буруолаабакка турар эбит. Дьиэ даҕаны умайбатах. Онтон бу дьикти түбэлтэ кэнниттэн эдэр ыал Үрүҥ Күөл тулатыгар дьиэ куортамнаабат буолбуттар.

Туулаах киһи

Биһиэхэ, сахаларга, аһаҕас эттээх эбэтэр үһүс харахтаах эрэ киһи атын эйгэҕэ буолар быһыыны-майгыны этинэн-хаанынан билэр, көрөр диэн өйдөбүл баар. Ол эрээри, салгын хаартыската диэн олохсуйан хаалар ураты көстүү баар. Манныктан киһи куттаныа суохтааҕын туһунан эбэм өрүү кэпсиирэ.

Мин оҕо эрдэхпинэ, оттуур сирбит үрдүк халдьаайылаах, ортотугар төгүрүк күөллээх, халдьаайы үрдүнэн нэлэгэр сиргэ эргэ өтөхтөөх этэ. Биһиги, оҕолор, халдьаайы чараас отугар халтарыйан сырылыы оонньуурбут. Ол сылдьан арай көрдөхпүнэ, күөл кытыытыгар биир киһи туу көрө сылдьар. Ыраахтан көрөн аҕабыт хаһан туу аҕалан күөл кытыытыгар бырахпытын дьиктиргээн, халдьаайы таҥнары аҕабар сүүрдүм. Санаабар, ити туулаах мундулары көрө охсоору ыксыыбын. Чугаһаан истэхпинэ, туулаах киһим улам туман курдук сүтэн хаалла. Ийэлээх аҕабыт хоннох сиргэ бугулларын бэрийэ сылдьалларын көрөн олус куттанным. Онтум, кэлин санаатахха, былыргы хартыына олорон хаалбыт буолуон сөп. Уу үгүс информацияны хаартыска курдук илдьэ сылдьар диэн мээнэҕэ эппэттэр эбит. Ханнык эрэ кэмҥэ, бириэмэтигэр сөп түбэһиннэрэн атын эйгэттэн көстөн ааспыта буолуо дии саныыбын.

Кистэлэҥэ туохханый?

Сахабыт сиригэр элбэх эбэлэр, күөллэр бааллар. Үгүстэрин тула дьон  тоҕуоруһан, хас эмит үйэлэр усталарыгар аһаан, балыктаан, онтон ууланан-хаарданан олордохторо. Эбэлэри харыстаабат буолуу түмүгэр, уу киртийэр, балыга буомурар. Үрүҥ Күөл таһынан айаннаан истэххэ, эбэ барахсан киртийэн, куһаҕан сыт оннооҕор массыына иһигэр биллэр. Эбэ тула үгүс ыал олорор буолан, быһалыы ити эбэҕэ кир-хох түһэ турдаҕа. Тоҕо Үрүҥ Күөл тулатыгар биирдиилээн дьиэлэргэ таайыллыбатах таабырын баарый? Кимнээх олорон ааспыт олохторун омооно манна олохсуйан хаалбыта буолуой? Биһиги өбүгэлэрбит ууну кытта ситимнээх үгүс үһүйээни билэллэрэ. «Киэһэ хараҥаҕа сөтүөлээмэҥ, уу кыыһа илдьэ барыа» онтон да атын ис хоһоонноох номохтору истэ улааппыт буоламмын, испэр дьаархана, ытыгылыы саныыбын.

Сут-Холь диэн Тыва өрөспүүбүлүкэтигэр баар эбэ тылбааһыгар Үүт Күөл диэн ааттанар. Бу эбэ таһыгар олорбут отоһут эмээхсин биир хамыйах үүтү күөлгэ куппута, нөҥүө сарсыарда күөл үрдэ үүт туманынан бүрүллүбүтүн туһунан номох Тыва өрөспүүбүлүкэтин биир киэн туттуута буолар.  Норуот ахсын  Үүт күөллэр тустарынан номохтор балачча бааллар. Биһиги да Сахабыт сиригэр маныаха маарынныыр үһүйээн баар. Баай киһи үүт көлүйэ оҥороору хас күн аайы ыабыт үүтүн барытын тохторор эбит. Онто үүт көлүйэ буолан тахсыбытын туһунан Мэҥэ Хаҥалас улууһугар номох билигин даҕаны уостан түспэккэ кэпсэнэр. Хас биирдии сир-дойду былыргы историялаах, олорон ааспыт дьонноох-сэргэлээх. Ким хайдах-туох олорбутун биһиги хантан билиэхпитий? Баҕар, былыргы ааһар аартык суолга, үрэх быһа охсор сиригэр уһаайба сирэ быһыллан, дьон дьиэ туттуон сөп. Ол иһин өбүгэлэрбит сир быстаран, дьиэ-уот тутталларыгар барытын билгэлээн, билэн-көрөн баран тутталлара эбитэ үһү.

Кэлин, дьон уһаайба сирин атыылаһан баран кыратык уу киирэр эбэтэр сииктээх буоллаҕына, кумах куттаран уу ааһар сирин барытын бүөлээн кэбиһэр идэлэннилэр. Ол түмүгэр, ыаллыы олорор дьиэлэр анныларынан уу ааһан үгүс дьон дьиэтэ тэллэйдэнэр. Уу олохсуйбут сиригэр дьон дьиэ туттубат буолара. Уу олус элбэх информацияны илдьэ сылдьар. Маныаха, кирдээх уу бэйэтин кытта үгүс куһаҕаны илдьэ устан кэлэр кутталаах эбит. Үрүҥ Күөл арыллыбатах кистэлэҥнэрэ, кини былыр олорон ааспыт дьон-сэргэ, ити эҥээринэн айаннаабыт аартыктарын кытта ыкса ситимнээҕэ буолуо. Сорох сир атын эйгэҕэ аана аһыллан хаалан,  онон быһалыы сылдьар атын эйгэ ыалдьыттара дьон олоҕор быһаччы орооһор дьулаан түбэлтэлэрин кистэлэҥнэрэ үйэ саас таайыллыбат…

+1
2
+1
1
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
5