Бэлисипиэттээх улахан дьон уонна оҕолор болҕомтолоругар!

Ааптар: 
28.04.2017
Бөлөххө киир:

Халлаан сылыйан, уулуссаҕа бэлисипиэттээх оҕо да, улахан да дьон элбээн иһэр. Мантан сайын өссө элбиэхтэрэ турдаҕа. Онон сибээстээн, СӨ ИДьМ-тын Суолга куттал суох буолуутун судаарыстыбаннай иниспиэксийэтин полицейскайдара сэрэхтээх буоларга сүбэлииллэр.

Вера МАКАРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru


Ааспыт 2016 сылга Дьокуускайга уонна куорат таһынааҕы бөһүөлэктэргэ бэлисипиэттээх киһи (оҕо) кыттыылаах 12 суол быһылаана тахсыбыт. Онно 12 киһи (ол иһигэр, икки оҕо) эмсэҕэлээбит.

Бу ыйга номнуо икки түбэлтэ таҕыста.

Ол курдук, муус устар 22 күнүгэр, күнүс 13 ч. 35 мүн. Дьокуускай Госавтоинспекциятын дьуһуурунай чааһыгар бэлисипииэттээх оҕону массыына таарыйбытын туһунан иһитиннэрии киирбит. Пионерскай уулуссаҕа турар дьиэ тэлгэһэтигэр биир массыына кэннинэн айаннаары, бэлисипиэтинэн хатааһылыы сылдьар 9 саастаах кыыһы таарыйбыт. Дьолго, оҕо туох да эчэйии ылбатах, бэлиспиэтэ эрэ алдьаммыт.

Муус устар 23 күнүгэр аны Жатай бөһүөлэгэр, Строд уулуссатыгар турар дьиэ утарытыгар бэлисипиэттээх 8 саастаах уолу эмиэ массыына таарыйбыт. Суоппары ГИБДД иниспиэктэрдэрэ икки чаас иһинэн булбуттар.

Бу «Ниссан Кашкай» массыына 46 саастаах хаһаайына быһаарбытынан, маҕаһыын таһыгар оҕолор бэлисипиэтинэн хатааһылыы сылдьалларын көрбүт. Онтон эмискэ биир оҕо субу массыына иннигэр аҕай суолу туораабыт. Дьолго, бу уол эмиэ тугун да эчэппэтэх, ол иһин суоппар салгыы айаннаабыт, оттон оҕо дьиэлээбит.

Полиция санатар:

  • Суол быраабылаларын ирдэбилинэн, бэлисипиэтинэн сылдьар (хатааһылыыр) 14-тэн үөһэ саастаахтар суол, тротуар уҥа өттүнэн айанныахтаахтар.
  • 14-гэр диэри саастаахтар — тротуарынан, сатыы, бэлисипиэттээх дьон сылдьыахтаах сирдэринэн эрэ.
  • Бэлисипиэттээх, мопедтаах дьон хаҥас өттүгэр салайаллара, суолга төттөрү эргийэллэрэ бобуллар. 
  • Светофорга биитэр сатыы дьон туоруур сиригэр киһи бэлисипиэтиттэн түһэн, тимир көлөтүн аттыгар тутан туоруохтаах.
  • Халлаан хараҥардаҕына, ыраахтан сырдыгы тэйитэр таҥастаах айаннааҥ.

Вера МАКАРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: интернеттэн.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0