«Белинка» Саҥа дьыллааҕы кистэлэҥи арыйда

Ааптар: 
21.12.2019
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ тэрилтэлэргэ Саҥа дьыллааҕы тэрээһиннэр саҕаланнылар.

edersaas.ru

Дьокуускай куорат    В.Г. Белинскэй аатынан киинэммит бибилэтиэкэ (норуокка биллэринэн «Белинка») үлэһиттэрэ ааҕааччы интэриэһин тардар «Саҥа дьылы көрсө — ааҕааччылардыын» диэн бырааһынньыктааҕы настарыанньаны көтөҕөр икки күннээх тэрээһини аан бастаан тэрийэн ыыттылар.

Ол курдук, киһи уйулҕатын, дьылҕатын кумааҕынан кырыйан билгэлиир Татьяна Никифорова-Тайаана харысхал оҥорорго маастар-кылаас ыытта.

Этнопсихолог Вероника Александрова-Эрэлкээнэ ааҕааччыларга «Баҕа санаа» каартатын оҥортордо.

Оттон нумеролог Марфа Дорофеева  ис кыаҕы арыйар бэрт интэриэһинэй маастар-кылааһы ыытта. Кини киһи күүстээх уонна мөлтөх өрүттэрин, ситиһии кодун уо. д. а. интэриэһинэй кистэлэҥи арыйда.

Кэрэхсэбиллээҕэ баар, бибилэтиэкэрдэр тэрийбит  «Белинка» доҕотторо» диэн батсаап бөлөҕүттэн билэн, икки күнү быһа эдэрдиин-эмэнниин ааҕар сааланы толору киһи муһунна. Онон «белинкалар» социальнай ситим нөҥүө ааҕааччыларын кытта билсэ, санааларын атастаһа олороллор. Бу бибилэтиэкэҕэ дьону-сэргэни тардыыга үлэ биир бэртээхэй көрүҥэ буоларын икки күн устата ыытыллыбыт тэрээһиннэргэ дьон хото сылдьыыта туоһулаата.

Тэрээһини ыытыыга «Арассыыйа почтата» АУо уонна «Бичик» национальнай кинигэ кыһата араас кинигэнэн, сурунаалынан, сэртипикээтинэн бэлэх оҥорон өйөөтүлэр.

Бу күннэргэ «Белинка» ааҕааччыларыгар анаан кинигэ быыстапкатын тэрийдэ. Онон Саҥа дьыллааҕы настарыанньаны дууһатыгар саҕыан баҕалаах киин куорат бу бибилэтиэкэтигэр хайаан да киирэ сылдьыҥ.

Саҥа дьыл бырааһынньыга, сааһыттан тутулуга суох, үүнэр сылга туох эрэ кэрэни, кэскиллээҕи, уһулуччулааҕы кэтэһии, дууһа кылын таарыйан, бэйэни иһиллэнии кэмэ буолар.

Ол да иһин буолуо, биһиги дьон баҕа санаатын таба таайан, киһиэхэ сырдыгы, кэрэни,  ыра туолуутун, уйулҕа таабырыннаах кистэлэҥин кытта сибээстээх дьарыктаах, айылҕаттан айдарыылаах бэрт интэриэһинэй дьону кытта көрсүһүүлэри анаан тэрийдибит, — диэн  В.Г. Белинскэй аатынан киинэммит бибилэтиэкэ ааҕар саалатын сэбиэдиссэйэ Ньургуйаана Слепцова санаатын үллэһиннэ. Кырдьыга да оннук. Бу күннэргэ киһи сырдыкка, кэрэҕэ, ырааска дьулуһуута күүһүрэр. Ол ону Саҥа дьыл бырааһынньыгын тыына саҕар.

Күндү ааҕааччыларбыт, нумерология көмөтүнэн дьылҕатын киһи бэйэтэ оҥорорун, баҕа санаа каартатын оҥорон, тугу баҕарбыккын   хайдах бэйэҕэ хайдах тардыахха сөбүн, уо. д. а. киһи болҕомтотун тардар дьиктилээхэй кистэлэҥ туһунан «Саха сирэ» хаһыат ахсынньы 26 күнүнээҕи Саҥа дьыллааҕы нүөмэригэр сиһилии ааҕаарыҥ.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыскаҕа ааптар түһэриитэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0