Бэлиитиктэргэ “Олимпиада-2018” номнуо саҕаланна

Ааптар: 
23.02.2017
Бөлөххө киир:

Бары билэргит курдук, эһиил Соҕуруу Корея Пхёнчхан куоратыгар XXIII кыһыҥҥы Олимпийскай оонньуу уота умайыаҕа. Бэрт сотору кэминэн түөрт сылга биирдэ ыытыллар бу улахан түһүлгэҕэ кыттар быраабы ылар иһин сүүмэрдиир күрэхтэһиилэр саҕаланыахтара.

Роман Попов, “Саха сирэ” хаһыат, https://edersaas.ru

Ол эрээри, хомойуох иһин, Олимпийскай оонньуулар күөннэригэр бэлиитиктэр киирсиилэрэ номнуо саҕаланна. Соторутааҕыта Япония тас дойдулар дьыалаларыгар миниистирэ Фумио Кисида Олимпиада-2018 сайтыгар мөккүөрдээх арыылары ахтыы тулуйуллубат быһыы буоларын эттэ. Бу туһунан Associated Press иһитиннэрэр.

Япония бэрэстэбиитэлин чуолаан “Токто кэриэйдэр сүрэхтэригэр ураты миэстэни ылар” диэн этии симитиннэрбит. Биллэрин курдук, Японскай муора арҕаатыгар баар Лианкур арыыларын, ол иһигэр Токто арыыны, Соҕуруу Корея уонна Япония иккиэн бэйэлэрин сирдэринэн ааҕаллар.

Кисида этэринэн, сайтка тахсыбыт итинник этиилэр хардарыта өйдөһүүгэ ыҥырар, спортка бэлиитикэни умньууру утарар Олимпийскай хартияны кэһиинэн буолаллар.

Санатар буоллахха, XXIII кыһыҥҥы Олимпийскай оонньуулар 2018 сыл олунньу 9 – 25 күннэригэр Корея Өрөспүүбүлүкэтин Пхенчхан куоратыгар буолуохтара.

Роман Попов, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0