Туспа Өрөспүүбүлүкэ буоларбытын туруулаһан олохтоспут сүдү биир дойдулааҕым Исидор Никифорович Бараахап төрөөбүтэ 115 сылыгар анаан 2013 сыллаахха суруйбут ахтыы-хоһооммун ыытабын. Бу хоһоону 2013 сыллаахха киниэхэ анаммыт хоһоон күрэһигэр төһө да уһунун иһин аахпытым. Ытыктыыр учууталым Уран Ньукулай баһылыктаах дьүүллүүр сүбэ бастакы миэстэни биэрбитэ.
Бэлиэ сылынан сибээстээн кыратык эбэн биэрдим диэн суруйар ааптар Валентина Шологонова.
Бииргэ төрөөбүттэрэ
Бары төннөн испиттэриттэн,
Буулаабыт хара тыынтан
Булгу куоттарар санааттан, ийэтэ
Быыһанаатын, хотон түннүгүнэн
Биллэрбэккэ кимҥэ да, Харбалааҕыттан
Быыра ыраах Өргүөккэ куоттарбыттара.
Буутун этэ
Буһан-ситэн,
Борбуйун көтөҕөн,
Бөҕөтүк атаҕар тураат,
Быспыта өтөҕүн.
Бүргэһи куулга кистээбэккин-
Баара
Батарбатаҕа,
Битин-билгэтин, оҥоһуутун ыйааҕынан
Буолуммакка,
Батынан,
Биһигин ыйаабыт сириттэн
Барбыта ыраах
Баҕалаах сирдэринэн
Билии сомсо, үөрэнэ
Билэ-көрө, үүнэ-сайда…
Былыр,
Бэйэтин үйэтигэр
Быста дьадаҥытык олорбут
Балыксыт эһэтэ Уйбаан
Баҕарбатаҕа
Баар суох сиэнэ Исиидэр
Буор кута саҥардыы
Бухатыйан эрдэҕинэ Харбалааҕыттан
Барыаҕын, ыраатыаҕын.
Барахсан,
Бука, сүрэҕэр ыттаран эбитэ дуу,
Биитэр таптыыра
Бэрдиттэн эбитэ дуу,
Бэйэтиттэн чугас
Бэтэрээҥҥи ыырдарынан
Батыһыннарыан
Баҕараахтаатаҕа…
Бэлэс-сүрэх, үлэ-хамнас,
Балаһын-көлөһүн
Бөҕөтө аллан
Биһиги, сахалар сүрүн
Бастыҥ
Баайбыт, сүөһү- сылгы
Баһын ахсаанын
Баһаамнык элбэтэн,
Бааһына солоон оҥостон,
Бурдугу дэлэйдик ыһан- хомуйан,
Бүгүҥҥээҥҥэ дылы турар
Бөҕө-таҕа тутуунан дьарыгыран,
Билиҥҥинэн эттэххэ
Биснэсимиэн-урбаанньыт
Биитэр
Бааһынай,
Биэрмэр тэҥэ буолан,
Баҕатыйан туран,
Баһаам
Баайы-дуолу мунньунан,
Барҕарбыт маанылаах аҕата Никииппэр
Биэрэр, ыытар,
Бэрсэр үбүнэн Үөһээ Бүлүүттэн саҕалаан,
Бүлүүнэн, Дьокуускайынан,
Бүтүн Сойууска Москубаҕа тиийэ,
Бэрт наадалаах үөрэхтэри
Бэри-бэркэ
Бүтэртээн
Бастаан
“Б”-ны,” А”-ны үөрэтэр
Билии
Биэрэр учуутал, онтон
Былаанныыр учуонай- экэнэмиис,
Бэлиитик ааттааҕа,
Бас-көс салайааччы идэлэрин
Баһылаан аатырбыта,
Бар дьонун үөрдүбүтэ.
Билиитинэн, өйө дириҥинэн сөхтөрөн,
“Бөлүһүөк-экэнэмиис” дэппитэ,
Биллибитэ, сураҕырбыта
Бүтүн Арассыыйа үрдүнэн.
Бу мантан саҕаламмыта
Барыта салайар үлэҕэ
Баһылаан-көһүлээн сылдьааһына.
Бэрт эдэриттэн Сэбиэскэй
Былаас туһа диэн
Буһууну-итиини, хараҥа хаайыыны
Билбитэ этинэн-хаанынан.
Боломуочуйалаах буолан
Бойобуой дуруһууна тэринэн
Бандьыыттары утары кыргыспыта,
Былааһы Сэбиэккэ
Биэрэри,
Баартыйата тэриллэрин
Буһан-хатан ситиспитэ.
Быһаҕаһы-итэҕэһи
Булгуччу сирэйгэ этэр
Быһа бааччы харса суох тыллаах,
Бэрээдэктээх, хорсун- хоодуот буолан,
Биирдэ тахсыбыт
Балысхан сыыһаттан чаҕыйан турбакка
Байыаннай чаастарга
Бэриллибит, ыытыллыбыт
Бюро уодаһыннаах, сыысхаллаах
Бирикээһин өйдүү охсон, көтүртэрэн,
Бүттүүн сахатын норуотун
Быстах өлүүттэн-сүтүүттэн, эрэйтэн-муҥтан
Быһымах
Быһыылартан, сойуолаһыылартан
Быыһаабыта хаһан да умнуллубатын.
Былатыан Ойуунускайдааҕы, Омуоһаптааҕы кытта
Бэрт уустук дьыаланы –суверенитеты,
Бэйэбит аптаныамыйабытын ылынан
Бэйэбитин бэйэбит салайынар,
Бас билинэр, үүнэр-сайдар
Буолунай элбэх
Бырааптаах туспа өрөспүүбүлүкэ
Буоларбытын туруулаһан, сыралаһан ситиһиигэ
Биллэр саамай
Бастыҥ оруолу ылан,
Бастакы Саха
Бырабыыталыстыбатын
Бастакы
Бэрэссэдээтэлэ
Буолбута.
Бэл маҥнайгы “Манчаары” хаһыат,
Билиҥҥинэн “Саха сирэ” хаһыаппыт
Бэрээдэктэнэн,
Буоппустанан,
Бэчээттэнэн тахсарыгар
Бастакы нүөмэрдээх эрэдээктэринэн эмиэ кини буолбута .
Бэрт элбэх сийиэскэ Москубаҕа
Билиэттээх-мандааттаах дэлэгээт
Буолан талыллан, туһалаах-наадалаах
Боппуруостары хорсуннук туруорсубута:
Бар дьоно –
Биһиги сахалар
Бүгүҥҥү дьоллоох олохпут туһугар
Барҕара сайдарбыт иннигэр
Бырамыысылыннаһы, тыа сирин
Балысханнык атаҕар туруорар сыалтан
Биир бастакынан
Баайы сиртэн хостуур, суолу оҥорор,
Бөдөҥ
Борохуостубаны тэрийэр,
Буойас тимир суолун тутар
Боппуруостары туруорсан,
Баҕатын , дириҥ толкуйун этинэн,
Билиитин-өйүн ууран, ааҕан-суоттаан,
Быһаарсан, көрдөрөн,
Буһа-хата үлэлээн-хамнаан
Барытыгар дөбөҥнүк
Биллэр үтүө түмүктэри ситиһэн
Биллибитэ оччотооҕу Сахабыт Сирэ:
Баалабай оҥорон таһаарыыга
Бүтүн киэҥ Арассыыйа үрдүнэн
Бочуоттаах иккис миэстэни ылбыта.
Бу маннык улахан ситиһии
Биллибэт ээ кэлин куоһарыллыбыта.
Бастыҥ
Баайбыт – тылбыт
Бырааба кэҥииригэр
Бичигэ-суруга сайдарыгар
Бириэмэтин харыһыйбата,
Болҕомтотун ууран, кыһаллан
Бакуга буолбут
Бастакы түүр омук тылга, сурукка
Быһаарыылаах сийиэһигэр
Биллиилээх Алампа, Күндэ суруйааччылардыын
Баһылаан-көһүлээн кыттыбыта,
Бөрөсөдьүүмүгэр олорбута,
Бииргэлэммит алпабыыт
Бэчээттэнэрин туһунан,
Быраап саха, нуучча тылларыгар
Биир буолуохтааҕын туһунан
Бэрт астык дакылааты оҥорбута,
Бэл сурунаалга кытта
Бэчээттэнэн тахсыбыта.
Барыыһы хайдах ылар,
Бүлдьүөтү хайдах тыырар,
Быраап, сайдыы
Байыы-тайыы
Барҕарыы тустарынан
Баһаам чинчийэр үлэлэрин кинигэтин,
Брошюраларын,
Буклеттарын
Былыргыттан
Быйылгыга диэритин
Биллиилээх учуонайдарбыт
Буруйан-сирийэн туран,
Билсэн-үөрэтэн, чинчийэн
Баараҕай сайдыыны түстүүр,
Бүрүүкүүр кириизистэн
Быыһанарга туттуллар,
Былыр сурулуннар да,
Бүгүҥҥү күҥҥэ, олоххо
Быһаччы сыһыаннааҕын, улахан көмөлөөҕүн
Билинэннэр, сэргээннэр — сэҥээрэннэр
Буолунайдык туһаналларын
Билэн-истэн сөҕөбүт уонна
Бугурдук диэн
Баҕа санааҕа кэлэбит:
Бас-көс киһибит
Бастыҥ үлэлэрин
Бэһистэн үөһэ кылаастарга-
Баарталарга олорор оҕолорго
“Биэһи”,”түөрдү” хомуйар
Биридимиэт гынан
Булгуччулаах үөрэх
Бырагыраамматыгар киллэрдэллэр,
Бэрт да туһалаах дьыала
Буолуох эбит инникитин.
Бэрт кылгас да кэмҥэ-
Былыта суох халлаан
Бачыгырыыр сулуһун тэҥэ-
Бүтүннүү чаҕылыйан аастар да,
Бүгүҥҥү дьоллоох олохпут
Барҕарарын туһугар
“Баарын барытын ууран”
Баараҕайдаах үлэни оҥорбута да,
Барытын туора соппут
Балыырдаах-дьалхааннаах,
Бутуурдаах-буккуурдаах,
Бутумах,
Баламат да сыллар
Буурҕалыы ытыллан
Бүрүүкээн кэлтэрэ.
Бэйэбит
Баар-суох уолбутун
Биллэр-көстөр убайдарын курдук
Буркун ала холоругунан
Бүдүмүккэ киллэрэн,
Будулҕан гына
Булгу сөрөөн ыланнар,
Буору кытта буор, сири кытта сир гыммыттара.
Бүттүүн бэйэтин анаабыт,
Быардыын-сүрэхтиин
Бэриниилээхтик өйөөбүт, олохтообут
Былааһа, хомойуох иһин,
Бөрө буолан сундулуйан
Бултаһан, эккирэтэн кэлэн,
Бэрбээкэйигэр түһэн, охторон,
Бэртээхэй эдэркээн олоҕун
Былдьаан ылан
Быспыта, эчи, кыһыыкатыан!
Баҕанатын дуома
Биллибэт сиргэ
Бытарыйан, эмэҕирэн
Быыл буола көттөҕө…
Билигин Эйигин
Боруонсаттан кутуллубут,
Бүүстэргэ көрөбүт,
Биэлэй — маҥан мыраамар
Бааматынньыккын,
Бүлүү
Бэдэрээлинэй суолунан
Бары айаннааччы көрөн ааһар,
Баабкалаах хааман иһэриҥ
Байааркап уулусса силбэһиитигэр
Бэркэ чочуллан турбутугар
Бөнүөк сибэкки хоҥкуйар…
Бэйэҥ ааккын сүгэр уулуссаҕынан
Бурҕачыта көтүтэбит,
Бытарыһа хаамсабыт.
Бүгүн Эн Үрдүк Ааккын ааттатар
Бараахап араспаанньаны
Бочуоттаахтык сүгээччи
Баһаамыттан үөрэбит.
Бу сиргэ күнү көрдөрбүт, төрөппүт
Баар суох соҕотох уолгуттан Москубаҕа
Бука уонча киһи тарҕаатаҕа,
Бүтүннүү куккун-сүргүн,
Быһыыгын-таһааҕын, эккин-хааҥҥын илдьэ сылдьар
Бааһынай сиэттэриҥ, хос сиэттэриҥ
Барахсаттар этэҥҥэ эрэ буоланнар,
Бииргэм элбээн иһэллэригэр
Барҕа
Баҕабыт туолуохтун!
Бүгүн Эн ааккын сүкпүт
Бөдөҥ оскуолаҕа, сопхуоска
Бары үөрэнэн- үлэлээн ааспыт да,
Билигин үөрэнэ-үлэлии да сылдьар
Бараховецтар элбэхпит.
Биэтэги былдьаһан
Быа тэҥэ кутуруга субулла,
Быыппаста көтүтэр
Быһый-табый сүүрүк аттардаах,
Биэрэҥ ойор дьуохар үҥкүүлээх,
Быакалдьыйбыт “Сандаара Куолаах,”
Биллэр-көстөр сулус ырыаһыттардаах,
Быыппастыгас
Былчыҥнаах
Бөҕөс,
Быһый күөн көрсөр-
Бухатыырдар хапсыһар
Баҕахтаах
Быйылгы Ыһыахпыт
Бүлүү
Биэрэгэр Түгэхтэйгэ ыһыллан,
Барыта Эйиэхэ эрэ ананыа.
Бары төбөбүтүн хоҥкута,
Барҕа махтал тылы этэ,
Балыйбыт, хараардыбыт,
Буор куккун
Бурайбыт
Баламат
Былыргы дьон аатыттан
“Бырастыы гын даа” – диэн
Ботугураан ааттаһа,
Баараҕай музейгын
Биһирии, сөҕө-сэргии көрө-истэ,
Бүттүүн сүргэлиин көтөҕүллэн,
Бары мустан хомуллан
“Бараахап тыыннаахтан тыыннааххын” диэн
Бүтүн нэһилиэктэринэн ыллыы-туойа,
Бүгүн уруйдуу-айхаллыы, махтана
Бэлиэтиибит Сүдү Киһибит үбүлүөйүн.
Валентина Шологонова-Бүлүү КЫЫҺА