Аныгы кэмҥэ бэлэх оннугар сэртипикээт биэрии хото тарҕанна. Сорохтор маҕаһыыҥҥа тиийэн кэмигэр баттаһа ылбаппыт, болдьоҕун куоттаран кэбиһэбит. Ол эрээри, “РФ Туһанааччы быраабын көмүскүүр туһунан” сокуон атыны этэр эбит. Хайдах?
Бу туһунан “Эдэр саас” саайт дьиэ кэргэн юриһа, блогер Елизавета Эверстоваттан @elizavetaeverstova санаатын үллэстэригэр көрдөспүппүтүгэр маннык хоруйдаата:
— Ханнык эмэ бэлэххэ эбэтэр туох эбит өҥө оҥоһулуннаҕына маҕаһыыннарга сэртипикээт биэрэллэр. Сэртипикээккэ сыл иһинэн туһаныахтааххыт диэн болдьохтоох буолар. Ол гынан баран, сокуонунан сэртипикээт ыйыллыбыт болдьоҕо бүппүтүн да иһин, ол киһи сэртипикээтин туһаныан уонна харчытын төнүннэриэн сөп. “РФ Туһанааччы быраабын көмүскүүр туһунан” сокуоҥҥа олоҕуран, маҕаһыыҥҥа эрэйэр-модьуйар суругу (претензия) суруйдаҕына харчытын төнүннэриэхтээхтэр. Төнүннэрбэт түгэннэригэр бу киһи Роспотребнадзорга суруйуон эбэтэр суут нөҥүө бу харчытын ылыан сөп.
Онон сэртипикээттээх дьон болдьоҕо ааспыт диэн быраҕарга тиэтэйимэҥ, бэйэҕит быраапкытын билиҥ, туһаныҥ.
Людмила ПОПОВА. “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Хартыына: https://specnazdv.ru/info/sertificates/