Бэлэҕи сөптөөхтүк сыаналааҥ

01.12.2016
Бөлөххө киир:

Сорох кэрэ аҥаардар эр киһи киниэхэ бэлэх биэрэрин, төттөрү тугу эрэ эрэйэр буолан, бэлэх оҥорор дии саныыллар. Дьиҥэр, былыр-былыргыттан күүстээх аҥаар сөбүлүү көрөр кыыһыгар-дьахтарыгар үтүө санаанан салайтаран, бэлэх биэрэр, болҕомтотун уурар.

Билиҥҥи кэм кэрэ аҥаардара хайдах саныылларын интэриэһиргээтэххэ:

Наталья: «Мин биир билэр кыыһым мин салайааччыбын кытары биирдэ эрэ утуйбута уонна массыына бэлэх ылбыта…».

Соня: «Мөккүөрдээх боппуруос. Тоҕо диэтэххэ, эр дьон түүлээх холбукатыгар тугу буһарарын хантан билиэххиний уонна тугу баҕараллара эмиэ уратылаах. Эр киһи бэйэтин кэргэнигэр бэлэх биэрэр буоллаҕына, туох эрэ сыаллаах-соруктаах, тугу эрэ эрэйэн биэрэр дии санаабаппын. Киниэхэ үчүгэйи оҥороору, тапталын уонна кыһамньытын биллэрэн бэлэх оҥорор буоллаҕа. Оттон эдэр киһи кыыстыын улаханнык билсэ илик сылдьан, туох эрэ сыаналааҕы бэлэхтиир буоллаҕына, кыыс аккаастыыр бырааптаах, кимиэхэ да иэстээх хаалыа суохтаах (эр киһи оннук санаабатаҕын да үрдүнэн). Хаһан да кимиэхэ да тугу да бэлэхтээбэт эр дьон эмиэ баар буолар. Кинилэр, төттөрүтүн, дьахталлартан эрэйэллэр. Биир тылынан эттэххэ, бу орто дойдуга дьахталлар суохтара буоллар, сыаналаах бэлэхтэр да сыаннастара суох буолуо этэ».

Ольга: «Бэлэх кимиэхэ ананарыттан тутулуктаах. Сорох дьахталлар бэлэхтэппит малларыттан аһара үөрэллэр. Тоҕо диэтэххэ, кинилэр төһө да харчыларын мунньа сатаабыттарын иһин, бэйэлэрэ ылар кыахтара суоҕун билэллэр. Оттон кинини үөрдүбүт баай эр киһиэхэ ити бэлэҕэ муораҕа хааппылаҕа тэҥнээҕэ буолуо. Онон, ити түбэлтэҕэ эр киһи дьахтартан тугу эрэ эрэйэрэ, күүтэрэ буолуо дии санаабаппын. Онтон күндү бэлэҕи ылбыт дьахтар эбээһинэстээх курдук сананан, тугунан эрэ махталын тириэрдэ сатыа. Ол кинилэр сыһыаннарын буортулуон сөп».

Лариса: «Уопсайынан, мин санаабар, эр киһи дьахтарга бэлэх оҥорор уонна көмөлөһөр буоллаҕына, хардатын тугу эрэ күүтэр. Тоҕо диэтэххэ, кини син б

иир сөбүлүү көрөр киһитигэр эрэ бэлэх оҥорор уонна көмөлөһөр, ол аата утары сыһыаны эрэйэр».

Катерина: «Баай, туруктаах эр дьон бэлэх оҥороллорун туохха да уурбаттарын итэҕэйбитим. Билэр эр киһим орто саастаах дьахтар бизнеһин сайдарыгар харчы биэрбитэ. Ханнык да сиэкиһи, тапталы уонна харчытын төттөрү биэрэрин эрэйбэккэ туран. «Эйиэхэ 7 тыһыынча «от күөҕү» биэрэбин. Тыалга ыспакка, дьыалаҕа туһанаргар эрэнэбин», – эрэ диэбитэ. Ол оннугар бизнеһэ хайдах сайдан иһэрин наар интэриэһиргиир, сүбэлиир-амалыыр, көмөлөһөр. Онтон иккиэн астыналлар.

Света: «Бэлэх да араас буолар. Ким эрэ мөлүйүөн розаны, ким эрэ биир дьэрэкээн сибэккини тутуон баҕарыа. Бэлэҕи сатаан биэрии – эмиэ айылҕаттан бэриллэр талаан. Кэрэ аҥаардары соһуччу үөрдэр, умнуллубат түгэннэри бэлэхтиир эр дьоҥҥо махтанабын. Бэлэх сыанатыгар буолбатах».

Роза: «Мин санаабар, эр киһи кэрэ аҥаарга сыаналаах бэлэҕи оҥороро киниттэн тугу эрэ ситиһэ сатыырыттан буолбатах. Төттөрүтүн, кинини хайдах курдук таптыырын, баар сыһыаннарын сыаналыырын биллэрэр. Дьахтар эмиэ оннук эппиэттиир буоллаҕа».

Сылаанньыйа СЫЛЛЫЫРАБА

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0