Талан ылбыт идэбин олус астынабын. Өр сылларга көмүс хостооһунугар модун күүстээх “БелАЗ” диэн тиэхиньикэҕэ үлэлээн, араас омук дьонун кытта алтыһан кэллим. Усуйаана оройуонугар ыал буолан, оҕо-уруу төрөтөн, саха ыала буолан, Кулаар уонна Аллараа Кураанах бириискэлэригэр өр сылларга үлэлээн биэнсийэҕэ тахсан олоробун. Эдэр эрдэхпиттэн бу идэҕэ уһуйбут-такайбыт киһинэн инженер-мэхээнньик Василий Васильевич Мигалкин буолар. Билигин сааһыран да олордорбун, киниттэн сүбэлэтэ-амалата сылдьабын, ытыктыыбын, махтанабын.
Сандаарыкы
Василий Ритатын оскуолаҕа тохсус кылааска үөрэнэ сылдьан, аан бастаан көрөөт да туох эрэ атын иэйиигэ ылларан барбыта. “Өссө көрбүт киһи” диэн баҕа санаа үүйэ-хаайа тутарын билбитэ. Ол саҕана, ааспыт үйэ алта уонус сылларыгар, оскуолалар икки ардыларыгар араас спортивнай да, уус-уран самодеятельность да күрэхтэһиилэрэ элбэхтик ыытыллаллара. Дьэ онно этэ – сыанаҕа хоһоон ааҕа тахсыбыт кыыс уол сүрэҕин бастаан долгуппута, ити ыаллыы нэһилиэк орто оскуолатын тохсус кылаастара кэлэн кэнсиэр көрдөрбүттэрэ. Онтон киэһэлик үҥкүү буолбута да, тутатына кэпсэтии кыайан тахсыбатаҕа. Куп-кугас баттахтаах, сып-сырдык кыыс сыанаҕа тахсыбытыгар, кулууп иһэ кытта сырдыырга дылы гыммыта, дьылыгыр уһун уҥуохтаах кыыс нуучча улуу бэйиэтин хоһоонун олус ис киирбэхтик ааҕан биэрэн сөхтөрбүтэ. Кэлин билбитэ – кыыһы наһаа сырдык хааннааҕын иһин Сандаарыкы диэн ыаллара ааттыыллар эбит, “уулуссабыт ол иһин сырдаабыт”, –диэн утары көрсүбүт дьон этэллэрэ үһү.
“Оскуола – үлэ –үрдүк үөрэх”
Оччотооҕу салалта ирдэбилинэн, орто үөрэҕи бүтэрбит оҕолор төрөөбүт нэһилиэктэригэр “оскуола – үлэ – үрдүк үөрэх” диэн ыҥырыынан үлэлии хаалаллара. Икки сыл үлэлээн эрэ баран, үрдүк үөрэххэ туттарса бараллара көҥүллэнэрэ. Инньэ гынан, эдэр ыччат, ордук кыыс өттө кэргэн тахсан, уолаттар аармыйаҕа баран-кэлэн, ылбыт билиилэрин-көрүүлэрин умнан үөрэхтэн маппыт да элбэҕэ. Үгүстэр ыал буолан, оҕо-уруу тэнитэн нэһилиэктэригэр хаалан үлэһит буолаллара. Василийдаах кылааһынан холкуостарыгар оччотооҕу быһыы-майгы сиэринэн, тутуспутунан үлэлии тахсыбыттара. Уолаттар холкуоска болуотунньугунан, кыргыттар тэрилтэлэргэ, пиэрмэҕэ.
Соһуччу көрсүһүү
Арай биирдэ Василий оскуола таһынан ааһан иһэн көрдөҕүнэ, кирилиэскэ олус билэр, оҥоро сатаан саныыр-ахтар киһитигэр майгынныыр кыыс турар. Өйдөөн көрбүтэ, били, хоһоон аахпыт ыаллыы нэһилиэккэ олорор кыыһа эбит. Өр гыныа дуо, билбитэ: кыыс оскуолаҕа физика, химия уруогун кэбиниэтигэр лабараанынан үлэлии сылдьара. Кыыс киэһэ кулуупка көрбүтэ, мааҕыын оскуола аттыгар көрсүбүт уола табаарыһынаан киирдилэр. “Ол уол аата кимий?, – диэн дьүөгэтиттэн ыйыппытыгар, «Уһуна дуо?” – диэбитигэр, кыбыстан, долгуйан “Ол кырата”, – диэбитин кулгааҕа эрэ истэн хаалла. Инньэ гынан, уол аатын оҥоро сатаан, сэрэйэн Игорь диэн буолуо диэбитэ. Дьүөгэлэриттэн кэлин билбитэ – Вася диэн эбит. Ол киэһэ арахсыахтарын баҕарбакка, биэчэр бүтэ охсубутуттан хомойон, илии-илиилэриттэн ылсыһан, саҥата суох олорбуттара. Таптал көстүбэт ситимэ күүскэ кинилэри өссө ыга кууспута.
Олох үөһүгэр үктэнии, ыал буолуу
Василий оскуолаҕа үөрэнэ сырыттаҕына, холкуоска соҕурууттан мэхээнньигинэн эдэр нуучча уолаттара кэлэн үлэлииллэрэ. Олохтоох саха уолаттара биир-икки эрэ этилэрэ. Паартаҕа бииргэ олорор уолунуун инженер үөрэҕэр барыах буолан кэпсэппиттэрэ. Ол уол биир дойдулааҕа, нэһилиэгэр бастакынан үрдүк үөрэҕи бүтэрэн, мэхээнньик буолан кэлэн, холкуоска үлэлии сылдьара. Ол эрээри барыы саҕана уола аймаҕын аҕытаассыйатыгар киирэн биэрэн, Баһылай соҕотоҕун барар буолбута. Баһылай инженер-мэхээнньик буолар баҕатын толоро, Сибиир кырдьаҕас куоратыгар – Иркутскайга көппүтэ. Рита Дьокуускай куоракка медик буолар баҕатын толоро үөрэнэ хаалбыта. Бу уһун арахсыы, үөрэх кэмигэр кинилэри ис сүрэхтэн суруллар суруктара дууһаларын долгутара, тапталларын угуттуура. Кыһыҥҥы сынньалаҥ өр да күүттэрэрэ, уол Маай бырааһынньыгар медучилище уопсайыгар тиийэрэ. Ол курдук, биэс сылы быһа саас аайы Маай бырааһынньыктарын дьоллоох Дьокуускай куоракка ылаллара, сороҕор дьоллоох кэм сааскы Ньукуолуҥҥа диэри уһуура. Иккис куурус кэнниттэн атырдьах ыйыгар Саха сиригэр дьоллоох ыал эбиллэр уруута буолбута, аймах-билэ дьонноро, доҕотторо үөрбүттэрэ-көппүттэрэ, уһун дьоллоох олоҕу түстээбиттэрэ.
Тарас Десяткин сорудаҕын толоруу
Эдэр исписэлииһи уруккута “школа механизации” аата уларыйан, СПТУ-1 кубулуйбут училищеҕа производственнай үөрэхтээһин маастарынан анаабыттара. СПТУ салалтата уопсайдарыгар хос биэрэн, эдэр ыал онно олохсуйбута. Училище урукку өттүгэр тыа хаһаайыстыбатыгар мэхээнньиктэри, механизатордары бэлэмниирэ, норуот хаһаайыстыбатын өрө тардыыга кини таһаарбыт исписэлиистэрэ сүҥкэн үлэни оҥордохторо.
Ол кэмҥэ Саха сиригэр көмүс хостооһуна тэтимин ылан эрэр кэмэ этэ. Алдаҥҥа Аллараа Кураанах бириискэтигэр көмүһү ылгыырга Финляндияттан хайа рудатын байытар аныгы кэмҥэ эппиэттиир фабрика ылыллан, үлэлээн эрэрэ. Бириискэлэргэ СГУ-ну бүтэрбит геолог, хайа инженерэ идэлээх саха уолаттара элбээн испиттэрэ.
Оччотооҕуга «Якутзолото» тэрилтэ салайааччыта Тарас Десяткин эдэр педагог Василий Мигалкиҥҥа бириискэлэргэ олохтоох уолаттары үлэлэтэр инниттэн онно сөптөөх каадыры бэлэмнииргэ сорудахтаабыта. Василий ону ылынан, уон кылаас үөрэхтээх, аармыйаҕа сылдьыбыт уолаттары сүүмэрдээн барбыта. “Кыым” хаһыакка СПТУ-1 базатыгар “БелАЗ” массыына суоппардарын “Якутзолото” бириискэлэригэр үлэлииргэ анаан бэлэмниибит диэн биллэрии биэрбитигэр, баҕалах ыччат баалларын тута биллэрбиттэрэ. Кэлбит уолаттар байыаннай билиэттэрин, аттыстааттарын көрөн сүүмэрдээбитэ. Кинилэр ортолоругар мин эмиэ баарым. Тургутан көрүүнү этэҥҥэ ааспытым. Кини саҥа тэриллибит 46-с белазистар бөлөхтөрүн салайааччы уонна производственнай үөрэхтээһин маастарын быһыытынан үлэтин саҕалаабыта. Икки сыл үлэлээн, 60-тан тахса уолу көмүс хостуур бириискэлэргэ “БелАЗ” массыына суоппардарынан үлэҕэ атаарбыта.
Салайааччы быһыытынан кини уолаттарга бэйэтин үөлээннээхтэрин курдук сыһыаннаһара, үөрэтэрэ-такайара. Эдэр, эрчимнээх үлэһити оччотооҕу училище дириэктэрэ Иван Ларионов таба көрөн: “Үлэлээн истэххинэ. үөһэ тахсар кыахтаах киһигин”,– диэн ээр-сэмээр тыл кыбытара.
Дойдутугар үлэлии барыы
Ол кэмҥэ өрөспүүбүлүкэ салалтата, баартыйа ыйыытынан, тыа сирэ тэтимнээхтик сайдарыгар тиэхиньикэни туһаныыны көдьүүстээх оҥорууга эдэр инженердэр наадаларын туһунан эппитэ. Ону туһанан биир дойдулаахтара, оройуон салайааччылара Василийы, баартыйата суох эдэр киһини тылларыгар киллэрэн, Уус Алдан оройуонугар тыа хаһаайыстыбатын управлениетыгар кылаабынай инженер-мэхээнньигинэн таһаарбыттара. Оройуон үрдүнэн барыта 380-ча араас мааркалаах тыраахтар, 180-ча таһаҕас таһар массыына, 20-тэн тахса бурдук хомуйар хамбаайын баара, учуокка тураллара. Бу тиэхиньикэлэр көдьүүстээхтик үлэлииллэрэ тэрээһин, хонтуруол, идэлээх үлэһиттэр таһымнаах эрэ буоллахтарына ситиһиллэр. Манна Василий үөрэххэ ылбыт билиитэ, училищеҕа үлэлээбит уопута улаханнык туһалаабыта. Оройуон сопхуостарыгар механизатордар кылаастарын үрдэтэр үлэ күүскэ барбыта, онно анал хамыыһыйа тэриллэн үлэлээбитэ. Госсельтехнадзору кытта сылын аайы техническэй көрүү, механизатордар билиилэрин бэрэбиэркэлээн кылаастарын үрдэтэр тэрээһин барара. Сопхуостарга өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн биллэр рационализатордар баар буолан, илии үлэтин чэпчэтии күүскэ барара. Бу үлэлэр түмүктэринэн оройуон үрдүнэн сүөһүнү уулатыы 80 %-на, ынаҕы ыаһын 60 %-на механизация көмөтүнэн ыытыллар буолбута.
Кылаабынай инженеринэн
Оччолорго миэстэтигэр производствоҕа үлэлиир исписэлиис ордук сыаналанара. Ол иһин сопхуос кылаабынай исписэлииһин хамнаһа управление исписэлииһиттэн быдан үрдүгэ. 1981 сыллаахха Василийы улахан сопхуоска кылаабынай инженеринэн анаабыттара. Ол кэмҥэ бары сүүрэр, хамныыр тиэхиньикэттэн саҕалаан, оччотооҕуга үлэлии турар механизациянан таҥыллыбыт типовой хотоннор үлэлэрэ эмиэ инженер-мэхээнньик санныгар сүктэриллэрэ. Эбии аһылык буһарар хочуол, ынах сааҕын таһырдьа таһааран быраҕар транспортер, ынах ыыр аппараат, ынах уулууругар уу таһар водовоз массыына үлэтэ-хамнаһа барыта кини көрүүтүгэр сылдьара. Ханнык эрэ пиэрмэҕэ, учаастакка, сайылыкка, биир эмэ мотуор, носуос эбэтэр массыына туран хаалар түбэлтэтигэр аан бастаан киниэхэ эрийэн тиэрдэллэрэ. Кини барытын соҕотоҕун сылдьан оҥоруохтааҕын курдук буолара. Сорох үөннээх управляющайдар отделениеларын үлэтэ кыайтарбатаҕына, төһө да бэйэлэрэ орто исписэлиистэрдээх эрээри, кыайан дьаһамматахтарына, наар тиэхиньикэҕэ сигэнэллэрэ. Быһаччы дириэктэргэ үҥсэр салайааччылар кытта бааллара. Кинилэри Василий ньүдьү-балай дьонунан ааҕара уонна кэпсэтэ да барбата. Сайынын ыраах сайылыктартан ыаммыт үүт кэмигэр астыыр собуокка кэлбэккэ буорту буолан аһыйар түбэлтэтигэр, норуодунай хонтуруол мэхээнньик хамнаһын быстарар түбэлтэлэрэ кытта тахсара.
Уот кураан сылларга
1980-с сыллар ортолоругар илин эҥэр оройуоннарга өтөрүнэн кэлбэтэх кураан дьыллар сатыылаабыттара. Василий сопхуоһун түөрт улахан биригээдэтэ Кэбээйи оройуонун “Сииттэ” сопхуоһугар сир анатан сыл аайы онно оттообуттара. Ол кэмнэргэ Василий Аллараа Кураанах автобазатын кытта шефтэһэн, сопхуоһун улаханнык абыраабыта. Массыына кузовыгар төһө батарынан кураанах буочукалаах тиийэн дизельнэй, трансмиссионнай арыыны босхону үрдүнэн ылан кэлэрэ, ону таһынан, торуос, араас саппаас чаастарын. Онно үөрэппит уолаттара А.Азаров, Н.Румянцев, А.Павлов, В.Иванов үгэннээн үлэлии сылдьаллара. Ол сылдьан, уолаттарын салалтаны кытта кэпсэтэн өрө тарда сатыыра, барыларыгар дьиэлэригэр сылдьан билсэрэ.
Саас аайы оройуон салалтата, райсовет бэрэсэдээтэлэ бөртөлүөтүнэн Сииттэ ходуһаларын көрө баралларыгар Василийы сирдьитинэн ылаллара.
Хапытаан билиниитэ
1980-с сыллар бүтүүлэрэ этэ. Бартыһаан Саабылыскай аатынан сопхуос салалтата Сииттэҕэ сүүс киһилээх субуотунньук курдук тэрилтэ үлэһиттэринэн удаарынньык звено тэрийэн илдьээри гыммытыгар, айаннарыгар кыһалҕа үөскээбитэ. Ол маннык этэ. Теплоход Сииттэҕэ өрүс ортотугар тохтуура, дьону онтон моторкалар таһаллара. Онон сүүс киһини хайдах да сатаан тиэрдэр туруктара суоҕа, аны оттуур сэптэрэ-сэбиргэллэрэ элбэҕэ сыттаҕа. Сүүс киһини “Метеор” эрэ ылара. Үөһэттэн баартыйа баалкылыыра. Хайаан да от былаана туолуохтаах, баран оттооҥ дииллэрэ. Өрүс пуордун тойоно Савостиков “метеоры” биэрэбин, ол гынан баран, хапытаан, ирдэбил быһыытынан, дебаркадерга эрэ тохтуохтааҕа. Сопхуос дириэктэрэ Василийы ыҥыран ылан: «Райсоветтан эрийдилэр. Хапытааны кытта кэпсэттибит. Өлүөнэ өрүс орто сүнньүнэн хаҥас биэрэгин хас да сыл төттөрү-таары сыыйбыт киһи эн кытаат!», – диэн эппит. Суотту биэрэгэр хапытааны кытта билсэн баран айанныыллар. Киэһэ Сииттэҕэ чугаһаан баран, хапытаанныын өссө төгүл кэпсэтэн илии баттаһан баран, биэрэк диэки усталлар. Икки чааһынан биэрэги булан, түргэнник дьону, таһаҕаһы сүөкүүллэр. Кырдьаҕас хапытаан Василийы илиитин ыга тутар уонна: “Отныне Василий зачислен лоцманом Ленских просторов!”, – диэн саҥа аллайбыт.
Василий кэлин сааһыран баран сөҕөр. Олус эппиэтинэстээх сорудаҕы толорбут. Дьону илдьибиттэрин кэннэ сотору буолаат, сопхуос дириэктэрэ Попов уонна Биэттэ отделениетын управляющайа Соловьев Сииттэҕэ барбыттар. Соловьев пароходстволары үчүгэйдик билэр буолан, Жатайтан Новиков диэн хапытааннаах түргэн катерынан устубуттар. Ол баран иһэн, Сииттэ биэрэгэр кытылга киирэн иһэн, кумахха анньыллыбыттар. Ол катеры кыайан соһон таһаарбакка, ыкса күһүн тоҥоруу эрэ иннинэ быыһаан тураллар. Дьэ онно Василий өйдөөбүт кырдьаҕас хапытаан киниэхэ тоҕо махтаммытын.
Василий ханнык баҕарар тиэхиньикэнэн иҥнибэккэ сатабыллаахтык айанныыра. Бэйэтин илиитинэн тутан-хабан өрөмүөннүүрүн сөбүлүүрэ. Тиэхиньикэ ханнык чааһа алдьаммытын, хаһыс нүөмэрдээх подшипник тыаһаабытын механизатордарга чуо этэн биэрэрэ.
Ис сүрэхпититтэн эҕэрдэлиибит, махтанабыт!
Василий кэлин биэнсийэҕэ тахсан олорон, бу үлэтин-хамнаһын оройуонун салайааччылара биирдэ да бэлиэтээбэтэхтэрэ диэн кыра хом санаалаах. Сорох дьон уруучукаттан ыараханы көтөхпөккө, уордьаннаах суоппардары иитиспэккэ, атын оройуоннарынан дьону салайан оттоппокко сылдьан, оннук-маннык аакка-суолга тиксэллэрэ элбэх.
Василий Васильевич куоракка киирэн олохсуйаат, “БелАЗ” массыынаҕа үөрэппит уолаттарын билсэн-көрсөн түмэн барбыта. Ситиһиилэрин, олохторун-дьаһахтарын куруутун билсэ, сэргии сылдьар. Оннооҕор үөрэппит уолаттарын сиэннэрин кытта оҕолонор дьиэттэн бэйэтин массыынатынан тиэйэн таһааран көмөлөһөр.
Үөрэммит кыһабыт тэриллибитэ 75 сылын бэлиэтиир үбүлүөйгэ уолаттарын барыларын түмэн, улахан тэрээһиннээхтик кыттыбыппыт. Онно Үлэ Дьоруойа, саха саарына Тарас Десяткин Василий Мигалкины, Алдантан кэлбит настаабынньык, сэрии бэтэрээнэ С.В.Летконы уонна белазистары сыанаҕа ыҥыртаан таһааран: “Смотрите, вот это настоящие герои,” – диэн эппитин умнубаппыт. Бу буолар дьиҥнээх сыанабыл, сүдү киһи мээнэҕэ эппэтэх буолуохтаах. Кэллиэс салалтата сылын аайы үөрэх дьыла аһыллыытыгар уонна саас устудьуоннарга диплом туттарыытыгар Василий Васильевиһы уонна биһигини ыҥыран оҕолору кытта көрүһүннэрэр.
Ытыктыыр, убай курдук саныыр киһибитигэр Василий Мигалкиҥҥа чэгиэн-чэбдик доруобуйаны баҕарабыт! Сүбэҥ-амаҥ иһин улахан махтал!
Петр Седалищев – Кулаар Бүөккэ, Үлэ Албан аатын 3-с истиэпэннээх уордьанын кавалера. Дьокуускай куорат олохтооҕо, edersaas.ru