Бейсбол битатынан кырбаан өлөрбүт

Ааптар: 
24.04.2018
Бөлөххө киир:

Аллараа Халыма улууһугар К.диэн өлөрүөхсүккэ суут уурааҕа таҕыста.

edersaas.ru


Суут быһаарбытынан, 2017 сыл атырдьах ыйын 3 күнүгэр Черскэй бөһүөлэгэр биир гарааска К. диэн гражданин билэр киһитиниин кыыһырсан баран, кинини бейсбол алюминий битатынан 13-тэн итэҕэһэ суохтук, ол иһигэр, 9-та төбөтүн охсон-кырбаан, миэстэтигэр өлөрбүт.

Дьыала «киһини соруйан өлөрүү» ыстатыйанан буолбакка, РФ Холуобунай кодексатын 111-с ыст. 4-с чааһынан, ол эбэтэр, киһи доруобуйатыгар ыарахан эмсэҕэлээһини соруйан оҥорон, сэрэҕэ суохтан өлүүгэ тиэрдии баарынан, тэриллэн силиэстийэлэнэн көрүллүбүт.

Суут кинини ити ыстатыйанан буруйдааҕынан билинэн, 9 сылга кытаанах эрэсиимнээх холуонньаҕа көҥүлүн быһарга уурбут.

Бириигэбэр сокуоннай күүһүгэр киирэ илик.

Бу туһунан СӨ Борокуратууратын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

Биһиги корр., «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: интэриниэттэн

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0