Быйыл тохсунньу 25 күнүгэр саха биллиилээх бэйиэтэ, Гражданскай сэрии кыттыылааҕа, Саха АССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ Ефрем Степанович Сивцев-Таллан Бүрэ төрөөбүтэ 110 сылын туолар.
Бу күн, талааннаах суруйааччы бэлиэ даататыгар анаан, М.К.Аммосов аатынан ХИФУ, Гуманитарнай чинчийии института, СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ уонна Нам улууһа “Дойдум иһин, норуотум иһин олохпун хардата суох аныам” диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи научнай-практическай кэмпириэнсийэни тэрийэн ыыталлар.
Суруйааччы аатын үйэтитэр сыаллаах тэрээһин Национальнай бибилэтиэкэ Историческай саалатыгар сарсыарда 9 чаастан саҕаланыаҕа. Оттон күнүс 14 чаастан “Уолан Эрилик” диэн саҥа кинигэ сүрэхтэниитэ буолуоҕа.
Төрөөбүт дойдутугар, Нам улууһугар Бөтүҥ орто оскуолата бэйиэт Е.С.Сивцев-Таллан Бүрэ аатын дьоһуннаахтык сүгэр. Манна суруйааччы Мусуой-дьиэтэ баар.
Дойдутун үлэһит дьонугар анаабыт, айылҕатын кэрэтин туойбут хоһооннорун уонна бэйиэмэлэрин бастакы кинигэтэ 1937 сыллаахха бэчээккэ тахсыбыта уонна тута ааҕааччы биһирэбилин ылбыта.
Кэмпириэнсийэ кэмигэр бэйиэт тыла, суруйар ураты истиилэ сиһилии ырытыллыахтара, кини айар үлэтэ Нам улууһун историятын кытта сибээһин, саха литературатын сайдыытыгар оруолун, суолтатын туһунан кэпсэтии барыаҕа.
Ыспыраапка
Сивцев Ефрем Степанович-Таллан Бүрэ (25.01.1909-01.03.1984). Саха бэйиэтэ. 1944 сылтан ССРС Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ. Нам улууһугар төрөөбүтэ. “Бочуот знага” уордьан кавалера.
Сүрүн айымньылара: Уолан Эрилик: Кыһыҥҥы дойҕох.1944 с.; Көмүс долгуннар: Хоһооннор. 1957с.; Үчүгэй Өлүөнэ: Поэмалар.1963 с.; Өлүөнэ очуостара: Талыллыбыт хоһооннор. 1971 с.; Кэллим кэпсээри: Хоһооннор. 1979 с. ; Байҕалиада: Хоһооннор, поэмалар. 1999 с.; Көмүс муос. 1999 с.