Бэйиэт Степан Дадаскинов ырыалара ылланнылар

Бөлөххө киир:

Сэтинньи 20 күнүгэр П.Ойуунускай аатынан литературнай мусуойга суруйааччы, бэйиэт, суруналыыс Степан Дадаскинов айар үлэтигэр аналлаах дьоро киэһэ буолла.

edersaas.ru

Суруйааччыларга ахтыы киэһэлэрэ ыытыллаллара, онно санааны атастаһыы, айымньылары ырытыһыы үгэскэ кубулуйбут буоллаҕына, Степан Егорович төрөөбүтэ 85 сылыгар анаммыт тэрээһин ураты кэрэхсэбиллээх буолла. Ол уратыта диэн, бу күн бэйиэт айбыт ыллам ырыалара ылланнылар. Ол эбэтэр “Сайсары” норуодунай дьахталлар вокальнай ансаамбыллара (сал. СӨ култууратын туйгуна Светлана Степанова) Степан Дадаскинов хоһоонноругар айыллыбыт ырыалары мустубут дьоҥҥо бэлэх уунна.

Биэчэри иилээн-саҕалаан ыыппыт Наталья Другина эппитинэн, ансаамбыл репертуарыгар Степан Егорович уонча ырыата (үксэ Надежда Алексеева матыыбыгар) баар. Ол иһигэр, бэйиэт Аҕа дойду уоттаах сэриитигэр, Хотугу кыраайга, тапталга анаммыт уйаҕас хоһоонноро ырыа буолан көппүттэрэ. СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Марфа Данилова-Хатыҥ Ай элбэх ырыаны айбыта уонна бэйэтэ толорбута. САССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ  Степан Дадаскинов тылларыгар, Надежда Алексеева матыыбыгар айыллыбыт «Эҕэрдэ, Дьокуускай куоратым» ырыа 2002 с. лауреат буолбута.

Бу күн  Дьокуускай куорат политехническай лиссиэйин 10-11 кылааһын уолаттара бэйиэт хоһооннорун дуорааннаахтык ааҕан, С.Дадаскинов айымньылара өлбөт-сүппэт аналлаахтарын туоһулаатылар.

Манна даҕатан эттэххэ, “Сайсары” ансаамбылга быраас, учуутал, учуонай, үп үлэһитэ курдук араас идэлээх дьон дьарыктанар. Ансаамбыл  тэриллиэҕиттэн Саха сиригэр эрэ буолбакка, өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр киэҥник биллэр.

Биэчэргэ суруйааччы кэргэнэ Мария Семеновна, оҕолоро уонна сиэннэрэ кэлбиттэр. Мин Степан Дадаскинов кимтэн кииннээҕин, хантан хааннааҕын билбэт эрдэхпинэ, араадьыйаҕа сөҥ уонна хотугулуу соҕус унаарытан саҥарар куолаһыттан сылтаан, хоту дойду киһитэ диэн бигэ эрэллээх этим. Улаатан, саха литэрэтиирэтин интэриэһиргиир буолан эрэ баран, кини Үөһээ Бүлүүттэн төрүттээҕин билэн, олус соһуйбуттааҕым. Үөһээ Бүлүүттэн төрүттээх суруналыыс, суруйааччы хотугу тиэмэни таба тайанан, орто дойдуттан барыар диэри бу тиэмэтин ыһыктыбакка, бэриниилээхтик үлэлээбитэ. Ол да иһин, бүгүҥҥү көрсүһүүгэ Степан Егорович туһунан ахта-саныы хотугу улуустартан, ол иһигэр Өлөөнтөн, Усуйаанаттан уо.д.а. бэрэстэбиитэллэр кэлбиттэрэ көрсүһүү ис хоһоонун дириҥэттэ.

Суруналыыс С.Дадаскинов “Геван” биэриилэрэ “Саха” НКИХ пуондатыгар харалла сыталлар.

Саха норуодунай суруйааччыта Андрей Кривошапкин доҕоругар аналлаах дьоһуннаах көрсүһүүнү тэрийбиттэригэр ис сүрэҕиттэн махтанна. Чахчыта даҕаны, суруйааччы  төрөөбүтэ 85 сылыгар бүтүн өрөспүүбүлүкэҕэ биир эмэ тэрээһин ыытыллыбыта иһиллэ илик… Андрей Кривошапкин дойду бэрэсидьиэнэ Борис Ельцин Ыйааҕынан Степан Дадаскиновка “РСФСР култууратын үтүөлээх үлэһитэ» аат иҥэриллибит историятын сэһэргээтэ.

Суруйааччы төрөөбүт дойдутуттан кэлбит Лилия Васильева Кырыкый с. оскуолата биир дойдулаахтара Степан Дадаскинов аатын сүгэринэн бар дьоно киэн туттарын, кини айымньыларынан улууска уус-уран куонкурус ыытыллыахтааҕын туһунан үөрүүлээх сонуну иһитиннэрдэ.

ЫСПЫРААПКА:

1933 с. атырдьах ыйын 20 күнүгэр Үөһээ Бүлүү II Боотулуу нэһилиэгэр төрөөбүтэ;

1954 с. Дьокуускайга биэлсэр-акушер оскуолатын бүтэрбитэ;

1954-1958 с. биэлсэринэн үлэлээбитэ;
1958-1961 сс.  Үөһээ Бүлүү оройуонун хаһыатын литературнай үлэһитэ;

1960 с. “Бүлүү долгуннара” диэн хоһооннорун бастакы кинигэтэ тахсыбыта;

1961 сылтан  кэрэспэдьиэн, режиссер, отдел сэбиэдиссэйэ, «Геван» эрэдээксийэ эрэдээктэрэ:

1967 с. Саха судаарыстыбаннай университетын бүтэрбитэ;

2011 с. кулун тутар 29 күнүгэр күн сириттэн барбыта.

Дыраамалара Саха тыйаатырыгар, Ньурба көһө сылдьар тыйаатырыгар туруоруллубуттара.

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Руслан ОЧИРОВ хаартыскаҕа түһэриилэрэ

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0