РФ Суруналыыстарын, СӨ Суруйааччыларын сойуустарын чилиэнэ, бэйиэт, медицинскэй наука доктора Валериан Николаев “Күннүк: түбүктэр… түмүктэр” кинигэтэ күн сирин көрдө.
edersaas.ru
Бу ураты жанрдаах кинигэҕэ ааптар биир сыллааҕы күннүгүн хоһоонунан суруйбут. Айымньы аата да этэрин курдук, күннүккэ күннээҕи түбүктэр, өйгө-сүрэххэ хаалар, киһини долгутар, толкуйдатар санаалар-оноолор утахтара сарсыардааҥҥы, күнүскү, киэһээҥҥи айылҕа көстүүлэрин, үлэни-хамнаһы кытта алтыһыннаран суруллубуттар.
Күннүгү ааҕарга судургу, хоһуйуулара кылгастар, өйдөнүмтүөлэр. Ааптар күннээҕи түбүктэрэ түмүктээхтэр, мунаарыылара хоруйдаахтар. Күннүк ис хоһооно биир сыл этэҥҥэ ааспытын кэрэһилээн туран, кэлэр кэм өссө үчүгэй буолуоҕар эрэли үөскэтэр.
Ааптар бэйэтэ бу сонун кинигэтин хайдах саҕалаабытын туһунан:
“Дьыл түөрт кэмигэр халлаан туругун, бэйэм уонна чугас дьонум олохторун-дьаһахтарын, тулалыыр эйгэбин анаарыыбын хоһоонунан хоһуйан биэрдэххэ хайдаҕый диэн санаа киирбитэ.
“Күннүк оҥосторго сананным,
Хоһоонунан хоһуйан холонуоҕум,
Санаабын сааһылыы сатыаҕым,
Күннээҕи түбүкпүн түмүктүөҕүм”.
Ол эрээри, күннүкпүн саҕалыырбар саарбахтыырым, мунаарарым элбэҕэ. Таах даҕаны ылыстым дуу диэммин, үлэбин тохтото даҕаны сыспытым.
“Сөп курдук саарбахтыырым,
Кими сэҥээрдиэй күннүгүм,
Мин күннээҕи дьарыгым,
Киирэр-тахсар санааларым”.
Бастаан утаа күн аайы хоһоон айыахха диэтэххэ, ыарахан курдуга, онтон улам эрчиллэн, эрчимирэн, санаам көтөҕүллэн үлэлээбитим”, — диэн этэр.
Суруйар, айар-тутар киһи хаһан баҕарар туох эрэ сонун көстүүлэри, арыйыылары көрдүүр, атын жанрга бэйэтин холонон көрүөн баҕарар. Оҕотун курдук бүөбэйдээн күҥҥэ көрдөрбүт үлэтин ааҕааччы сэргииригэр, кэрэхсииригэр кыһаллар.
Ол да иһин, Валериан Николаев “Дани-Алмас” компанияҕа бэчээттэппит бу кинигэтигэр сахалыы ыйдьыт бэлиэлэрэ киллэриллибиттэр, көҕүөр ойуунан дьүһүйүллүбүттэр. Холобур, ааптар бэйэтин төрөөбүт күнэ-дьыла (тохсунньу 21—олунньу 20 күннэрэ) Билгэ, Дьылҕа Хаан ыйдьыттаах эбит. Ол аата, бу дьон үтүө санаалаахтар, уйаннар, дьоһуннаахтар. Дьоллоох сыыппаралара – 9, 39, 49. Ыйдьыттар маннык характеристикалара бу кинигэни илиитигэр ылбыт ааҕааччы интэриэһин тардар.
Өссө биир сонун көстүүнэн ааптар күннүгэр хас биирдии ыйы арыйарыгар араас кинигэлэртэн 12 ый, күн-дьыл бэлиэлэрин туһунан сэһэргиир уонна саха биллэр бэйиэттэрин хоһооннорун киллэрэр. Ол курдук, Бүөтүр Тобуруокап — бэс, Леонид Попов — от, Михаил Тимофеев — атырдьах, балаҕан, Сэмэн Данилов — алтынньы, Петр Семенов — сэтинньи, Михаил Иванов-Чуона Мэхээлэ — ахсынньы, тохсунньу, Петр Тимофеев — олунньу, Баал Хабырыыс — кулун тутар, Альберт Бүлүүйүскэй — муус устар, А.Иванов-Күндэ ыам ыйа, Петр Тимофеев бэс ыйыгар анаабыта кинигэ ис хоһоонун байытар. Бэйиэттэр итинник анабыл хоһооннорун булуу, таба тайаныы эмиэ үлэттэн, көрдөөһүнтэн тахсар.
ЫСПЫРААПКА:
Литератураны чинчийээччилэр күннүгү (дневниги) литератураҕа жанр быһыытынан туттууну үс көрүҥҥэ араараллар.
Бастатан туран, күннүк бэйэтэ (собственно дневник). Иккиһинэн, күннүк быһыытынан суруллубут литературнай айымньылар. Үсүһүнэн, суруйааччы тус күннүгэ.
Үксүгэр күннүгү прозанан суруйаллар, хоһоонунан суруйуу аҕыйах. Ол эрэн, бэйиэт Лариса Миллер «Стихи гуськом:новые и старые» диэн хоһоонунан күннүгүн алта сыл устата суруйбута биллэр.
Надежда ЕГОРОВА, “Саха сирэ” edersaas.ru