Бэйиэт Иван Федосеев-Доосо төрөөбүтэ 90 сылыгар

20.12.2017
Бөлөххө киир:

Ахсынньы 19 күнүгэр Чурапчы улууһугар, Дириҥнээҕи “Үрдэл”  сынньалаҥ киинигэр, биллиилээх суруйааччы, бэйиэт, литературнай кириитик, суруналыыс, СӨ П.А.Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата Иван Егорович Федосеев-Доосо төрөөбүтэ 90 сылыгар аналлаах истиҥ-иһирэх литературнай биэчэр буолла.

Дьоро киэһэҕэ Иван Федосеев өр сыл эппиэттиир сэкирэтээринэн, поэзия салаатын сэбиэдиссэйинэн айымньылаахтык үлэлээбит “Хотугу сулус” – “Чолбон” сурунаалын эрэдээксийэтиттэн биир идэлээхтэрэ, суруйааччылар Анна Варламова-Айысхаана, Иван Осипов-Ойуур уонна Ил Түмэн дьокутаата Иван Шамаев, суруйааччы Павел Федоров-Сомоҕо, уо.д.а. күндү ыалдьыт буоллулар, тыл эттилэр, талааннаах бэйиэт, тылбаасчыт Иван Федосеев-Доосо туһунан истиҥ ахтыылары оҥордулар.

Бэйиэт туһунан истиҥ ахтыылар...

Тэрээһиҥҥэ нэһилиэк баһылыга Борис Петрович Архипов уонна Михаил Спиридонович Игнатьев дириэктэрдээх И.Е.Федосеев-Доосо аатын дьоһуннаахтык сүгэр Дириҥ орто агрооскуолатын кэлэктиибэ, улуус култууратын үлэһиттэрэ, нэһилиэнньэ көхтөөх кыттыыны ыллылар. Олохтоохтор ытыктыыр суруйааччыларын кэргэнигэр Степанида Николаевна Федосееваҕа барҕа махтал тылларын эттилэр, ис-сүрэхтэн Эҕэрдэ Суруктарын, бэлэхтэрин туттардылар.

Бу күн бэйиэт тылларыгар ырыа ылбаҕайа ылланна, үҥкүү үтүөтэ толорулунна.

Доосо 90 сыллаах үбүлүөйэ дойдутугар Дириҥҥэ үрдүк таһымнаахтык ааста.

Оттон ахсынньы 21 күнүгэр Дьокуускайга, Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр Саха сирин Суруйааччыларын сойууһа уонна бэйиэт дьиэ кэргэнэ ахтыы киэһэтин ыыталлар.

Татьяна МАРКОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Ыспыраапка:

Федосеев Иван Егорович-Доосо (1927-2003)

1927 сыллаахха ахсынньы 20 күнүгэр Чурапчы улууһугар төрөөбүтэ.

Бэйиэт, прозаик, тылбаасчыт, литературнай кириитик, уус-уран-документальнай жанры баһылаабыт суруйааччы. СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ. СӨ П.А.Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата, Арассыыйа Суруйааччыларын сойууһун Н.М.Карамзин аатынан литературнай бириэмийэтин, өрөспүүбүлүкэ Эрилик Эристиин аатынан литературнай бириэмийэтин лауреата. 1964 с.ССРС Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ.

1946 с. Чурапчытааҕы педагогическай училищены, 1950 с Дьокуускайдааҕы учууталлар институттарын, 1954 с Дьокуускайдааҕы педагогическай институту үөрэнэн бүтэрбитэ. Оскуолаҕа учууталлаабыта, Дьокуускайдааҕы кинигэ издательствотыгар эрэдээктэрдээбитэ. “Кыым” хаһыат бэйэтин кэрэспэндьиэнэ этэ. 1965 сылтан — “Хотугу сулус”, “Полярная звезда” сурунааллар эппиэттиир сэкирэтээрдэрэ, 1993 сылтан “Чолбон”  сурунаал поэзия салаатын сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ.

1950 с бэчээттэнэр. “Таммах уу” хоһооннорун бастакы хомуурунньуга 1960 с. тахсыбыта. Элбэх кэпсээн, уочарка, литературнай кириитикэ, сэһэн, хоһоон ааптардара.

“Сөҕүрүйбэт төлөн” (1985) ССРС норуодунай учуутала Михаил Алексеев туһунан сэһэнэ, “Холорук” (1993) историческай сэһэнэ, о.д.а. айымньылара ааҕааччы киэҥ сэҥээриитин, биһирэбилин ылбыттара.

“Сардаана”, “Туундара”, онтон да атын үгүс хоһоонноругар муусука суруллан, дьон-норуот уоһуттан түспэт кэрэ ырыа буолан, ыллана сылдьаллар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0