Бэйиэт Гаврил Андросов саҥа кинигэтин сүрэхтиэҕэ

04.03.2019
Бөлөххө киир:

Кулун тутар 6 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” устуоруйа пааркатыгар бэйиэт, публицист, кыраайы үөрэтээччи, Арассыыйа Суруйааччыларын сойууһун уонна Нуучча географическай уопсастыбатын чилиэнэ Гаврил Андросов-Хабырыыс Ондороос “Дойдулаах суор” хоһооннорун хомуурунньугун сүрэхтиир.

Саха норуодунай бэйиэтэ Наталья Харлампьева “поэзия толоонугар дьоһун уолан киирэн иһэр” диэн бэлиэтээбит бэйиэтин саҥа кинигэтигэр саха үгэһин уонна аныгы кэм үөрүйэхтэрин биир тэтимҥэ киллэрэн, силлиһиннэрэн киһи киинэ түспүт сирин, удьуор утумун уонна өбүгэ төрүт өйдөбүллэрин нөҥүө бэйэтин Арассыыйа, Азия уонна аан дойду сорҕотун быһыытынан иэйэр, дьүһүйэр айымньылара киирдилэр. Устуоруйаны хасыһан үөрэтэринэн биллэр ааптар бу да хомуурунньугар саха омук былыргы олоҕун, гражданскай сэрии, репрессия тыйыс будулҕанын дьүһүйэр үгэһиттэн туораабакка, өссө дириҥэппит.

Бэйиэт: “Дойдулаах суор диэн саха итэҕэлин, сиэрин-майгытын кытта быһаччы ситимнээх. Ол эрээри, бу архетип саха эрэ ыырынан муҥурдаммакка, бүтүн Сибиир, Уһук Илин, Арктика эргимтэтин үгүс норуоттарын ситимниир, түмэр – бүттүүн аан дойду аҕыйах ахсааннаах төрүт омуктарын бэлиэтиир ураты күүстээх, хомуһуннаах”, – диэн хоһооннорун хомуурунньугун тоҕо маннык ааттаабытын быһаарар.

Гаврил Андросов “айар тусаһа” диэн ааттаабыт саҥа кинигэтин сүрэхтэниитигэр “Кыл кырыымпа” бөлөх, “Тыл кыһата” айар холбоһук кыттыахтара, ону сэргэ, биллэр-көстөр суруйааччылар, учуонайдар, уопсастыбанньыктар уонна саха билиҥҥи интеллигенциятын бэрэстэбиитэллэрэ ыалдьыттыахтара.

Санатар буоллахха, суруйааччы айымньылара былырыын “Заря” диэн Арассыыйа “эдэр” литературатын антологиятыгар киирбиттэрэ, быйыл “Сахабыт тылын кэскилин туруулаһарыҥ иһин” диэн уопсастыбаннас бириэмийэтин лауреатын үрдүк аатын сүкпүтэ.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0