Бэйиэт, эрэдээктэр, айанньыт Ник Рован Саха сиригэр сырытта
Саха сирэ омук дойдуларын болҕомтолорун ылар. Онуоха, биһиги тоһуттар тымныыбыт эрэ буолбакка, култуурабыт, литературабыт, искусствобыт туристар, айанньыттар интэриэстэрин күүскэ тардара үөрдэр.
Холобур, бу күннэргэ Англияттан, Евразийскай айар гильдия чилиэнэ, бэйиэт, эрэдээктэр, айанньыт Ник Рован биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр кэлэ сырытта. Биллэрин курдук, бу гильдияны, Киин Азия литературатын уонна түүр тыллаах литератураны Англия тылынан Европаҕа таһаарар сыаллаах Марат Ахмеджанов (биһиэхэ “Үрүҥ хаар алгыһа…” поэзия фестивалыгар хаста да кэлэ сылдьыбыта) тэрийбитэ. Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун салайааччы, норуодунай бэйиэт Наталья Харлампьева Евразийскай айар гильдия хос бэрэссэдээтэлинэн буолар.
Дьэ онон, Ник тохсунньу 31-тэн олунньу 4 күнүгэр диэри Саха сиригэр сырытта. Кылгас да кэм устата буоллар, балачча элбэҕи көрдө-иһиттэ. Ол курдук, киин куорат Дьокуускай бэлиэ сирдэригэр – Ирбэт тоҥ институтугар, Казначейство быыстапкатыгар, мусуойдарга, уо.д.а. сырытта. Эбэ уҥуор Суоттуга Аһаҕас халлаан анныгар мусуойу кэрэхсии көрдө, саха ыалыгар ыалдьыттаата, онтон Хаҥалас улууһун Покровскайыгар сылдьан, Саха сиригэр Өлүөнэ Эбэҕэ муус аннынан балыктааһын уратыларын билсистэ, Покровскай оскуолатын үөрэнээччилэриниин көрүстэ, Хаҥалас сирин дириҥ, баай историятын билсистэ, кыраайы үөрэтээччилэрдиин сэһэргэстэ.
Айанын түмүгэр, олунньу 3 күнүгэр кини Саха сирин Суруйааччыларын сойууһугар ыалдьыттаата. Биир идэлээхтэрэ кинини саха национальнай аһынан, итии чэйинэн көрүстүлэр. Олус истиҥ кэпсэтии буолла.
—Айанныырбын олус сөбүлүүбүн. Сэттэ уонча араас дойдуну көрдүм. Ханна да сылдьыым — дьону кытта алтыһыым, сэһэргэһиим – ол миэхэ кылаабынай. Ол туһунан суруйабын, кэпсиибин. Эн ханна олороруҥ улахан суолтата суох – кимниин олороруҥ, хайдах дьон эйигин тулалыыр – чугас дьонуҥ, дьиэ кэргэниҥ – ол саамай улахан суолталаах!, — диир Ник Рован.
Саха суруйааччылара Наталья Харлампьева, Евдокия Иринцеева-Огдо, Баһылай Харысхал, Гаврил Андросов, Рустам Каженкин, Зинаида Архипова, Елизавета Мигалкина, о.д.а. Ник Рованныын ирэ-хоро, астына санаа атастастылар.
Татьяна МАРКОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Ыспыраапка
Ник Рован Оксфорд университетын бүтэрбитэ, “OCA” (“Open Central Asia”) сурунаал кылаабынай эрэдээктэрэ, Шелл диэн нефтяной компания үлэһитэ. Ник Евразийскай айар гильдия идиэйэлэрин ылынан, сыл аҥаарын устата Улуу Солко Суолунан (Великий Шелковый путь) айаннаабыт, кинигэ суруйбут. Уонна ол былыргы цивилизация носителлэригэр суол аһарга санаммыт. Ник Рован Киин Азияны чинчийиигэ үгүс сыратын, бириэмэтин биэрэр.