Бэйэни хааччахтанан олорор кэмҥэ хамнас төлөнөр дуо?

Бөлөххө киир:

Олоҕурбут ыарыылаах дьон пандемия кэмигэр дьиэлэригэр бэйэни хааччахтаныы эрэсиимигэр олоруохтарын сөп дуо?

СӨ Идэлээх сойуустарын быраапка кэмитиэтэ быһаарар:

— Ил Дархан 2020 сыл муус устар 27 күнүнээҕи 1143 №-дээх ыйааҕынан, 65 саастарын ааспыт уонна олоҕурбут ыарахан ыарыылаах дьон бэйэни хааччахтаныы эрэсиимин тутуһуохтаахтар.

Үлэни биэрээччи бу эрэсиими тутуһалларыгар усулуобуйа оҥоруохтаах, ол эбэтэр: тэйиччиттэн үлэҕэ көһөрүөхтээх, ол кыаллыбат буоллаҕына, сыл аайы бэриллэр төлөнөр уоппускаҕа, эбэтэр үлэһит сөбүлэһэр буоллаҕына, хамнаһа төлөммөт уоппускаҕа ыытыахтаах. Өскөтүн үлэһит сөбүлэспэт уонна тэйиччиттэн үлэ кыаллыбат буоллаҕына, үлэни биэрээччи РФ Үлэ кодексын 72.2 ыстатыйатыгар сөп түбэһиннэрэн, киниттэн тутулуга суох биричиинэнэн, үлэни быстах кэмҥэ тохтотон эриэн сөп.

Ил Дархан 1497 №-дээх ыйааҕын чэрчитинэн, үлэ быстах кэмҥэ күһэллэн тохтоон турар кэмигэр хамнас төлөнүөхтээх, ол эрээри бириэмийэтэ, гонорара, о.д.а. эбилигэ суох. Үлэ төлөбүрүн алын кээмэйиттэн намыһах буолуо суохтаах.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: интэриниэттэн

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0