Ил Түмэн тыа сиригэр уонна аграрнай бэлиитикэҕэ сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Андрей Находкин билиҥҥи буола турар балаһыанньа туһунан бэйэтин санаатын үллэстэр.
— Тыа хаһаайыстыбатын өйөөһүн саҥа мэхэньиисимнэригэр үбүлээһини өссө хайа өттүнэн киллэриэххэ сөбүн туһунан тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин кытары бииргэ үлэлэһэбит. Кэтэх хаһаайыстыбалар билиҥҥитэ ыанар ынахха 35 тыһыынча солкуобайы ыла олороллор. Тэрээһиннээх хаһаайыстыбалар үүт бородууксуйатын 60 солкуобайтан кырата суохха туттараллар. Онон мантан сайыҥҥы өттүгэр эт, үүт бородууксуйата, оҕуруот аһа аҕыйаабатын курдук гына дьаһанабыт. Бу стратегическай суолталаах тыын боппуруос. Бу миэрэлэр суһаллык ылыллыахтаахтарын туһунан Ил Дархан бэлиэтээн эппитэ. Биһиги — бэлэммит.
Тыа сиригэр олорор, үлэлиир-хамсыыр дьоммутугар туһаайан этиэхпин баҕарабын. Улахан өттө бэйэбититтэн тутулуктааҕын өйдүөхтээхпит. Сайыҥҥы өттүгэр тэпилииссэбитин кэҥэттэн, сиэмэбитин хаһаанан, хортуоппуйбутун киэҥ соҕустук ыһан, аймахтарбытын кытары түмсэн сүбэлэһэн, сылгыбытын-сүөһүбүтүн эспэккэ, түргэнник ситэр салаалары — сибиинньэни, кууруссаны иитэн, күүскэ дьарыктаныахпытын, үлэлиэхпитин-хамсыахпытын наада. Ити биһиэхэ ханнык да бобууттан-хаайыыттан, сааҥсыйаттан тутулуга суох, бэйэбитигэр кыаллар дьыала.
Урбаанньыттарга туһаайан этиэм этэ: күннээҕи түргэн барыска охтубакка, сыананы олус үрдэппэккэ, дьону муннукка хаайбакка, киэҥник, ырааҕы көрөн, сорох өттүгэр өссө көмөлөһүү, өйөбүл курдук дьаһанан, сыананы олохтуургутугар тус бэйэм эһигиттэн көрдөһөбүн. Сиэрдээх, түмсүүлээх буолуоххайыҥ уонна бу ыарахан кэмҥэ бэйэ-бэйэбитигэр харыстабыллаахтык сыһыаннаһыаххайыҥ!
Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru