«Бэйэҥ суолгунан айаннаан» (2003-2010 сылларга доруобуйа харыстабылын миниистирэ Вячеслав Александров туһунан)

Бөлөххө киир:

Кини өрөспүүбүлүкэ мэдиссиинэтигэр олоҕун 37 сылын анаан, бу салаа устуоруйатыгар элбэх арыйыыларга, түгэннэргэ тус сыһыаннаах этэ.

edersaas.ru

Түбэһиэх араспаанньа буолбатах

Саха сирин доруобуйатын харыстабылыгар «Александров» диэн араспаанньа элбэҕи этэрин бэлиэтиэххэ наада. Мэдиссиинэ устуоруктара, арааһа, тута Амма-Наахара нэһилиэгиттэн төрүттээх Елисей Тихонович Александрову өйдүү түһүөхтэрэ. Өрөбөлөссүүйэ иннигэр, 1890 сыллаахха төрөөбүт Елисей Александров Томскайдааҕы реальнай училищены эрэ буолбакка, Томскайдааҕы судаарыс­тыбаннай университет мэдис­сиинискэй факультетын бүтэрбитэ. Ол кэнниттэн Тюменьҥа эвакоприемник биэлсэринэн сулуус­палаабыта, Нам, Амма оройуоннааҕы балыыһаларын, Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр САССР Доруобуйатын харыстабылын полик­линикатын салайбыта. Кини миэдиктэр ордук наадалаах сирдэригэр мэлдьи баара…
Амма Александровтарын удьуор­дарыгар атын дьону быыһыырга олоҕун аныырга быһаарыммыттартан биирдэс­тэрэ этэ. Ол гынан баран, олох көрдөрбүтүнэн, кини бүтэһик буол­батаҕа. Кини суолунан барарга сиэн быраата Вячеслав быһаарыммыта: 1975 сыллаахха Саха судаарыстыбаннай университетын мэдиссиинискэй факультетын бүтэрбитэ.
Вячеслав Александров:
— Мин олохпор табыллыы баара дии саныыбын: соторутаа­ҕыта эрэ «улугуруу» диэн ааттаа­быт, 70-с сылларбытыгар миэдигинэн үлэлээн барбытым. Оттон билигин ити сыллары турук­тааҕынан сыаналыыр буоллулар. Тоҕо диэтэххэ, сэбиэскэй мэдиссиинэ дьиҥнээхтик киһи туһугар туһаайыллара.
Ааспыт үйэ 80-с сылларын ортотугар дойду доруобу­йатын харыстабылын систиэмэтэ киэҥ нэлэмэн дойдуга ыраах ыһыллан олорор нэһилиэнньэҕэ барытыгар табыгастаах сүрүн мэдис­сиинискэй өҥөлөрү оҥорон, чахчы улахан ситиһиилэммитэ. Улахан болҕомто хотугу мэдиссиинэҕэ ууруллубута, Арктика нэһилиэнньэтин уонна таба ыстаадаларын хааччыйарга көһө сылдьар мэдиссиинискэй этэрээттэр тэриллибиттэрэ. САССР Доруобуйатын харыстабылын министиэристибэтин сайаапкатынан сыл аайы өрөспүүбүлүкэҕэ ыраах сирдэргэ сылдьар кыах­таах 130-150 санитарнай массыына аҕалыллара.
Судаарыстыба үлэҕэ анаан ыытар быраактыката саҕаламмыта. Хотугу сиргэ киин үрдүк үөрэх кыһаларын уонна мэдис­сиинискэй училищеларын бүтэрбиттэр кэлэллэрэ. Үлэлиир быраас­тары сайыннарар уонна идэтийии систиэмэтэ баара. Кинилэр бүддьүөт суотугар 3-5 сылга биирдэ Москва, Ленинград, Тбилиси, Ереван, Новосибирскай сүрүн кииннэригэр идэлэрин үрдэтэр уонна саҥа технология­лары баһылыыр кыахтаахтара. Маннык куурустар 4-5 ый устата бараллара…

Идэҕэ эргиллии

Кини идэтийиини талар кэм кэлбитигэр психиатрияны – өй уонна дууһа ыарыытын эмтээһини талбыта. Психоневрология өрөспүүбүлүкэтээҕи диспансерыгар — мэйиигэ оҕустаран (острый психоз) ыалдьар эр дьон 1 отделениеларыгар бырааһынан үлэлээбитэ.
«Психоневрология диспансерын оччотооҕу кэлэктиибэ киин үрдүк үөрэх кыһаларын бүтэрбиттэртэн турара, өй-санаа, уопсай култуура, билии-көрүү өттүнэн ыллахха, олус күүстээх быраастар этэ», – диэн хас да сыл кэнниттэн Вячеслав Лаврентьев ахтыбыта.
1980 сыллаахха психиатрияҕа килиниичэскэй ординатураны бүтэрии кини дьылҕатыгар күүтүллүбэтэх өттүттэн улары­йыыны тосхойбута. Александрову САССР Доруобуйатын харыс­табылын министиэристибэтигэр ыҥырбыттара уонна өрөспүүбүлүкэҕэ саҥа сулууспаны – наркология 150 куойкалаах диспансерын тэрийэргэ этии киллэрбиттэрэ.
1975 сыллаахха доруобуйа харыстабылын бу сонун хайысхата ол сылларга саҥа сайдыах­таах кэмэ этэ. Саха сиригэр суохтан саҕалыахха наада буолбута.
Диспансер базатынан урукку «Краснай Якутия» – билиҥҥи Автодорожнай уулуссаҕа сэллиги утары охсуһар номоххо киирбит санаторий мас куорпустара буолбуттара. Үлэһиттэри таларга үгүс үлэни көрсүбүттэрэ – күн аайы итиччэ ыраах барарга аҕы­йах киһи сөбүлэһэрэ. Арай биирдэ, балыыһа хочуолунайын соҕотох оробуочайа үлэтигэр кэлбэтэҕэ. Ыарыһахтары тоҥорбот туһугар саҥа анаммыт кылаабынай быраас оһоххо чоҕу бэйэтэ быраҕаттыырыгар тиийбитэ…
Ол эрэн, барыта: кэлэк­тиип уонна тэрилтэ структурата баар буолбута. Ону таһынан сотору кэминэн Наркология өрөспүүбүлүкэтээҕи диспансера интэриэһинэй көҕүлээһини оҥорбута – манна сэлликтээх, арыгыга ылларбыт дьону күүс өттүнэн эмтиир подразделение Арассыыйаҕа бастакынан тэриллибитэ.
«Биһиэхэ ыарыһахтары норуот суутун быһаарыытынан мэдиссиинискэй хамыыһыйалар ыыталлара. Биһиги кинилэри эмтэнии комплексынан хааччыйарбыт, сөптөөх туруктарыгар тириэрдэрбит, онтон абициллированиеҕа фтизиатрдарга ыытарбыт. Маннык систиэмэ олус туһалаах этэ», – диэн Вячеслав Лаврентьевич кэпсиир.
Өссө биир саҕалааһын – эрдэ босхоломмут «химиктэр» үлэлиир Дьокуускай куораттааҕы биир тутуу тэрилтэтигэр Наркология диспансерын сулууспатын тэрийии эмиэ кырата суох көдьүүстээх буолбута. Кинилэр үгүстэрэ арыгыттан тутулуктаныыттан эрэйдэнэллэрэ. Сүрүнэ, ыарыһахтар үлэлэриттэн тохтообокко эрэ эмтэнэллэрин курдук үлэ барбыта. «Маннык тэрилтэ наадатын туһунан салалтаны итэҕэтэр кыаллыбыта, мин «Главякутстрой» управляющайыгар биһиэхэ дьиэ биэрэллэрин ылыннараары өссө биир ый сылдьыбытым», – диэн Александров ахтар. Түмүккэ сулууспа тэриллибитэ уонна уларыта тутуу саҕаланыар диэри ситиһиилээхтик үлэлээбитэ.
Вячеслав Александров:
— Биһиэхэ, кылаабынай быраас­тарга, быһаараллара: «Хотугу сиргэ киһи доруобуйата — социальнай фактор эрэ буол­батах, экэниэмикэ кыаҕа, онно үп эргийэр хапытаал курдук угуллар.
Хотугу сиргэ балыыһалары, амбулаториялары тэрийэргэ Саха сирин доруобуйатын харыс­табылын миниистирэ П.А.Петров курдук салайааччылар элбэх ахсааннаах нэһилиэн­ньэлээх сирдэргэ нуормалары туһамматтара, Уһук Хотугу сир уратыларын учуот­таан, көдьүүстээх өттүнэн салайтараллара. Ол аата нэһилиэн­ньэҕэ мэдиссиинискэй көмөнү олорор сирдэринэн хааччыйаллара. Саха сирин мэдиссиинэтэ итинэн күүстээҕэ.
Биллэн турар, ыарахаттар, ол иһигэр ЛПУ көрүүнү-истиини кытары сибээстээх, бааллара. Бу САССР Миниистирдэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ С.Н.Маркин 1988 сыллаахха ахсынньы 22 күнүгэр РСФСР Үрдүкү Сэбиэтин хамыыһыйатын мунньаҕар «Мэдиссиинэ эбийиэк­тэрин көрүү-истии» түһүмэххэ отчуотуттан холобур. Ити сылга РСФСР Госснаба өрөспүүбүлүкэ балыыһаларыгар 10 унитаһы биэрбит, дьиҥэр, 200 унитаз өрөмүөнү эрэйэрэ. Саха сирэ 15 стационарнай таҥас сууйар массыынаҕа наадыйарын үрдүнэн, баара-суоҕа 1 массыына эрэ бэриллибит. Педиатрдар уонна стоматологтар олох тиийбэттэрэ: СГУ мэдиссиинискэй факультета бу идэлэргэ исписэлиистэри бэлэмнээбэтэ.
Биир тылынан эттэххэ, 90-с сыллар саҥаларыгар салаа материальнай базатын уонна тиэхиньиичэскэй сэбилэниитин олохтоохтук тупсарарга төрүттэр сааһыламмыттара. Ол иһин, автономнай өрөспүүбүлүкэ салалтата бырамыысыланнас бөдөҥ тэрилтэлэригэр тахсыбыта. Ол түмүгэр «Якутзолото» ПО үбүн суотугар Дьокуускай 202 кыбартаалыгар поликлиника уонна Сэргэлээх шоссетыгар «Якутзолото» балыыһата тутуллубуттара. «Якутгазпром» ПО наркология диспансерын сытар балыыһатын 2 мэндиэмэн­нээх дьиэтин тутууну үбүлээбитэ. Саха сирин соҕуруу өттүгэр «Якутуглестрой» кэмбинээт мэдиссиинэ кэккэ эбийиэктэрин, оттон «Ленанефтегазгеология»» ПГО билигин «Суһал көмө» үлэлиир дьиэтин туппуттара.

Мэдиссиинэ киинэ хайдах тутуллубутай?

Александров Наркология диспансерын суохтан саҕалаабыт, онтон САССР Доруобуйатын харыстабылын министиэрис­тибэтин 1 №-дээх балыыһатын кылаабынай бырааһынан үлэлээбит уонна онно саҥа стационары (билигин манна офтальмология өрөспүүбүлүкэтээҕи балыыһата баар) тутууну ситиспит уопута кэлин киниэхэ улаханнык көмөлөспүтэ. САССР доруо­буйатын харыстабылын миниис­тирин солбуйааччынан, онтон ССКП Саха сиринээҕи обкомун инструкторынан үлэлээһин доруо­буйа харыстабылын тирээн турар элбэх боппуруоһун быһаарыыга кыттарга тириэрдибитэ.
Вячеслав Александров:
1988 сыл от ыйыгар, уларыта тутуу саамай үгэнигэр, барыта ыһыллар-тоҕуллар дии саныыр кэммитигэр доруобуйа харыс­табылын уонна өрөспүүбүлүкэ устуо­руйатыгар суолтатынан уонна киэҥ хабаанынан, араа­һа, алмааһы арыйыыны кытта тэҥниэх­хэ сөптөөх түгэн буолбута.
САССР, Красноярскай кыраай, Камчатка, Амур уобаластарын, Хабаровскай, Владивосток уонна Забайкалье мэдиссиинискэй үлэһиттэрин актыыбын ыытарга Дьокуускайга ССРС доруобу­йатын харыстабылын миниистирэ Е.И. Чазов уонна РСФСР доруо­буйатын харыстабылын миниис­тирэ А.И. Потапов кэлбиттэрэ.
Актыыпка ССКП Саха сиринээҕи обкомун сэкирэтээрэ Ю.Н.Прокопьев «хотугу сирдэргэ» балыыһалары тутуу тобох харчы диэн тускулунан үбүлэнэрин бэлиэтээн кириитикэлээбитэ. Ол түмүгэр өрөспүүбүлүкэ салалтатын аатыттан ССРС доруо­буйатын харыстабылын миниис­тирэ Е.И.Чазовка Дьокуускайга «Харах микрохирургията» МНТК салаа­тын тутарга валютаны көрөр туһунан ыҥырыыны бэлэмнииргэ мэдиссиинэни сүрүннүүр ССКП ОК сэкирэтээрэ А.А.Поповка сорудах бэриллибитэ.
Ол гынан баран, мин Чазов диагностика кииннэрин тутууну биһирээччи буоларын билэр этим. Дьокуускай куоракка чопчу итинник эбийиэги тутарга көмөлөһүү туһунан Ю.Н.Прокопьев уонна С.Н.Маркин ыҥырыылара итинник баар буолбута. Хайыы үйэ биир ыйынан 1988 сыл атырдьах ыйын 22 күнүгэр САССР Миниистирдэрин Сэбиэтин уонна Британия «Микасет Лимитед» хампаанньатын икки ардыларыгар дуогабарга илии баттаммыта. Дуогабарга САССР Миниистирдэрин Сэбиэтин бэ­­рэссэдээтэлин солбуйааччы А.М.Зотеев уонна хампаанньа өттүттэн Британия подданнайа Ану Мохан илии баттаабыттара. Кэпсэтиилэргэ ону сэргэ, САССР доруобуйатын харыстабылын миниистирэ И.И. Местников, бэрэпиэссэр В.И. Астафьев уонна генеральнай бэдэрээтчит салайааччыта буолуохтаах Роланд Кек (Австрия) кыттыбыттара.
1989 сыл ыам ыйыгар ССКП Обкомун Саха сиринээҕи бюротун уурааҕа бэлэмнэммитэ уонна «Мэдиссиинэ киинин тутар туһунан» САССР Миниистирдэрин Сэбиэтин 272 №-дээх уурааҕа таһаарыллыбыта. Бу ыйга Австрия «Полленски Цоллнер» пииримэтин кытары тутар туһунан хантараакка Саха сирин доруобу­йатын харыстабылын миниистирэ И.И.Местников илии баттаабыта.
Сүҥкэн тутууну үбүлээһин интэриэһинэйдик олоххо киллэриллибитэ. Өрөспүүбүлүкэ 5 сыл устата толуйар төрүөккэ олоҕуран, омук сиригэр чоҕу уонна маһы таһаарар эбээһинэстээҕэ. Ону таһынан, коммунистичес­кай субуотунньуктартан киирэр үп суотугар көһөрүү көрүллүбүтэ. Мэдиссиинэ киинэ ити курдук тутуллар буолбута…

Барыта аан бастаан …

Мэдиссиинэ киинэ Саха сирин сүүһүнэн миэдиктэрэ идэлэрин үрдэтэллэригэр саҕалааһын былаһаак­катынан буолан, кинилэр дьылҕаларыгар улахан оруолу ылбыта. Маныаха Александров ураты сыһыаннаах. Килиниичэскэй-диагностикалыыр киин бастакы генеральнай дириэктэрэ Прокопий Николаевич Яковлевы уонна биир санаалаахтарын хамаандатын кытары кэнсиэпсийэни кичэллээхтик быһааран уонна каадырдары талан, Мэдиссиинэ киинин саҕалаабыттара.
«Барыта аан бастаан этэ, – диир Вячеслав Лаврентьевич. Диагностиканы уонна анал хирургияны маннык дьүөрэлээһин ол кэмҥэ Саха сиригэр да, Арассыыйаҕа да суоҕа. Барыта саҥа курдуга, ол иһигэр тиэхиньиичэскэй өттүнэн: Саха сиригэр монолитнай тутуулаах бастакы эбийиэк, Viessmannс пииримэ автоматическай салайыылаах бастакы автономнай хочуолунайа, кондиционирование систиэмэтэ. Бэл, түннүктэр өстүөкүлэ пакеттара – эмиэ бастакы этэ…»
Тэриллэр ураты кичэллээхтик талыллыбыттара. Холобур, Мэдиссиинэ киинигэр мэдиссиинискэй тиэхиньикэ испииһэгин туһунан сөбүлэһиигэ эппиэттиир «Вамед Инжениринг» пииримэни кытары 14 тыҥааһыннаах мунньах кэнниттэн эрэ сөбүлэһии ситиһиллибитэ.
Каадырдары талыы эмиэ ымпыгар-чымпыгар тиийэ барбыта. «Анал хамыыһыйа тэриллибитэ, ону П.Н.Яковлев салайбыта. Кини бу иннинэ 10 сыл мэдиссиинискэй факультет деканынан үлэлээбитэ уонна элбэх эмчиттэри, кинилэр кыахтарын билэрэ көмөлөспүтэ», – диэн Александров кэпсиир. Онтон кинилэри 3 түһүмэҕинэн бэлэмнээһин дьүккүөрдээхтик саҕаламмыта. Холобур, бастакы түһүмэххэ Мэдиссиинэ киинигэр үлэлиэхтээх миэдиктэр Омскай, Тула, Москва, Санкт-Петербург, Австрия, Германия уонна Нидерланды килии­никэ-диагностика кииннэригэр үөрэммиттэрэ. Бу барыта билигин да үчүгэйдик үлэлиир элбэх хайыс­халаах мэдиссиинискэй комплекс туруктаах систиэмэтин тэрийэргэ көмөлөспүтэ.
Вячеслав Александров:
1990-1992 сылларга Прокопий Николаевич Яковлевы кытары Диагностика киинин үлэҕэ киллэрии түһүмэҕэ судургута суох этэ. 1994 сыллаахха Киин улахан мэдиссиинискэй кэлэктиибин салайыы эмиэ ыарахана. Онтон 1997 сыллаахха Ийэ уонна оҕо харыстабылын киинэ аһыллыбыта (холбоһук­таах кииннэр бастакы генеральнай дириэктэрдэрэ этим). 2,5 тыһыынча киһилээх улахан кэлэктиип этэ. Тыһыынчанан ахсааннаах эмтэнээччи (улахан аҥаар­дара кырачааннар уонна оҕолор) иннигэр улахан эппиэтинэс. Өрөспүүбүлүкэтээҕи 1 №-дээх балыыһа-Мэдиссиинэ на­цио­нальнай киинин салайааччытын сүрүн кыһамньыта уонна долгуйуута итинник этилэр.
Билигин, бириэмэ ааспытын кэннэ, Мэдиссиинэ киинин тутуу өрөспүүбүлүкэ хас да көлүөнэ салайааччыларын бэйэлэрин норуот­тарын доруобуйатын харыс­табылыгар улахан бэлитиичэскэй кылааттара этэ, уларыйыы-тэлэри­йии уустук сылларыгар олох хаачыстыбата тупсарыгар көмөлөспүтэ, үлэлиир саастаах дьон барыытын аҕыйаппыта диэн хорсуннук бигэргэтиэххэ сөп. Мэдиссиинискэй көмө хаачыстыбата – эрэгийиэн киһини тардар сүрүн чахчыларыттан биир­дэстэрэ.

Мэдиссиинэ киинин сүрүн соруга

Вячеслав Александров саныырынан, Саха сирин мэдиссиинэтэ чахчы табыллыбыта, салааны модернизациялааһын кууруһун өрөспүүбүлүкэ бастакы бэрэсидьиэ­нэ Михаил Николаев ылбыта эмиэ табыллыы, бу салаа салгыы сайдыытын быһаарбыта.
Вячеслав Александров:
— Михаил Николаев бастакы Ыйааҕа нэһилиэнньэ доруобуйатын харыстабылыгар анаммыта кэрэхсэбиллээҕэ. Бу Ыйаах салаа сайдарыгар күүстээх тэтими биэрбитэ уонна миэдиктэр үп-харчы өттүнэн туруктарын өйөөбүтэ, кыбартыыралар ылыллыбыттара. Ити сылларга кини салалтатынан Мэдиссиинэ национальнай киинин састаабыгар Ийэ уонна оҕо харыстабылын киинин тутуу саҕаламмыта уонна түмүктэммитэ. Кииҥҥэ дьоһун суолталаах сорук туруоруллубута – оҕо уонна ийэ өлүүтүн туруктаахтык аҕыйатыы, онтон педиатрия килииникэтин кытары Саха сиригэр демография балаһыанньатын тупсарыы. Маннык улахан сыал-сорук Уһук Илиҥҥэ уонна Москваҕа да суох Мэдиссиинэ национальнай киинин кэлэктиибигэр туруоруллубута. Бу – халтайга ааспыт сыллар буолбатах этилэр. Биһигини, миэдиктэри, ити сылларга омук саҥалыы сайдыыларын төрүөттэрин көрдөөһүн өрө күүрдүбүтэ, биһиги «Барҕарыы» национальнай пуонда тэриллэрин өйөөбүппүт. Михаил Николаев болҕомтотун үүнэр көлүөнэ доруобуйатыгар эрэ буолбакка, духуобунай сайдыытыгар уурбута. 1999 сыллаахха мэдиссиинискэй үлэһиттэр XIV сийиэстэригэр өрөспүүбүлүкэ доруобуйатын харыстабылын кэнсиэпсийэтэ ылыллыбыта. Кэнсиэпсийэҕэ мэдиссии­нэҕэ ыарыыны сэрэтэр хайысханы таһынан, омук сүдүтэ кини ахсааныгар буолбакка, кини кутун-сүрүн күүһүгэр сытар диэн санаа этиллибитэ. Ол эбэтэр, уопсастыба эт-­хаан уонна духуобунай доруобуйатын икки арда быстыбат ситимнээх.

Тиһэҕэр тириэрдии

Мэдиссиинэ киинин көмөтүнэн өрөспүүбүлүкэ доруобуйатын харыстабылын саҥа чахчылара миэдиктэр ирдэбиллэрин эмиэ уларыппыта. Холобур, Александров Мэдиссиинэ национальнай киинин дириэктэринэн олорон, «Мабетекс» пииримэ туппут Ийэ уонна оҕо харыстабылын киинигэр ситэри оҥоһуллубатаҕы туората иликтэринэ тутартан букатыннаахтык аккаастаммыта.
Саҥа «лекалоларынан» атын да ыарыыны сэрэтэр-эмтиир тэрилтэлэр эмиэ саҥардыллыбыттара. 1999 сыл ахсынньытыгар Вячеслав Александровы Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһаҕа кылаабынай бырааһынан ыыппыттара. Бу балыыһаҕа өрөмүөн аһара өр тардыллан, Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ балыыһаны олох да сабар туһунан толкуйдуура. Хайыы үйэ 2000 сыл ыам ыйыгар Вячеслав Лаврентьевич уонна кини хамаандата өрөмүөн сүрүн үлэлэрин түмүктээбиттэрин сэргэ, 1995 сылтан дьааһыктарга сыппыт ангиограбы, көмпүүтэр томограбын уо.д.а. тэриллэри үлэлэтэри, онтон кэлин автономнай хочуолунайы тутууну уо.д.а. ситиспитэ.
Суһал мэдиссиинискэй көмө кэнсиэпсийэтэ ылыллыбыта, ол Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһа хирургияҕа сулууспатын саҥа таһымҥа таһааран, тосту уларытарга көмөлөспүтэ.
Вячеслав Лаврентьев үтүө үлэһит хаачыстыбаларын учуоттаан, 2003 сыллаахха СӨ доруо­буйаҕа харыстабылын миниис­тиринэн анаабыттара.
Вячеслав Александров:
Вячеслав Анатольевич Штыров кэлиитэ доруо­буйа харыстабылыгар уларыйыы­лар кэлиэхтээх кэмнэригэр сөп түбэспитэ. Хамаандалыыр-административнай модель оннугар, куойка-күннэргэ буолбакка, чопчу ыарыһаҕы куойкаҕа эмтээһин түмүктэригэр олоҕурбут тэрилтэлэри үбүлээһин саҥа экэнэмиичэскэй систиэмэтэ тахсан кэлбитэ. Уларыйыы сылларыгар, бастатан туран, бородуукта олох тиийбэт кэмигэр, хомойуох иһин, нэһилиэнньэ ыалдьара бэлиэтээбитэ. Оттон ыалдьыы элбээтэҕинэ, миэдиктэр үлэлэрэ үксүүр.
Вячеслав Анатольевич уонна бырабыыталыстыба көмөлөрүнэн мэктиэлэммит босхо мэдиссиинис­кэй көмө үрэйиллибэтэҕэ. Кини штат ахсаанын быстах кэмнээх социальнай нуормалара нэһилиэнньэ ыарыытын таһымыгар, эчэйиигэ, хомолтолоох түбэлтэлэргэ эппиэт­тээбэттэрин өйдөөн, миэдиктэри өйөөбүтэ. Биһиги социальнай нуор­малар чахчыга эппиэттээбэттэрин уонна мэдиссиинэ бүддьүөтүн оҥорууга тобох харчы тускулун туһаныы баарын өйдүүрбүт. Ол гынан баран, экэнэмиичэскэй бэлиитикэ социум интэриэстэригэр бас бэринэрин өйдөөһүн көмөтүнэн мэдиссиинискэй үлэһиттэр штаттарын сөптөөх ахсаанын хаалларары ситиспиппит. Ол аата биэлсэр-акушер пууннара, тыа сиригэр быраас амбулаториялара, учаастактааҕы балыыһалар оннуларынан хаалбыттара. Биһиги миэдиктэрбит сарсыҥҥы күҥҥэ эрэллээх этилэр. Онтон бу сылларга төһөлөөх элбэх таас балыыһалар тутуллубуттарай! Бэрдьигэстээххэ, Уус Маайаҕа, Аммаҕа, Чурапчыга, Ньурбаҕа, Орто Халымаҕа, Чокуурдаахха, Чернышевскай бөһүөлэгэр.
2008 сыллаахха аадырыстаммыт федеральнай инвестиционнай бырагыраама үбүн суотугар 150 куойкалаах уонна симиэнэҕэ 150 киһи сылдьар «Фтизиатрия» научнай-бырактыычаскай киинин дьиэтин иккис уочаратын тутан киллэрбиппит. Бу сыл федеральнай бүддьүөт суотугар сэллиги эмтиир оҕо өрөспүүбүлүкэтээҕи диспансерын тутууну саҕалаабыппыт. 80-с сыллар кэннилэриттэн Дьокуускайга миэдиктэргэ элбэх кыбартыыралаах икки дьиэ аан бастаан тутуллубута.
2006 сыл тохсунньутугар өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, мэдиссиинэ салаатын сүрүннүүр Евгения Исаевна Михайлова салалтатынан биһиги, доруобуйа харыстабылын тэрийээччилэр, Дьокуускайга дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин оробуочай сырыытыгар кэлбитигэр өрөспүүбүлүкэ салалтатын көҕүлээһиннэрин долгуйа кэтээбиппит. Онно учаастактааҕы быраастарга уонна биэлсэрдэргэ (хааччы­йар нэһилиэнньэлэрин ахсааныттан тутулуга суох, сылы быһа массыына сылдьыбат ыраах сытар нэһилиэктэри киллэрэн туран) эбии төлөбүрдэри оҥорор туһунан быһаа­рыы ылыллыбыта.
Бу сылларга норуот хаһаайыстыбатын биир да салаата, мэдиссиинэ үрдүк технологиялаах тэрилинэн сэбилэммитин курдук, сайдыбатаҕа. Мэдиссиинэ национальнай киинигэр эргэрбит мэдиссиинискэй тиэхиньикэни уларытарга Саха сирин бырабыыталыстыбатын уураа­ҕа дьоһун суолталаах түгэнинэн буолбута. Оттон үгүс оро­йуоннааҕы балыыһаларга ыарыыны быһаарар тэриллэр туруктара киһи санаатын түһэрэллэрэ. Ол иһин 65 тиэхиньикэ: көмпүүтэр томограбтара, рентгенодиагностическай тэриллэр, ангиографтар, МРТ, стерилизациялыыр тэриллэр, эспиэр-кылаас­таах УЗИ, о.д.а. атыылаһыллыбыта. Бу барыта өрөспүүбүлүкэ сүрүн тэрилтэлэригэр уонна Мииринэй, Нерюнгри, Ленскэй уо.д.а. оройуоннааҕы киин балыыһаларга өрөмүөннэммитэ. Ити көмөтүнэн мэдиссиинэ кыаҕа кэҥээбитэ, ол аата тыһыынчанан киһи олоҕун быыһаабыппыт.
Ити сыл Дьокуускайга кардиохирургия эпэрээссийэлэрин оҥоро аан дойдутааҕы ааттаах-суол­лаах учуо­най, академик Лое Бокерия кэлбитэ. Кини биһиги балыыһаларбыт сэбилэниилэрин, кардиохирурдар идэлэригэр таһымнарын үрдүктүк сыаналаабыта, ол кэнниттэн Мэдиссиинэ национальнай киинин базатыгар Бакулев аатынан ССХ НК салаатын тэрийэр туһунан сөбүлэһии­гэ илии баттаммыта.

Уопсай дьыала

«Миэхэ карьераны оҥостуу хаһан  да мин олоҕум соругунан буол­батаҕа», – диэн, кини идэҕэ суола олус көнө дии санааччыларга харда курдук этэр. Араас тургутуулар бааллара. Аҥаардас олоҕо суох буруйдааһынан сокуоннайа суох холуобунай сойуолааһын да баара. Ол гынан баран, күүтүллүбүтүн курдук, түмүгэр өрөспүүбүлүкэ борокуруора бырастыы гыннарбыта.

Дьиҥэр, ити устуоруйа киниттэн элбэх күүһү уонна ньиэрбэни ыллар даҕаны, сүрүнэ, кини аата-суола хараардыллыбата. Үгүс киһи кинини Саха сирин доруобуйатын харыс­табылын салайааччыларыттан биир бастыҥнарынан ааҕар.
Вячеслав Александров:
Мин олоҕум тухары туруоруммут соруктарбар үтүө суобастаахтык сыһыаннаһарга кыһаллан кэллим. Арай, итинник ис балаһыанньа тахсан кэлбитэ, ону толору бырааптаах­тык, дьаныардаахтык, уҕараабакка быһаарсар наада этэ. Мин, эдэр салайааччы, 1970 сыллар бүтүүлэригэр Саха сиригэр биһиги аан бастаан наркология өрөспүүбүлүкэтээҕи диспансерын тэрийэрбитигэр арылла илик суолунан инним диэки айаннаан испитим. Диспансерга наркология ыарыылаахтары, сэллик ыарахан көрүҥүн күүс өттүнэн эмтиир отделение баара. Манна даҕатан эттэххэ, ити кыһалҕа билигин да суолтатын сүтэрбэт.
САССР Доруобуйаҕа харыстабылын министиэристибэтин (билигин Өрөспүүбүлүкэтээҕи 3 №-дээх балыыһа) кылаабынай бырааһынан үлэлиир олох судургута суоҕа. 2003 сыллаахха Саха сирин доруобуйатын харыстабылыгар эппиэтинэһи бэйэҕэ ылыы өссө чэпчэкитэ суоҕа. Тоҕо диэтэххэ, 2003-2010 сыллар уларыйыы ыарахан кэмнэрэ этилэр. Чэпчэтиилэри харчыга көһөрүүнэн сибээстээн, социальнай эйгэ экэниэмикэтин уларытыы, нэһилиэн­ньэ көмүскэлэ суох араҥатын эминэн-томунан эбии хааччы­йыы, сүҥкэн национальнай бырайыактар уонна нэһилиэнньэ доруобу­йатын харыстабылын эйгэтигэр тус сыаллаах бырагыраамалар, доруобуйа харыстабылын модернизациялааһыҥҥа ылыллыбыт куурус – маннык баар усулуобуйаҕа биир санаалаахтарбын, биир идэлээхтэрбин, дуоктардары уонна мэдиссиинискэй үлэһиттэри, бас билии араас көрүҥнээх аптыакаларын исписэлиистэрин кытары үлэлиир­гэ тиийбиппит.
Кэннибин хайыһан көрөн баран, биһиги былааннаабыппытын барытын ситэри олоххо киллэрбэтэхпит диэн этиэхпин сөп. Атыннык былаан­наабыппыт, мэдиссиинэ-демография көрдөрүүлэрэ уларыйаллара, дьиҥэр, бу көрдөрүүлэргэ Уһук Илин уокуругар атын субъектары урутаа­быппыт. Биһиэхэ саҥа төрүүр оҕо элбэҕэ, ыарыыттан өлүү намтаабыта, итинтэн нэһилиэнньэ ахсаана улаатара көстүбүтэ.
2009 сыллаахха Вячеслав Штыров Дьокуускайга 115 куойкалаах, 40 куойкалаах радиология отделениелаах уонна хаһаайыстыбаннай блоктаах онкология диспансерын тутууну федеральнай тус сыаллаах бырагыраамаҕа киллэрэргэ РФ бырабыыталыстыбатыттан көрдөспүтэ. Диспансер онколог-исписэлиистэрэ тиэхиньиичэскэй сорудаҕы оҥорбуттара. Ону дьүүллэһэ мэдиссиинискэй физика уонна инженерия институтун дириэктэрэ, атом мэдиссиинэтин уонна мэдиссии­нискэй радиационнай физика салаатыгар сүрүннүүр исписэлиис кэлбитэ. Ол гынан баран, Дьокуускайга радиационнай онкологияны тиһиктээхтик сайыннарарга кыһалҕалар үөскээбиттэрэ. Ону оччолорго кыайан быһаарар кыахпыт суоҕа: ол — былааннааһын, бырайыактаа­һын, сэбилээһин хаамыытын тиһигин быспакка науканан арыаллаа­һын, технологиялары баһылааһын, медико-физическэй уонна тиэхиньиичэскэй сиэрбис, хаачыстыбаны хонтуруоллааһын уонна мэктиэлээһин систиэмэтин тэрийии уо.д.а. Онно ылбыт уопуппут билигин биһиги исписэлиистэрбитигэр кыһалҕалары быһаарарга көмөлөһөр дии саныыбын уонна онкология киинин тутуу ситиһиилээхтик иннин диэки баран иһэр.
Ону таһынан санитарнай авиа­ция ороскуота тохтообокко улаа­та турарынан сибээстээн, биһиги санитарнай сорудахтарга ороскуоту федеральнай бүддьүөккэ биэрэ сатаабыппыт. Хомойуох иһин, оччолорго РФ Доруобуйаҕа харыстабылын министиэристибэтэ биһиги көҕүлээһиммитин өйөөбөтөҕө. Ороскуоту федеральнай уонна өрөспүүбүлүкэ бүддьүөттэригэр араарыы билигин эрэ ситиһилиннэ, ону эҕэрдэлиэххэ эрэ сөп.
Сыра, кыһамньы ахсаана эрдэ дуу, хойут дуу хаачыстыбаҕа көһөрө үчүгэй. Биһиги бары, хас биир­диибит бэйэбит кэммитигэр, уопсай дьыаланы оҥоробут…

Елена ВОРОБЬЕВА суруйуутуттан Надежда ЕГОРОВА тылбааһа, «Саха сирэ», edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0