Сэһэргэһээччигиттэн көҥүллэппэккэ эрэ төлөпүөҥҥүнэн суолталаах кэпсэтиилэргин уһулан ылан суукка туоһу оҥосторгуҥ Арассыыйа Үрдүкү Суута сүнньүнэн утарбат. Мантан инньэ микрофоҥҥа этиллибит суукка, араспыыска тэҥэ, дакаастабылынан буолуон сөп курдук. Маннык позицияны Үрдүкү Суут соторутааҕыта Тверь уобалаһыгар буолбут дьыаланы көрүүгэ тутуста.Роман Попов, “Саха сирэ” хаһыат, https://edersaas.ru
Сүрүнэ: бэйэҥ дьыалабыай кэпсэтиилэргин микрофоҥҥа уһулан ыларыҥ атын киһи тус олоҕор орооһуунан буолбат – онно дьүүллэһиллэр боппуруостар эйиэхэ тус бэйэҕэр сыһыаннаахтарынан, туора дьон сэһэргэһиилэрин суруйан ылыы курдук көрүллүбэт.
Суукка Тверь уобалаһын олохтооҕо киниттэн харчы иэс ылан баран төннөрөртөн батыммыт урууларын кытта төлөпүөнүнэн кэпсэтиилэрин уһулан ылбытын туоһу оҥостон суукка кыайыылаах таҕыста.
Аныгы үйэҕэ тыл чыычаах буолбатах, тааҕы-таах тутан ылыахха сөп. Кэпсэтиини уһулан ылыы, сиэп төлөпүөнэ үөдүйүөҕүттэн, оннук уустук дьыала буолбатах.
Бу иннинэ эппиэттээччи кэпсэтиини диктофоҥҥа миигиттэн көҥүлэ суох уһулан ылбыттар диэн бырачыас түһэрбитин, итиэннэ кини адвоката, “Информация, информационнай технологиялар уонна информацияны араҥаччылааһын туһунан” сокуоҥҥа сигэнэн, киһи чааһынай олоҕун туһунан информацияны хомуйуу бобулларын ыйыытын кытта алын суут сөпсөһөн, аудио-уһулууну ылымматаҕа. Ол быһаарыыны Үрдүкү Суут көтүрэн, дьыаланы хаттаан көрүүгэ ыытта.
Ону Үрдүкү Суут сэһэргэһээччилэртэн биирдэстэрэ өрүттэр түһэрсибит дуогабардарын сүнньүнэн кэпсэтиилэрин устан ылбытын, маннык информацияны бэлиэтэнэн ылыыны сокуон боппотунан быһаарда.
Суутунан иэстээччи дьон кэпсэтиилэрин кистээн истибэтэх, туора киһи тус олоҕун туһунан информацияны хомуйбатах, оттон бэйэтин кэпсэтиилэрин уһулан ылар толору бырааптаах диэн буолбут.
Гражданскай процессуальнай кодекс аудио-уһулууну дакаастабыл сириэстибэтинэн билинэр. Онно этиллэринэн, суукка уадио-уһулууну туоһу матырыйаал оҥостор киһи ол хаһан, ханна, ханнык усулуобуйаҕа оҥоһуллубутун ыйара булгуччулаах.
Роман Попов, “Саха сирэ” хаһыат, https://edersaas.ru