Харантыын кэмигэр хайдах харыстанарга итиэннэ бэйэ туругун хонтуруоллана сылдьарга эмчиттэр маннык сүбэлииллэр.
edersaas.ru
- Хас сарсыарда ахсын салгыны эҕирийэн баран, тыыҥҥын хаай… онтон тыын ыларгар сөтөлүннэххинэ, ол сэрэтии: коронавирус 20 күн биллэрбэккэ сылдьан баран, фиброс үөскээн эмискэ биэрэр.
2. Хас 15 мүнүүтэ ахсын ыстакаан аҥаара итии ууну ис. Ол итии уу вирус бастаан куолайга мустарын суурайан, куртаххар буһара ыытар.
3. Айаххын, куолайгын сылаас, туустаах уунан сайҕана сырыт.
4. Илиигин улахан %-наах хаһаайыстыбаннай мыыланан сууна сырыт.
5. Хас күн ахсын тахсан киирэргин тутус.
6.Хаһаайыстыбанай мыыланан муннуҥ иһин күҥҥэ хаста да бистэ сырыт. Оччоҕуна, мааска да наадата суох буолар.
7. Таҥаскын уларытта, сууйа сырыт.
8.Аскын-үөлгүн көрүн, түбэһиэх аһаама, остуолгар сылаас ас, итии эт миинэ баар буоларын хааччый.
САНААҔЫН УЛАРЫТЫМА. ТЭТИМҤИН УЛАРЫТЫМА. КУТТАНЫМА. КҮЛЭ-ҮӨРЭ, ДЬОЛУ СОМСО, КҮН СИРИН КИЭРГЭТЭ СЫРЫТ.
Раиса Сибирякова, «Саха сирэ» edersaas.ru
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1