Эмтээх чэй
Тымныы кыһыммытыгар ичигэстик таҥнарбытын сэргэ, доруобуйабытын көрүнэ, чэбдигирдинэ сылдьыаҕыҥ. Тоҕо диэтэххэ, ордук кыһыҥҥы тымныыга киһи организмын утарылаһар күүһэ биллэ намтыыр, мөлтүүр. Ол иһин сөтөл, тумуу, тымныйыы ордук элбиир.
Дьиҥэр, бу кэми сынньанарга уонна күүһү-уоҕу чөлүгэр түһэрэргэ туһаныахтааххыт диэн сүбэлииллэр. Ол эбэтэр, түүннэри тэлэбиисэргэ, көмпүүтэргэ олорбокко, батсааптаспакка, сөпкө утуйан, туран сылдьыллыахтаах. Ону сэргэ, биллэн турар, сарсыардатын сэрээккэлээн, хамсанан-имсэнэн, сылаастык таҥнан сылдьарыҥ, иҥэмтиэлээх аһынан аһыырыҥ улаханнык көмөлөһөр.
Бүгүн биһиги тымныйыыны утары чэйдэр, утахтар ырысыаптарын билиһиннэриэхпит.
Малиналаах чэй
Тымныйдахха, гриптээтэххэ, төбөҥ ыарыйдаҕына, кыраадыһыҥ таҕыстаҕына, бу чэйи иһэргэ сүбэлииллэр.
Сылаас чэйгэ (хара, күөх) 3–4 чаайынай ньуоска малина барыанньатын эбэтэр саахардаах малинаны кутаҕын. Бэйэҥ үргээн хаһааммыт малинаҕын сэбирдэхтэри тоҥорбут буоллаххына, сэбирдэҕин кытары угаҕын.
Лимоннаах чэй
Лимоҥҥа С битэмиинэ элбэх. Организмыҥ ыарыыны утарылаһар күүһүн улаатыннарар. Тымныы кэмнэргэ лимоннаах чэй организмы бөҕөргөтөр, ыарыыны утарылаһар дьоҕуру күүһүрдэр.
Лимоннаах чэйи сылаастыы иһиҥ. Лимоннаах чэйгэ имбирь эбиэххитин сөп.
Мүөттээх чэй
Күөмэйиҥ ыарыйдаҕына, сөтөлүннэххинэ, мүөттээх чэйдэ ис диэн куруук сүбэлээччилэр. Ол гынан баран, мүөккэ аллергиялаах киһи чугаһаабата ордук.
Өскөтүн аллергияҥ суох буоллаҕына, сылаас чэйгэ 1–2 чаайынай ньуоска мүөтү кут уонна сылаастыы ис. Маннык чэйгэ имбирь, лимон эбэн биэрдэххинэ, туһата өссө улаатар дииллэр. Күөмэйиҥ ыарыйдаҕына биир чаайынай ньуоска мүөтү чэйи иһиэҥ иннинэ оргууйдук, бытааннык сиэ.
Имбиирдээх чэй
Тымныйбыт, кыраадыһа үрдээбит киһиэхэ олус көмөлөөх чэй диэн бигэргэтэллэр.
Имбирь силиһин ыраастаан баран теркаҕа аалаҕын. Оргуйбутунан ууга 1 остолобуой ньуоска имбирь бытарытыллыбытын кутан баран, хаппахтаан 10-15 мүнүүтэ туруораҕын. Мүөт, лимон эбэн баран иһиэххэ сөп диэн суруйаллар.
Туһалаах утахтар
Отонтон морсу сөбүлээн иһэбит. Тымныйбыт кэмҥэ морсу убаҕас соҕус гына оҥорон истэххитинэ, кыраадыскыт намтыа, түргэнник үтүөрүөххүт.
Хаптаҕастан бэлэмнэниллибит морс тымныйыыны түргэнник аһарарга көмөлөөҕүн уруккуттан бары да билэр буолуохтааххыт. Өссө организмы бөҕөргөтөр, ыарыыны утарылаһарын күүһүрдэр диэн этэллэр.
Тумууну тугунан эмтиибит?
Биир өлүүскэ чеснокка биир остолобуой ньуоска мас арыытын кутан түүн устатыгар эбэтэр күн аҥаара туруорабыт. Ол кэнниттэн муннубутугар биирдии хааппыланы кутабыт. Чеснок, билэргит курдук, вируһу утары охсуһар. Тумууттан киһи мунна кытаран тахсыбат. Тумууҥ түргэнник ааһарыгар көмөлөөх.
Сүбүөкүлэ эбэтэр моркуоп сүмэһинигэр тэҥ өлүүскэ ууну кутан туттабыт.
Каланхоэ олус эмтээх үүнээйи. Тумуу-сөтөл турда да, бу үүнээйи сэбирдэҕиттэн сүмэһинин аалан, ыган ылаҥҥын бэйэҕит, оҕоҕут муннугар күҥҥэ иккилиитэ-үстүүтэ биирдии хааппыланан куттуҥ. Ыарыы элбээбит, турбут кэмигэр, үстүү хааппылаҕа тириэрдиҥ.
Сылааска тыыныы
Таһырдьа тахсыбат кэмҥэ, ордук киэһээ, сылааска тыынар, ол эбэтэр ингаляция оҥостор туһалаах. Маҥнай, күөмэйгитин, тыынар уоргаҥҥытын сылааска сиэппэт курдук сэрэнэн боруобалаан көрүҥ. Оҕону тыыннарар буоллаххытына, ордук болҕомтолоох буолуҥ, сэрэниҥ. Сылаас ууну тохпот туһуттан, көрөн-истэн, кэтээн олоруҥ.
Оргуйбут биир чаанньык ууга 3-4 чаайынай ньуоска аска туттуллар суоданы кутуҥ уонна ол сылаас паарыгар сотторунан, суорҕанынан бүрүнэн баран, уонча мүнүүтэ тыыныҥ. Маннык ингаляцияны ромашканан, шалфейынан, мятанан оҥостуохха эмиэ сөп.
Пихта эбэтэр эвкалипт арыыта эмиэ көмөлөөхтөр дииллэр. Сылаас ууга 3-5 хааппыла арыы кутуллар. Сылааһын эмиэ бэрэбиэркэлээн эрэ баран, халыҥ таҥаһынан бүрүнэн олорон тыыныҥ.
Күндү ааҕааччыларбыт, эһиэхэ анаан, араас источниктартан, «Мать и дитя» энциклопедияттан хомуйан бэлэмнээтибит. Доруобай буолуҥ. Ыалдьымаҥ. Тумуулаатаххытына, сөтөлүннэххитинэ, кыраадыскыт таҕыстаҕына, бырааска сылдьаргытын умнумаҥ.
Биһиги корр., «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: интэриниэттэн