Аныгы үйэҕэ киһи олоҕун бэйэтэ оҥостор кыахтаах. Онуоха ордук эдэр дьон кэм ирдэбилин сөпкө өйдөөн, хапсаҕайдык хамсанан, кыраттан саҕалаан үлэлээн-хамсаан, олохторун уйгутун оҥостоллор. Оттон сөбүлүүр дьарыгы булан, онтон үптэнэн, аһаан-таҥнан олоруу туспа дьол буоллаҕа.
Барыта кыраттан саҕаланар
Матреналаах Алексей устудьуоннуу сылдьан ыал буолбуттара. Иккиэн Булуҥ улууһун Күһүүрүттэн төрүттээхтэр. Кыыс Нерюнгригэ баран оскуоланы бүтэрбитэ, онтон тыа хаһаайыстыбатын академиятыгар киирбитэ. Ол үөрэнэ сырыттаҕына, Улан-Удэ куоракка кэтэхтэн үөрэххэ көһөрбүттэрэ.
Төһө да биир нэһилиэктэн сырытталлар, оччолорго чугастык билсибэт этилэр, онтон кыыс 2008 сыллаахха үөрэххэ туттарса кэлбитигэр, биир дойдулаахтар көрсөн, ыкса билсэн барбыттара, эдэр сүрэхтэргэ таптал кыыма умайбыта. Эһиилигэр ыал буолбуттара, 2010 сыллаахха уоллара төрөөбүтэ.
Эдэр ыал сиэринэн, кыһалҕаны да билбиттэрэ, куортамҥа саамай чэпчэки сыаналаах мас дьиэни ылан олорбуттара, элбэхтик көспүттэрэ, оҕолонон баран биирдэ толору хааччыллыылаах таас дьиэни куортамнаспыттара. Бырапыыска суох буолан, оҕо саадын булуу эмиэ күчүмэҕэйдэрдээх этэ.
“Бэйэбит бас билэр дьиэлээх буолуохтаахпыт” диэн санааттан, ипэтиэкэ ылан, 2014 сыллаахха КПД дьиэҕэ икки хостоох кыбартыыраны атыыласпыттара. Оҥоһуллубатаҕа ырааппыт дьиэни бастаан бэйэлэрэ өрөмүөннүү сатаабыттара. Үлэ кэнниттэн киэһэ кэлэн үлэлиир буолан, утуйар хоһу ыйы быһа оҥорбуттара. Төһө да иккиэн бааҥҥа үлэлээтэллэр, эдэр ыалга ипотека ыарахан сүгэһэр этэ. Ону тэҥэ, өрөмүөҥҥэ диэн харчы мунньаллара.
Онтон дьэ, кыыстара төрүөн иннинэ, үс сыллааҕыта өрөмүөнү биригээдэҕэ сакаастыырга быһаарыммыттара. Анал үлэһиттэр биир ый иһинэн бүтэрэ-оһоро охсубуттара. Дэкириэт харчытынан төлөспүттэрэ, Ийэ хапытаалын ипотекаҕа туһаммыттара. Ый кэриҥэ остуола, куукуна аана суох, эргэ миэбэллээх олорбуттара. Сыыйа барытын атыылаһан, дьиэни баҕа хоту толорон, киэргэтэн барбыттара.
“Сканди” истииллээх дьиэ
Матрена бу инниттэн интэриниэтинэн дьиэ ис бараанын, киэргэтиитин көрөр буолбута. Скандинавскай истиили олус сөбүлээбитэ. Чахчы, хараҥа дьиэни сырдатар кыахтаах, сырдык өҥнөөх интерьер хоту дойдуга барсарын өйдөөбүтэ. Өрөмүөн хаартыскаларын кыралаан “Инстаграм” сирэйигэр угар буолбута. Тута кэриэтэ дьон интэриэһиргиир, сэргиир буолан барбыта. Ол иһин блогун сайыннарарга быһаарыммыта. Эрдэттэн бэлэмнэнэн, элбэх хаартысканы уган, тиэкиһин суруйан баран, атын блогердарга рекламаны сакаастаабыта. Бу кэнниттэн элбэх сурутааччыламмыта. Билигин Матрена Стручкова блогун 26,6 тыһыынча киһи көрөр.
“Ютубка” дьиэ интерьерин, өрөмүөнү көрдөрөр Ольга Качанова “Как живут другие?” биэриитигэр эргэ КПД дьиэни уларытыы туһунан таһааран, Арассыыйа үрдүнэн сэҥээриини күөдьүппүтэ. Пандемия кэмэ буолан, Стручковтар бэйэлэрэ устан ыыппыттара, онтон видеонан кэпсэппиттэрэ. Бу кэнниттэн атын куораттартан элбэх дьон суруттарбыта. Дьиэ хаартыскалара Казахстаҥҥа тиийэ олус элбэх интерьернэй пабликтарынан тарҕаммыттара.
Кыыһа 3 сааһын туоларыгар Матрена үлэтиттэн уурайарга быһаарыммыта. “Үлэһиттэри сарбыйыы буола турар, үлэҕэр таҕыстаххына да, сарбыйыахтара, онон эрдэ бэйэҥ уурай” диэн эппиттэрин ылыммыта. Кини билигин блогун үлэ оҥостон, онтон дохуот киллэринэр.
“Киһи барытыгар үөрэнэр кыахтаах”
— Матрена, аан бастаан киһи бэйэтин туһунан аһаҕастык кэпсииригэр уустуктары көрсөрө буолуо?
— Мин хаһан да дьоҥҥо биллэр киһи, блогер эрэ буолуом дии санаабат этим. Кылааска саамай симик, сэмэй кыыстара этим. Дьон иннигэр тахсан саҥарарбын кыбыстарым. Элбэх саҥа дьон кэлбитигэр, олус долгуйбутум. Бастаан бэйэм туспунан таһаарбат, сирэйбин көрдөрбөт этим. Сыыһа саҥаран кэбиһиэм диэн, хос-хос устарым. Сылы быһа дьиэбин таһаарбытым, өрөмүөн туһунан кэпсээбитим. Аны туран, маҕаһыыннар реклама уһултара ыҥырдахтарына, олус кыбыстарым. “Дьон туох эрэ диэхтэрэ” диэн долгуйарым, соҕотох барымаары, чугас дьоммун соһорум.
Онтон сыыйа үөрэнэн, уйулҕа бу моһолун туораатым. Киһи барытыгар үөрэнэр эбит. Билигин үлэм курдук саныыбын, бэйэм олохпун, дьиэ кэргэммин көрдөрөбүн. Сүрүнэ, бэйэҥ кутталгын, кыбыстаргын кыайан, үөрэнэн, сайдан иһиэхтээххин. Кэргэним миигин өйүүр, көмөлөһөр, бииргэ сылдьан, хаартыскаҕа түһэрэр.
— Эйиэхэ бу үлэҥ тугу биэрдэ?
— Бэйэҕэ эрэллээх буоларга үөрэнним, уларыйдым, холобур, камераҕа саҥарартан кыбыстыбат буоллум. Элбэх саҥа дьону кытары билистим, сыыйа тулалыыр эйгэм уларыйар.
“Бэйэ дьарыктаах” (“самозанятай”) диэн буолбутум, дохуоппуттан нолуок төлүүбүн. Тоҕо диэтэр, реклама биэрэр тэрилтэлэр урбаанньыт, эбэтэр “бэйэ дьарыктаах” буолары ирдииллэр, буҕаалтырдарга ол ордук табыгастаах.
“Дьон кэрэни кэрэхсиирин туһугар”
— Үгүстэр хамнастаах үлэттэн барартан куттаналлар, оттон эйиэхэ оннук куттал суоҕа дуо?
— Мин үлэбиттэн барыам инниттэн, блогум элбэх сурутааччыланан, реклама биэрээччилэрдэнэн, үлэлии турбута. Онон оннук айылаах саарбахтааһын суоҕа. Эдэр ийэҕэ маннык үлэлиир үчүгэй эбит. Сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри үлэлээбэккин, сыраҥ бараммат, дьиэ кэргэҥҥэр болҕомтоҥ күүһүрэр. Оҕолор кыра эрдэхтэринэ, ийэлэрэ аттыларыгар баара ордук дии саныыбын. Уруок да аахтарарга, куруһуоктарга таһарга, уһуйааҥҥа бэлэмнииргэ да, эргиччи көмөлөөх.
— Блогер буолуон баҕалаах дьоҥҥо тугу сүбэлиэҥ этэй?
— Саамай сүрүнэ, кыраһыабай хаартыскалар, дьоҥҥо туһалаах, чиэһинэй, ис сүрэхтэн тахсар тиэкистэр баар буолуохтаахтар. Хаартыскаҕа түһэрэргэ анаан үөрэммэтэхпит эрээри, кэргэним уруккуттан түһэрэр. Соторутааҕыта тиэхиньиичэскэй өттүнэн баһылыыр кууруска үөрэммитим. Хаартысканы тупсарарга өссө үөрэниэхпин баҕарабын. Ханнык баҕарар киһи үчүгэйдик түһэрэ үөрэниэн сөп дии саныыбын.
Мин билигин дьыл кэминэн уларытан, дьиэни киэргэтэрбин, малы-салы сөпкө харайарбын, ханнык маҕаһыыҥҥа чэпчэтии баарын, о.д.а. таһаарабын. Бырааһынньыктарга постердары баҕалаахтарга босхо ыыталааччыбын. Сылга иккитэ дьиэ кэргэнинэн тас дойдуларга айанныы барабыт, ол туһунан кэпсиибин. Дьон кэрэни кэрэхсии, дьиэлэрин киэргэтэ үөрэнэллэригэр, олохторун тупсарарга дьулуһалларыгар баҕарабын. Саха сатаабата диэн суох, ол барыта бэйэҕиттэн эрэ тутулуктаах.
Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: суруйуу дьоруойун дьиэтээҕи архыыбыттан.