Бэйэ дьарыктаах буолуута быдан табыгастаах

Бөлөххө киир:

Бүгүн, олунньу 21 күнүгэр, СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Михаил Никифоров быһа биэриигэ тахсан тыа хаһаайыстыбата, урбаан, бэтэринээрийэ, туризм салааларыгар нэһилиэнньэ ыйытыыларыгар хоруйдаата.

edersaas.ru

Бэрэссэдээтли солбуйааччы бэйэ дьарыктаах буолуутун туһунан ыйытыыга тылы СӨ Урбаан миниистирэ Ирина Высоких эппиэттииригэр биэрдэ.

—Бэйэ тус дьарыктаах буолуутугар биһиги өрөспүүбүлүкэбит атын эрэгийиэннэргэ холоотоххо, көхтөөх. 2021 сылга диэри былааннаабыт көрдөрүүбүтүн ааспыт сылга толорбуппут. Холобура, ахсынньы ыйга номнуо биэс тыһыынча киһи суруттарбыта чопчуламмыта. Бэйэ тус дьарыктаах буоллаҕына, ханнык эмэ өҥөнү оҥордоххо, 4 % эрэ нолуогу төлүүгүн,  тэрилтэлэр 6 % нолуогу биэрэллэр. Онтон сылга 2 мөлүйүөн 400 солкуобайтан элбэх харчыны өлөрөр буоллаххына, ИП буолаҕын, – диэн миниистир эттэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0