Бэйэ бородууксуйатын дэлэтэргэ

Бөлөххө киир:

«Саюри» төгүрүк сыл үлэлиир тэпилииссэ кэҥээн, билигин иккис уочарата тутуллан бүтэн эрэр. Билиҥҥитэ сибиэһэй оҕуруот аһын оҕо тэрилтэлэригэр тиксэрэллэр. Кыамталара улааттаҕына, куорат олохтоохторун толору хааччы­йыахтара. Кэлэр сылларга отонтон, үүнээйиттэн, табаттан, балыктан, сылгыттан, эттэн оҥорон таһаарыы сайдан, көрүҥэ элбиэхтээх. Бэйэ аһа төһө да сыаналааҕын иһин, хамаҕатык атыыга барар. Билигин доруобуйатын көрүнэр киһи барыта араас кутталлаах эбиискэтэ суох төрүт аһы талар. 

edersaas.ru

Алдаҥҥа, Ленскэйгэ маһы таҥастааһын бырайыага сир баа­йыттан тутулуга суох экэниэмикэ сайдыытын хайысхатынан тахсыахтаах. Ону олоххо киллэрэргэ ойуурга улахан тиэхэньикэ ааһар суолун оҥоруохтара. Билигин кураанах маһы атыылаан элбэх харчыны эргиппэккин, кырата буруус, лафет тобоҕуттан пеллет уматык оҥорон таһаардахха көдьүүһэ улаатар.

Бэйэ оҥорон таһаарыытын сайыннарарга Кангалааска билигин тутуу матырыйаалларын, кырааска, стеклопакет, сууйар-сотор бытовой химия, полиэтиленовай турба, керамическай кирпииччэ, «Липснеле» хочуоллары оҥороллор. Чааһынай дьиэ туттарга кэлии матырыйаалы аҕыйах сылынан ити курдук бэйэбит бородууксуйабыт солбуйуохтаах.

Марианна Тыртыкова, «Саха сирэ», edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0