Дьокуускай куоракка Лермонтов аатынан уулуссаҕа турар 26-с нүөмэрдээх дьиэ аллараа этээһигэр (“Мегафон” утары) Саха сиригэр оҥоһуллан тахсар аһы-үөлү атыылыыр маҕаһыын бүгүн, сэтинньи 20 күнүгэр, аанын тэлэччи арыйда.
Манна Дьокуускайдааҕы көтөр фабриката, Хатастааҕы сибиинньэ иитэр комплекс, Дьокуускайдааҕы килиэп кэмбинээтэ, “Туймаада-Агроснаб” АУо курдук улахан тэрилтэлэр уонна “СахаАгроПродукт” ӨТХПХБК иһинэн киирэр кэпэрэтииптэр бэйэлэрэ оҥорон таһаарбыт бородууксуйаларын бииргэ атыылыахтара. Ол иһин маҕаһыын “Түмсүү” диэн ааттаах.
Улахан кэпэрэтиип салалтата маҕаһыыны үөрүүлээхтик арыйыы кэмигэр бастакынан кэлбит 10 атыылаһааччыга бэлэхтэри туттарда. Бу курдук “Саха сиригэр оҥоһулунна” бырайыак чэрчитинэн киин куораппытыгар саха төрүт аһын атыылыыр маҕаһыын элбээн эрэрэ кэрэхсэбиллээх.
Василий НИКИФОРОВ, edersaas.ru