Уһун өрөбүл усталара «Жилкомсервис» тэрилтэ бэйдиэ сылдьар ыттары тутар үлэтин тохтоппото. Билиҥҥи туругунан бэйдиэ сылдьар ыттары тутуунан икки биригээдэ дьарыктанар. Саас буолан халлаан сылыйан, бэйдиэ сылдьар ыт ахсаана көҕүрээбэт.
Куорат олохтоохторуттан уонна куораттан ыты туттарыыга сайаапкалар киирэ тураллар. Бу туһунан ыттары быстах кэмҥэ тутар пуун салайааччыта Александр Тарасов маннык иһитиннэрэр:
— Бэйдиэ ыттары ордук Автодорожнай, Сайсары, Промышленнай уокуруктартан уонна Мархаттан тутабыт. Бу уокуруктартан сайаапкалар ордук элбэхтэ киирэллэр.
Пууҥҥа турар ыттар аччыктаабаттар. Соторутааҕыта биир тэрилтэ 600 киилэ куурусса этин аҕалан туттарбыта.
Ульяна Захарова, edersaas.ru
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1