Кэлиҥҥи сылларга өрөспүүбүлүкэ оскуолаларыгар бизнес-инкубатордары тэрийэн үлэлэтэр сорук турарын өйдөөн, уопсай орто үөрэхтээһин кыһаларыгар бу боппуруоһунан утумнаахтык дьарыктанан эрэллэр. Уус Алдан улууһун Бэйдиҥэ орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ олбуордар тимир ааннарын, тимир көхөлөрүн оҥороллор.
Елена ПОТОЦКАЯ «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Уус Алдан улууһун Бэйдиҥэтигэр командировкаҕа сылдьан, оскуолалара сибэккинэн баайын сэргии көрбүтүм. Ол үүнээйилэр киһи хараҕа хатанар сүрдээх нарын тимир оһуордаах иһиттэргэ тураллара, оскуола интерьерин олус киэргэтэр этилэрэ.
— Уулуссаҕа таҕыстахха, олбуордар тимир ааннара, тэрилтэлэргэ киирдэххэ, тимир көхөлөр — бу барыта биһиги оскуолабыт мастарыскыайын оҥоһуктара, — диэн киэн тутта кэпсиир быйыл үһүс үөрэх дьылын завучтуур Елена Дансарунова.
Салгыы үөрэтэр оҕолорун оскуола эрдэхтэн дьоҕус бизнескэ үлэлииргэ уһуйар педагогическай кэлэптиип эдэр салайааччыларын кэскиллээх былааннарын бэркэ сэргии истибитим.
Үөрэх: уол оҕону — эр киһилии
Тимири оҥоһукка үлэ уруогун учуутала Николай Гоголев мастерскойугар киирэн анаан кэпсэттим. Уус Алдан Найахатыттан төрүттээх эдэр киһи Намнааҕы педколледжы бүтэрээт, Дьааҥы улууһун Боруулааҕар үлэ уруогун учууталынан аҕыс сыл үлэлээбит. Былырыын үлэ көстүбэккэ, улуустааҕы «Ньургуһун» оҕо саадыгар музыка учууталынан сылдьыбыт. Онтон Бэйдиҥэ оскуолатын дириэктэрэ Иван Артамоновы көрсөн, үлэ учуутала миэстэтэ тахсыбытын истэн, быйыл иккис сылын Бэйдиҥэҕэ үлэлиир. Олохтоох дьаһалта эдэр исписэлиистэри уопсай дьиэҕэ олохтообут. Инньэ гынан биир уопсай дьиэҕэ Хаҥаластан сылдьар историк учуутал, Уус Алдан Мындаабатыттан тустуу тренерэ буолан, бииргэ олороллор. Онон усулуобуйанан эдэр учууталар толору хааччылыбыттар.
— Эр киһи оскуолаҕа үлэлиирэ хайаан да наада. Уол оҕону эр киһилии иитэр сорук турар. Оскуолабытыгар уонча эр киһи баар. Оҕо саадыгар үлэлиир эрдэхпинэ, иитээччилэр эр дьон өрөспүүбүлүкэтээҕи түмсүүлэрэ баара. Эр киһи олоххо туспа көрүүлээҕэ чахчы. Онон тимиринэн уһаныыга оскуолабытыгар улахан болҕомто ууруллар, — диэн кэпсиир Николай Иванович.
Сакаас хамаҕатык киирэр
Оҕолор сүрүннээн тимир боруоталары оҥорорго оһуордаах тимирдэри анал тэрилгэ эрийэн таһаараллар. Бастакы саҕалааһын түмүгүнэн, обургу оҕолору олус интэриэһиргэтэр эбит. Бу сайын үлэ уруогун учуутала уоппускатыгар анаан хаалан үлэлээн, 10-тан тахса сакааска киирбит тимир боруотаны иһэрдэн оҥорбут. Сакаас хамаҕатык киирэрэ, Бэйдиҥэ уулуссаларынан ааһан истэххэ көстөр. Онон Тупсарыы сылыгар бу оскуола мастарыскыайа кыһыннары-сайыннары тигинэччи үлэлээтэ.
— Тимир боруота, сибэкки иһитин, көхө, ыскамыайка эскиһин сакаасчыт бэйэтэ оҥорор. Биһиги кыратык уларытан биэрэбит. Уопуттаах настаабынньык-сыбаарсык Афанасий Копырин үлэлэһэр буолан, сакааспыт түргэнник оҥоһуллар. Тэрилтэлэртэн араас сакаас киирэн эрэр. Онон тимир оҥоһугу оҥорон таһаарар «Уһуйаан» куруһуокка сылдьар 7-11 кылаас оҕолоро сотору кэминэн оскуолабытыгар тэриллиэхтээх бизнес-инкубатор бастакы резиденнеринэн буолуохтара, — диэн санаатын үллэстэр Николай Иванович.
... Ити курдук, Бэйдиҥэ агропрофилированнай орто оскуолатын эдэр салалтата дьоҕус бизнеһи сайыннарыыга кэскилээх былааннаах.
Елена ПОТОЦКАЯ «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru