Бөҕө Мөтөөс

Ааптар: 
29.10.2022
Бөлөххө киир:

Бөҕө Мөтөөс Сунтаар улууһун былыргы күүстээҕэ.

XIX үйэ иккис аҥаарыгар Бүлүү өрүһүн улуустарыгар киниэхэ тэҥнэһэр күүстээх, бухатыыр киһи үөскээбитэ биллибэт. Кини күүһүнэн уонна тустуутунан улаханнык аатырбыт  Сүһүөхтээн бүдүрүйбэтэх, эгээннээхтэн тэмтэрийбэтэх, аҥаардастыы аатырбыт,  соҕотохтуу сураҕырбыт улахан тустуук, бухатыыр эбит.

1870  сыллаахха бадахтаах,  Сунтаар улууһун биир улахан ыһыаҕар 30  бууттаах сымара тааһы бэлэмнээн дьон күүһүн боруобалаабыттарын туһунан кэпсээн баар. Онно Бөҕө Мөтөөс бу тааһы көтөҕөн баран,  түһүлгэ устун хаама сылдьыбыт. Бөҕө Мөтөөс киһи хараҕа туолар, үскэл,  бөдөҥ киһи эбитэ үһү. Омуннуу таарыйа эттэххэ,  ыйдаҥатааҕы тиит күлүгүн курдук  уолан хаан эбит.

Саха халандаарыттан, 2007 с.»Айар» кинигэ кыһата

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0