Бэдьимэ маҥхааһайа – устуоруйа кэрэһитэ

Ааптар: 
21.11.2020
Бөлөххө киир:

… Сарсыарда аҕыс чаас ааһыыта, Ньукулай чаһыытын көрөөт, сып-сап хомунан айар кута уһуктар, сонун сүүрээн, тосхол тобуллар дьиэтигэр — үлэлиир мастарыскыайыгар тиэтэйдэ.

edersaas.ru

Бу курдук, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Табаҕа сэлиэнньэтин олохтооҕо, норуот маастара, мас ууһа Николай Макаров дууһата сытар үлэтинэн дьарыктаммыта сүүрбэччэ сыл буолла.

Бэрт интэриэһинэй дьарык­таах, саха норуотун духуобунай сайдыытыгар, бэйэтэ да билбэтинэн, сүҥкэн кылааты киллэрсэ сылдьар киһини кытта кэпсэтиим социальнай ситимҥэ тахсыбыт иһитиннэрииттэн (Бэдьимэ маҥхааһайын макыатын оҥоруу) саҕылынна.

Төрүт муусука тэрилиттэн саҕалаан

— Николай Николаевич, эн киһи сөҕөр дьикти дьарык­таах эбиккин. Хаһааҥҥыттан саха норуотун былыргы олоҕун-дьаһаҕын арыйар үлэнэн – макыат оҥоруунан дьарыктаммыкыный?

— Кэккэ сылларга Байкалов, Ленин ааттарынан сопхуостарга үлэлээбитим. 1993 сылтан эр­гиэн тэрилтэтигэр үлэлээн, улууска «2005 сыл бастыҥ дириэктэрэ», «Арассыыйа потребительскай кэпэрээссийэтин тиһигэр үтүө суобастаах үлэтин иһин» бэлиэлэринэн наҕараадаламмытым. Ол сылдьан тэрилтэбит үлэтэ мөлтүү быһыытыйан, үгүс киһи, ол иһигэр мин, үлэбит миэстэтэ сарбыллыбыта. Онон 50 саастаахпар биэнсийэлээх буолан, «бочуоттаах» дэнэр сынньалаҥҥа барбытым. Уруккуттан уһанар буолан, кыракый дьиэ туттан, үлэлиир мастарыскыай оҥостубутум. Бу мантан саҕыллан тахсыбыта араас бырайыак, айар-тутар санаа толкуйа. Ол курдук, саха төрүт муусукатын тэриллэрин оҥоруутунан дьарыктанан барбытым. Онон үлэбиттэн барбытым ордук да курдук буолан тахсыбыта. Айарга-тутарга бириэмэ көстүбүтэ. СӨ култууратын үтүөлээх үлэһиттэрэ Герман уонна Клавдия Хатылаевтар сала­йар «Кылыһах», «Дьөһөгөй» бөлөхтөрүн, «Кыталык» норуот ансаамбылын кытта үлэлэһэн, саха муусукатын былыргы тэриллэрин (күпсүүр, кырыымпа уо.д.а.) оҥорор буолбутум. Бэрт элбэҕи ааҕан, билиибин хаҥаттан, кэргэним саха сылын учуутала Прасковья Титовна өйөөн, айымньылаах үлэм саҕаламмыта. Оччолорго саха тыына уһуктан, төрүт култуураны сөргүтүү саҕаланан, хотуттан-соҕурууттан миэхэ араас сахалыы тэриллэри оҥорорго сакаастар киирэн барбыттара. Онон улууһум айар үлэм үгэнигэр, саха ускуустубатын Арассыыйаҕа, тас дойдуга билиһиннэриигэ кылаатын киллэрсэр диэн бэлиэтии көрөн, Мэҥэ Хаҥалас уонна СӨ норуотун маастарын аатын иҥэрбиттэрэ. Аны улуус култуураҕа духуобунай сайдыыга управлениетын Гранын хаһаайынынан буолбутум. Онон улууһум култуураҕа управлениетыгар үлэбин бэлиэтии көрөн сыаналаабыттарыгар муҥура суох махтабын.

Макыаты – хаартыскаттан көрөн

— Саха былыргы балаҕаннарын, тутууларын макыатын оҥорор бэрт уустук уонна мындыр үлэни баһылаабыккын.

— Манньыаттаах баай, Амын­ньыкы хомусчут балаҕаннара, Тараҕай (Табаҕа) нэһилиэгин бастакы оскуолата, холкуостааһын кэминээҕи «Саха ыалын тэлгэһэтэ» курдук улахан үлэлэрдээхпин. Бу макыаттары анаан оҥорбутум.

— Ол балаҕан, дьиэ-­уот оҥоһугун хантан булан көрөҕүн?

— Лоомтукаҕа Аһыыкай ­учаастагар эһээм Манньыаттааҕы кытта ыаллыы олоро сылдьыбыттар эбит. Онно дьаһалтаны кытта кэпсэтэн, кинилэр урукку быра­йыактары биэрэн, онон сиэттэрэн оҥорбутум.  Сүрүннээн хаар­тыскаттан көрөн бэйэм ааҕан-­суоттаан оҥоробун. Үлэлэрим үгүстэрэ бэлэххэ барбыттара. Ол курдук, «Хомусчут Амынньыкы балаҕана» макыаты Хомус тү­­мэлигэр Николай Шишигин атыылаһан ылбыта. «Саха ыалын тэлгэһэтэ» үлэбин оччолорго Емельян Ярославскай мусуойун дириэктэрэ Егор Шишигин атыыласпыта. Тараҕай оскуолатын макыата Табаҕа орто оскуолатын түмэлигэр турар. Онтон да араас үлэм үгүс. Ол барыта нэһилиэгим оскуолатын мусуойугар хараллан турар. Учууталлар уруоктарыгар тутталлар.

Ааҕыы, суот-учуот

— Мэҥэ Хаҥалас улууһа дириҥ устуоруйалаах оро­йуон буоллаҕа. Былыргы оҥоһуктар улуускутугар төһө ордон туралларый?

— Сүрүннээн нэһилиэктэринэн сылдьан, былыргы ампаардары уонна балаҕаннар тутууларын ­алаастары кэрийэ сылдьан үөрэппитим. Онно көрөрбүнэн, балаҕан икки көрүҥэ баар буолар эбит – хотоннуҥу уонна ньиэмэстии муннуктаах тутуу дэнэр. Балаҕан ордук хото холкуостааһын саҕана тутуллубут.

— Хайдах толкуйдаан, ааҕан-суоттаан тутаҕын?

— Тутуу (балаҕан, хотон, дьиэ, ампаар) уопсай иэниттэн саҕалаан, сиэрдийэтигэр, остуолбатыгар тиийэ ааҕыы-суот. Аны тэриллэрэ кытта суот-тайма. Ол кэннэ биир-биир көрүҥүнэн дьэ оҥорон барабын.

Макыат икки ый оҥоһулунна

— Аны кэпсэтиибит сүрүн тиэмэтигэр – Бэдьимэ маҥ­хааһайын тутуутугар киириэх.

— Ааспыт үйэ 30-c сылларыгар маннык маҥхааһайдар – бурдук хаһаанар ампаардар Мэҥэ нэһи­лиэктэригэр анаан тутуллубуттар эбит. Бары атын-атын, бэ­­йэ-бэйэлэригэр майгыннаспат тутуулар. Холобура, Табаҕа маҥхааһайа Суола ампаарыттан олох атын. Оттон Бэдьимэ маҥхааһайа – олох ураты тутуу. Мин онно тиийэн, анаан кээмэйин ылан, балаҕан ыйыттан саҕалаан соторутааҕыта бүтэрдим. Бэдьимэ холкуостаахтара 1933 сыллаахтан саҕалаан баран, икки сылынан үлэҕэ киллэрбиттэр.

Маҥхааһай икки мэндиэмэннээх дьиэ үрдүктээх. Былыр биирдии миэтэрэ кэриҥнээх сыбаайаҕа түһэрэллэр эбит.

Интэриэһинэйэ баар, хас хоһун аайы үстүү салгын оонньотор түннүк курдук ха­­йаҕастардаах. Бурдуктарын үөһэттэн куталлар эбит. Киһи хаамар ­муосталардаах. Бу ампаары уонча киһи туппут. Маһа күн бүгүҥҥэ диэри чөл турар. Макыаты тугу да эппэккэ-саппакка оҥордум.

Балаҕан ыйыгар бу маҥхааһайга үлэлээбит дьон сиэннэрэ мустан, кэриэстээн өйдөбүнньүк сурук ыйаабыттар этэ.

Ол ону батсаапка көрөн интэриэһиргээн, Бэдьимэҕэ тиийэн анаан үөрэтэн, икки ый иһигэр оҥорон бүтэрдим.

— Туттар матырыйаалыҥ тугуй?

— Бэс хаптаһыныттан тыыран оҥоробун. Илиигин араарбакка үлэлиири эрэйэр бэрт мындыр үлэ. Билигин «маҥхааһай баар буоллаҕына, аны миэлиҥсэ наада» диэн санаанан салайтаран, Чөркөөх миэлиҥсэтин хаартыскатын ыыттаран, ону оҥорон эрэбин.

Оччоҕо Саха сиригэр бурдук аһы астааһыҥҥа сыһыаннаах үлэ тахсан кэлэр.

…Ити курдук, норуот маастара Николай Макаров саха духуобунай култууратын сайдыытын кэрэһилиир бииртэн биир сонун үлэни көрдөөн булан, сатабыллаахтык оҥорон, үйэтитэр соруктаах мындыр толкуйдаах киһи.

Улуустартан бэйэлэрин нэһилиэктэрин ытык сирдэрин дьиэтин-уотун, балаҕанын үйэтитиэхтэрин баҕарар дьон хаартыска ыытан, киниэхэ макыат оҥорторуохтарын сөп.

 Бэдьимэ нэһилиэгин олохтооҕо Анатолий Владимиров-Богослов Николай Макаров үлэтин туһунан бу курдук санаатын тиэртэ:

Биһиги, сэбиэскэй кэм оҕолоро, бу маҥхааһайга оон­ньоон улааппыт дьон буоллахпыт. Кэлин үлэһит буолан баран, ампаары кимнээх туппуттарын, нэһилиэкпит дьонун сэрии кэмиттэн эйэлээх олоххо диэри абыраабыт дьиэ буоларын билбиппит. Онон бу маҥхааһайы туппут дьон сиэннэрэ кыттыһан, тутуу 85 үбүлүөйдээх сылыгар эһээлэрбит ааттарын үйэтитэн, өйдөбүнньүк сурук ыйаабыппыт. Онтон норуот маастара Николай Макаров биһиги дьыалабытын салҕаан, аны маҥ­хааһайбыт макыатын оҥорон үйэтиттэ. Бу курдук уран тарбахтаах киһи хас биирдии үлэтэ көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн, төрөөбүт Мэҥэбит сайдыытын кэрэһитэ буолан, үйэлэргэ хаалыа турдаҕа. 

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска — Николай Макаров дьиэтээҕи архыыбыттан.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0