«Орто дойду» зоопаркаҕа Бэдэр күнүн бэлиэтээтилэр

Бөлөххө киир:
Муус устар 15 күнүгэр «Орто дойду» зоопарка уонна «Алмаасэргиэнбаан» үгэскэ кубулуйбут Бэдэр күнүн бэлиэтээтилэр. Манна Мохсоҕоллоохтооҕу оҕо киинин уонна «Берегиня» оҕо дьиэтин иитиллээччилэрэ кыттыыны ыллылар. Кинилэргэ анаан араас оонньуулары, викториналары, бэлэхтэри бэлэмнээтилэр. edersaas.ru

«2016 сыллаахха «Алмаасэргиэнбаан» бэдэр кыыл эппэкиининэн буолбута. Манан сибээстээн, «Орто дойдуга» бастакыбытын Бэдэр күнүн бэлиэтээбиппит. Оттон бааҥҥа «Рысь» анал бырагыраама төрүттэммитэ», — диэн «Алмаасэргиэнбаан» уопсастыбаннаһы кытта үлэлиир сулууспатын бэрэстэбиитэлэ Наталья Миронова иһитиннэрэр. 
Кини этэринэн, өрөспүүбүлүкэтээҕи зоопаркаҕа илин сибиирдээҕи бэдэрдэр бааллар. Айылҕа быһыытынан, бу кыыллар биирдиилээн сылдьаллар, оттон зоопаркаҕа улахан иллээх дьиэ кэргэнинэн олороллор эбит.
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0