Бөдөҥ собо (Дьиҥнээх олохтон)

Ааптар: 
17.12.2022
Бөлөххө киир:

Сүүрбэччэ сыллааҕыта, арай, ыһыах иннинэ, Өлүөхүмэ куорат «Спорттовары» маҕаһыыныттан сүүрбэ биэс миэтэрэ уһуннаах, кытархайдыҥы-кугас бөҕө-таҕа саптаах бредень-муҥха атыыластым. Бэрэдэбиэс, эдэр курбалдьыйбыт, уһун хатыҥыр уол куулга угулла сылдьары түгэх хостон таһааран туттарда: «Хорошая вещь!» — диэн баран, ымайан ылла.

Дьиэбэр кэлэн арыйбытым, па, таастыгана суох эбит. Соҕурууттан аҕалалларыгар, коммерсаннар багаажтарын ыйааһынын чэпчэтээри, маҥан туой таастыганнарын хампы сынньан, ылан кэбиспиттэр быһыылаах. Муҥхам маҥан пенопласт лоппунуоктаах эрэ.
Өр толкуйдуу барбакка, таастыганын комбайн сыабын тиһиликтэриттэн оҥорбутум. Дьиэм аттыгар сопхуос эргэ тиэхиньикэтин сэмнэҕэ мунньуллан, сыбаалка буолан турбута, онтон хомуйан, хоппуруон бирээдьинэ сабынан баайталаан, биир киэһэ дьарыктанан, бириэдэним дьаакырданан, бэлэм буолла.
Муҥха соһорго бэчимэ буолар быаны куораттан таарыччы ылан тахсыбытым, онон балыктыахха сөп тэриллэнним.
Ыһыах кэнниттэн Илээ Күөлэ диэн, бөһүөлэктэн чугас сытар кыра көлүкэни муҥхалыыр санааланным.Кэргэммин, кыыспын кытта, үһүөн тардар буоллубут. Эрэһиинэ тыынан киирэн, күөл хоту баһынан муҥхабын түһэрэн баран кытыыга эрдэн таҕыстым. Сыыйа бэчимэбитин соһон бардыбыт. Уу отугар сөрөнөн, кынаттара, арыт, быа курдук эриллэн хаалааччы, сайын муҥхалыырга. Бириэдэним хараҕа отуттаах, Онон бөдөҥ соҕус балык киирэр. Хата, эриллибэккэ кэллэ. Ийэтигэр икки биэдэрэ кэриҥэ собо уонна кыһыл харах биллигирэһэн таҕыстылар. Кытыыга соһон таһааран, Күөх Боллох бэрсибититтэн үөрэн, күө-дьаа буолан, балыкпытын куулга симэн бардыбыт. Арай, биир аарыма улахан, моҥхоот собо түбэспит. Үс киилэ кэриҥэ ыйааһыннаах бадахтаах, балтараа харыс уһуннаах Хатырыга хараҥа өҥнөөх. Арааһа, кута анныгар сылдьарын ордорор буолан, итинник өҥнөннөҕө. Кырдьаҕас, баҕар сүүсчэкэ даҕаны саастаах буолуон сөптөөх балык эбит диэн тойонноотум. Мэктиэтигэр, көхсүгэр муох үүммүт курдук.
Дьиэбитигэр тиийэн балыкпытыттан дьоннорбутугар бэристибит. Бэйэбитигэр икки-үс буһарыыны хааллардыбыт. Моҥхоот собону ийэ кынныбар биэрээри гыммыппытын ылбатаҕа. Аһара улаханыттан саллыбыта. «Барахсаны ыытан кэбиһиэххитин, ийэлэрэ быһыылаах», — диэбитэ. «Кэбиһиий, эбэбит маанылаан күндүлээбитин төттөрү ыыттахха өһүргэниэ, аныгы сырыыга малытыа дии», — диэбитим.
Онон, бөдөҥ собону бэйэбит буһарыммыппыт. Бөдөҥ соболору улахан, уон биэс лиитэрэ истээх куубукка (көстүрүүлэни өлүөхүмэлии итинник ааттанар) мииннээбиппит. Ытыс саҕалары ыһаарылаан сырдьыгынаппыппыт.
Моҥхооту кыыспытыгар хоторон биэрбиппит. Оҕобут ойоҕоһун этин эрэ сиэн баран: «Тоттум», — диэбитэ. Улахан, нэлэгэр тэриэлкэҕэ баппакка сытар астык бөдөҥ балыгы кэргэмминээн аҥаардаспыппыт. Төбө өттүн «бас-көс киһиэхэ», миэхэ диэн буолбута. Кэнники аҥаарын кэргэним ылбыта. Арай, көрбүппүт, сиһин тоноҕоһо тостон баран туора оспута курдук токуруйуулаах этэ. Дьиибэргээбиппит. Эдэригэр сиһин дэҥнээбитэ итинник оспута дуу? Эбэтэр, сааһыран, хондуруостанан, итинник токуруйбута дуу? Этэ бэрт минньигэс амтаннаах этэ. Аһара бөдөҥ, мастыйан, этэ соччо амтана суох буолбут соболор курдук буолбатах этэ.

Кэлин, түөрт сыл буолан баран, Тогуллаевтары кытта Илээ Күөлүгэр били, бириэдэн-муҥхабытынан атырдьах ыйын бүтүүтэ балыктаабыппыт. Баара-суоҕа үс эрэ быччыкыны ылбыппыт.
Онно эбэбит эппитин санаан кэлбитим, били, моҥхоот собону «ыытан кэбиһиэххитин» диэбитин. Билигин таайа сатыыбын, ол улахан собону ыытан кэбиспиппит буоллар, кэлиҥҥи сырыыбытыгар эмиэ элбэх собону тардан таһаарыахпыт эбитэ дуу? Син-биир малыйыа этибит дуу?

Максим Ксенофонтов.

+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0