Бэдьээлэ “Дьырыбына Дьырылыатта” олоҥхото тыйаатырга турда
Олунньу 14 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатырыгар Матрена Корнилова туруоруутунан Прокопий Ядрихинскай “Дьырыбына Дьырылыатта” олоҥхотунан туруоруллубут күүтүүлээх испэктээк премьерата буолла.
Чэлгийээнэ Бахсырова, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru
Олоҥхоҕо күүстээх бухатыыр кыыс төрүөҕүттэн кэргэн тахсар кэмигэр диэри олоҕо ойууланар. Төһө даҕаны ыарахаттары көрүстэр, саха нарын кыыһа санаата күүстээх буолан, барытын кыайара көстөр. Испиктээк саҕаланыаҕыттан саала иһэ тобус-толору: кыра оҕоттон саҕалаан ытык кырдьаҕастарга тиийэ. Биир да ордук миэстэ көстүбэтэ артыыстарбыт оруолларыгар киирэллэригэр өссө күүскэ көмөлөстө быһыылаах, хара маҥнайгыттан туруоруу көрөөччүгэ чэпчэкитик киирдэ: наар биир кэм буолбакка, киһини ардыгар күллэрэн, соһутан, куттаан, долгутан, ытамньытан — киһиэхэ араас иэйиилэри уһугуннарда диэтэхпинэ, сыыспатым буолуо. Манна өссө эбиитин уоппут-күөспүт, тыаспыт-ууспут, таҥаспыт-саппыт көрөөччү буола турарга итэҕэйэригэр олус улахан оруолу оонньоото.
Биир интэриэһинэй көстүүнэн сыананы киэргэтии буолла. Сыана үрдүттэн быалары биир тутумҥа баайан түһэрбиттэр. Ол биир кэмҥэ Аал Луук мас, онтон эмискэ көмүскэнэр быа, илии кэлгийэр ньыма буолла. Онон бу ураты киэргэтиини сыаналаатым, сэргээтим.Аныгы кэм буолан, киһи айарыгар-тутарыгар элбэх кыах баар буолла, ол сибикитинэн бу олоҥхобутун улахан сыанаҕа туруоруу буолар.
Сүрүн оруоллары толорбут дьоммутугар биир улахан махтал. Көрөөччүлэр испэктээк бүтүүтүн диэки туран хас да мүнүүтэни быһа таһыныыбыт – улахан үлэ сыанабыла. Сыалгытын ситиспиккитинэн, эҕэрдэ!
Сүрүн оруоллар:
Олоҥхоһут: Елена Маркова, Матрена Корнилова
Дьырыбына Дьырылыатта: Лена Оленова, Ньургуйаана Маркова
Тойон Дьөллүүт: Павел Колесов
Дьыллыа Маҥан Ат: Наталья Слепцова
Сорук—Боллур: Ньургуйаана Маркова, Владислав Иванов, Галина Тихонова
Айыы Ньуоралдьын эмээхсин: Василина Баланова уо. д. а.
Чэлгийээнэ Бахсырова, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru
Хаартыска: СИА