«Бэчээт тиэргэнэ — 2017» быыстапка-дьаарбаҥка күүтэр

Ааптар: 
21.08.2017
Бөлөххө киир:

Дьокуускайга үгэс буолбут «Бэчээт тиэргэнэ-2017»  регионнар икки ардыларынааҕы X быыстапка-дьаарбаҥка атырдьах ыйын 25-26 күннэригэр Ленин болуоссатыгар ыытыллыаҕа. Далааһыннаах тэрээһин түһүлгэтигэр өрөспүүбүлүкэ уонна Арассыыйа издательстволара кыттыахтара. 


Быыстапкаҕа саҥа, сонун кинигэлэр, альбомнар, аккырыыккалар, атластар о.д.а. көрдөрүллүөхтэрэ. Бу күн ыалдьыттарга анаан «Великолепие ювелирных украшений Якутии» кинигэ-альбому, «Пути великих свершений» историческай альбому, «Животные Якутии» энциклопедияны, о.д.а. билиһиннэриэхтэрэ. Маны сэргэ төгүрүк остуол ыытыллыаҕа.

Быыстапка-дьаарбаҥкаҕа өрөспүүбүлүкэ былааһын толоруулаах уорганнарын салайааччылара, көрдөрөр-иһитиннэрэр сириэстибэлэр кыттыылаах флешмоб, кинигэ, хаһыат, сурунаал атыыта-тутуута, ааптардары кытары көрсүһүүлэр буолуохтара. Оҕоҕо аналлаах кинигэлэр, учуобунньуктар атыыланыахтара.

Тэрээһин атырдьах ыйын 25 күнүгэр күнүс 11 чаастан саҕаланыа.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0