Бэчээт түһүлгэтин үлэтэ саҕаланна

Ааптар: 
25.08.2017
Бөлөххө киир:

Туймаада хочотун килбэйэр киинигэр, Ленин болуоссатыгар, “Саха сиринээҕи Бэчээт тиэргэнэ-2017” регионнар икки ардыларынааҕы Х быыстапка-дьаарбаҥка үөрүүлээхтик аһылынна.


Быйылгы далааһыннаах тэрээһин Саха сирэ Арассыыйа судаарыстыбатын састаабыгар киирбитэ 385 сылыгар ананар. Бу өрө көтөҕүллүүлээх, бырааһынньыктыы киэргэтиллибит түһүлгэҕэ Амма, Таатта, Орто Халыма, Эдьигээн, Абый, о.д.а. улуустартан, Дьокуускай куорат бэчээт эйгэтин тэрилтэлэриттэн кыттыыны ыла түмүстүлэр.

Үөрүүлээх тэрээһин эҕэрдэ тылынан, хоһоон ааҕыытынан, флешмобунан саҕаланна.

Август Егоров, “Бичик” кинигэ кыһатын дириэктэрэ:

Киин куораппытыгар Саха сирин бэчээтин түһүлгэтэ икки күн ньиргиччи үлэлиэҕэ. Ыраахтан-чугастан мустубут ыалдьыттар төгүрүк остуолларга, саҥа кинигэлэри билсиһиннэриигэ, куонкуруска кыттыахтара. Ааҕааччылар кинигэ ааптардарыныын көрсүһүөхтэрэ. Онтон оҕолор хоһоон ааҕыахтара, тургутукка кыттыахтара. Биһиги кыһабыт быйыл «Великолепие ювелирных украшений Якутии» кинигэ-альбому, “Төрүт дьарык” 1-4 кылаастарга үөрэх босуобуйатын, о.д.а. дьоҥҥо-сэргэҕэ билиһиннэриэ. Ааҕааччыларга анаан ааксыйалардаахпыт. Онон куорат олохтоохторо, ыалдьыттар кинигэ бырааһынньыгар кэлэн кыттаргытыгар ыҥырабыт.

Кэбээйи улууһуттан “Дабаан” хаһыат кылаабынай эрэдээктэрэ Виктор Эверстов:

Биһиги бу “Кэбээйилэр өйдүүллэр, үйэтитэллэр” диэн саҥа тахсыбыт кинигэбитинэн быйыл улуустарга бастыҥ кинигэҕэ уонна “Сыл дебюта” диэн икки анал аакка кыттар баҕалаах кэллибит. Бу документальнай кинигэ буолар. Манна 1944 сыллаахтан саҕалаан Чурапчы көһөрүллүүлээхтэрин туһунан тахсыбыт матырыйааллар, ахтыылар, хаартыскалар киллэрилиннилэр. 

Амма улууһуттан «Амма олоҕо» хаһыат эрэдээктэр-дириэктэрэ Наталья Бубякина: 

Биһиги «Бэчээт тиэргэнэ» саҕаланыаҕыттан кыттабыт. Манна кэлэн үлэ үөрүйэҕин атастаһабыт. Сонуну, саҥаны билэн-көрөн тиийэммит, бэйэбит үлэбитигэр сибиэһэй сүүрээни киллэрэбит.  Онон бу бэчээт эйгэтин үлэһиттэригэр бэртээхэй уонна туһалаах былаһаакканан буолар. 

Манна кыттаммыт биһиги «Умсулҕан» диэн  кинигэ сериятынан «Кыһыл көмүс» мэтээл хаһаайыттарынан буолан турабыт. Иккис миэстэҕэ эмиэ тахсыбыттаахпыт. Ааспыттааҕы тэрээһиҥҥэ оҕо кинигэлэрин таһаарыыбытынан дипломант аатын ылар чиэскэ тиксибиппит. Бу сырыыбытыгар эмиэ хас да номинацияҕа кыттар былааннаах кэлэн турабыт. 

Дьокуускай куорат олохтооҕо, кинигэни таптаан ааҕааччы Мария Бырдыннырова:

Оҕо спордун оскуолатыгар тренердиибин. Кэнчээри ыччаты дуобакка эрчийэбин. Үүнэр көлүөнэни кытары үлэлиирим быһыытынан, бу тэрээһин кинилэргэ эмиэ ананар диибин. Бу ааҕааччылары эрэдээксийэлэри, кинигэ кыһаларын кытары ситимниир тэрээһин буолар. Ол иһин мин бу тэрээһини көтүппэппин. Сыл аайы кинигэ атыылаһабын, араас үчүгэйи, киһини кэрэхсэтэри, сонуну билэн-көрөн, үөрэн барабын. Онон инникитин ыччат көхтөөхтүк кыттарыгар баҕарабын.

Сардаана Баснаева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Афанасий Ноев хаартыскаларга түһэриитэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0