Красноярскайтан кэлбит Бе-200 сөмөлүөт баһаарга үлэтин саҕалаата

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Саха сиригэр баһаары кытта охсуһуу үлэтэ күүскэ бара турар. Уоту умулларыыга 51 тиэхиньикэ үлэлии сылдьар. Ол иһигэр МИ-8 МТВ бөртөлүөт уонна Хабаровскайтан кэлбит Бе-200 сөмөлүөт уокка уу куталлар. Бэҕэһээ көмө буола Красноярскайтан өссө биир Бе-200 сөмөлүөт кэллэ. edersaas.ru

Красноярскайтан кэлбит сөмөлүөт тиэхиньикэ кыайан тиийбэт сиригэр үлэлиэҕэ. Бе-200 сөмөлүөт күөлгэ, өрүскэ эбэтэр үрэххэ намтаан, көтөн иһэн уу баһар кыахтаах. Баспыт уутун бүтүннүү ыһыан, эбэтэр быстах-быстах таммалатыан сөп. Толору уунан тиэннэҕинэ, 12 туонна ууну уокка кутар кыахтанар.

От ыйын 4 күнүттэн ыла, үөһэттэн 1700 туонна уу кутулунна диэн Ыксаллаах быһыы-майгы министиэристибэтэ биллэрэр.

Николай Попов, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0