Бэһис этээскэ тахсары ыарырҕаппат буоллаххына…

Бөлөххө киир:

Арассыыйаҕа хаан эргиирин ыарыыларыттан ордук элбэхтик өлөллөр. Чуолаан, сүрэх ишемическэй уонна церебровасулярнай ыарыылары ситэри эмтэммэтэххэ, кутталы үөскэтэллэр.

Бу дьаҥнартан хайдах харыстанар туһунан сиһилии кардиолог-быраас Савва Попов кэпсиир:

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Кэнники сылларга тымыр кыарааhыныттан сүрэх үлэтин кэhиллиитэ, онтон сылтаан дьон инбэлииккэ тахсыыта, өлүүтэ-сүтүүтэ элбээтэ. Отут-түөрт уон сыл анараа өттүгэр сүрэх инфарктынан биирдиилээн сааһырбыт дьон ыалдьар эбит буоллаҕына, билигин 40-50 саастаах дьон ыалдьыыта дьону соhуппат буолла.

Сүрэх инфарктын төрүөтэ – сүрэҕи хаанынан хааччыйар тымырдар бүөлэниилэрэ эбэтэр кыарааhыннара. Сүрэх былчыҥа соломо үүтүн саҕа синньигэс тымырдарынан хаанынан хааччыллар. Сүүрбэhис үйэ иккис аҥаарыгар дьон аhылыгар сыа-арыы (өлүүтэ) ирээтэ үрдээн, киhи организма кыайан «умаппат», ордорунар буолбут. Ордубут сыа-арыы хааны хойуннаран, тымыр ис бүрүөhүнүгэр, туох эрэ алдьаныы-кээhэнии баарыгар иҥэн-сыстан хаалар. Ол сыстыбыт сыаҕа хааҥҥа уста сылдьар сыа таммахтара сыстаннар, атеросклеротическай томтоҕору (бляшка) үөскэтэннэр, тымыры кыараталлар эбэтэр бүөлээн кэбиһэллэр.

Сүрэх тымырын аҥаарыттан ордуга бүөлэннэҕинэ, сүрэх тымыра кыарааһынын ыарыыта (СТКЫ) – ИБС (ишемическая болезнь сердца) биллэн барар.

Атеросклеротическай томтоҕор улаатан, тымыр аҥаарыттан ордугун бүөлээтэҕинэ, үлэ-хамнас кэмигэр (түргэнник хаамтахха, сыыры дабайдахха) сүрэх наадыйар хаанын кээмэйэ кэлбэккэ, күүрүү стенокардиятын тииһигэ киирэр. Үлэни тохтоттоххо, тохтоон сынньаннахха, 1-2 мүнүүтэ иһинэн намыраан, ааһан хаалар. Онтон эмискэ киhи сүрэҕинэн ыалдьан, стенокардия тииһигирэн, инфарктыыр. Сүрэх тымырдарын улахан аҥаара бүөлэниэр диэри тымыр кыарааһына биллибэт. Тоҕо стенокардия бастакы тииһигэ сүрэх инфарктынан түмүктэниэн сөбүй? АД эмискэ үрдээһиниттэн, стресстэн сүрэх тымыра хам тутуутуттан томтоҕор хаппаҕа хайа баран, уонунан сылларга дьапталламмыт сыа-холестерин булкааһа тымырга “бырдьас” гына түһэр, тымыр кыарааһынын 70-80% тиийэ улаатыннарар. Томтоҕор хайа барбыт сирдэринэн хаан оҕуолаан, бөлүөҕүрэн, хаан сүүрүүтүн букатыннаахтык бүөлээн кэбиһэр. Сүрэх тэбэрин курдук тэбэр, бүөлэммит тымыр хаанынан хааччыйыахтаах сүрэх былчыҥын сорҕото хаантан-кислородтан матан, түөс ортотунан күүстээх ыарыы тииһигэ киирэр. Тымыр эмискэ кыарааһыныттан-бүөлэниититтэн киирэр ыарыы тииһигэ СТЭБС (сүрэх тымыра эмискэ бүөлэниитин синдрома) диэн ааттанар. СТЭБС – тымыр эмискэ бүөлэниитэ тугунан түмүктэнэрэ быһаарыллыар диэри быстах кэмҥэ туттуллар диагноз. СТЭБС сүрэх инфарктынан түмүктэнэр, эбэтэр кутталлаах стенокардия (нестабильная стенокардия) – инфарктыыр кутталлаах туруктан хроническай күүрүү стенокардиятыгар уларыйар.

Сүрэх тымыра кыарыырыттан

ким сэрэниэхтээҕий?

Үлэ-хамнас кэмигэр түөс уҥуоҕунан (уолуккунан) ыарыы тииhигэ киирэн баран, ойоҕосторуҥ икки өттүнэн үөhэ моойго, аллараа сыҥаахха диэри тарҕанар.  Ыарыы баттаан, эбэтэр ыга тутан, түөhү доргутан киирэр, хайдан эрэр курдук итийэн-аhыйан ыалдьар. Итинник ыарыы аан бастаан түргэн хаамыыга, сыыры дабайыыга, кирилиэhи тахсыыга биллиэн сөп. Ыарыы тииhигэ күүскэ киирдэҕинэ, тымныы көлөhүн тахсар, тыын хаайтарар. Хаҥас санныҥ, икки тоҥолоҕуҥ доргуйан ыалдьыахтарын сөп. Ол гынан баран, үксүгэр үлэҕин тохтоттоххуна эбэтэр тохтоон турдаххына ааhан хаалыахтаах. Үлэлээбэккэ сылдьар кэмҥэ, сынньалаҥҥа, ордук күүскэ табахтааһын кэнниттэн эбэтэр түүн утуйа сыттахха түөс уҥуоҕунан үөһээ этиллибит ыарыы тииһигэ киирэр буоллаҕына, сүрэх инфаркта саҕаланар эбэтэр сүрэх тымырын хам тутуутун стенокардията (вазоспастическай стенокардия) тииһигэ киирэр.

Атеросклероз сайдыытын түргэтэтэр буортулаах дьаллыктар

I. Табахтааhын. Никотин «тымыр дьаатынан» ааҕыллар. Никотин тымыр ис бүрүөhүнүн кэбирэтэн, холестерин тымырга өтөн киирэрин түргэтэтэр. Табахтаатахха, сүрэх тэбиитэ 10-15 тэбиинэн элбиир, сүрэх былчыҥа хааҥҥа наадыйыыта улаатар. Ол иhин, табахсыттар, табахтаабат дьоннооҕор сүрэх инфарктынан 3 төгүл элбэхтик ыалдьаллар. Стресс кэмигэр табахтаан баран инсуллаабыт киhи эмиэ элбэх – никотин мэйии тымырын хам тутан, кыаратан, хаан сүүрүүтүн тохтуор диэри бытаардыан сөп.

II.Тымырга хаан баттааhынын үрдээhинэ (гипертония) Тымырга хаан баттааhынын үрдээhинэ, хаан сүүрэр тэтимин түргэтээhинэ тымыр ис бүрүөhүнүн кэбирэтэллэр, холестерин тымырга өтөн киириитин түргэтэтэллэр. Атеросклеротическай томтоҕор хаппаҕа хайа баран, инфаркт куттала улаатар.

Сэрэтии:

  1. Тууһу сиэһини аҕыйатыы.
  2. Үлэ, сынньалаҥ режимин тутуһуу. Хаан баттааһына үрдүүр буоллаҕына, киһи 8 чаастан итэҕэһэ суох утуйуохтаах, түүҥҥү сменаҕа үлэлиэ суохтаах.

3. Тымырга хаан баттааһынын көрдөрүүтэ 140/90 мм.рт.ст. түспэт буоллаҕына, эмп анатыллыахтаах.

III.Саахарнай диабет (СД). СД тымыр ис бүрүөhүнүн кэбирэтэр, ол иhин холестерин тымырга өтөн киирэрэ түргэтээн, диабет ыарыылаах дьон эдэр саастарыгар инсуллууллар, инфарктыыллар. Аны туран, СД атын улахан тымырдары эмиэ ыарытыннарар. Ол курдук, атах тымырдара кыараатахтарына, киһи тарбахтара тоҥоллор, «утуйан хаалаллар», хаамтахха бөтөҕө былчыҥнара ыалдьан, быстыахха айылаах буолаллар. Хараҕы хаанынан хааччыйар тымыр кыараатаҕына, киhи көрөрө мөлтүүр, эбэтэр көрбөт да буолар.

Сэрэтии:

  1. Углеводтар (саахардыҥы, бурдук астар, саахардар) өлүүлэрэ рациоҥҥа 50-60% үрдүө суохтаах. Углеводтар көрүҥнэриттэн боростуой саахардар (кумах саахар, рафинад саахар, кэмпиэттэр) өлүүлэрэ төһө кыалларынан аҕыйатыллыахтаах.
  2. Сылга биирдэ киһи саахар анаалыһын туттарыахтаах.

3 .Сахарнай диабеттаах киһи эндокринологка эмтэниэхтээх.

  1. Эмтэнии кэмигэр саахар таһыма хонтуруолланыахтаах. Саахар таһыма аһара түһүүтүн эбэтэр үрдээһинин сэрэтии — эмп сөптөөх өлүүтүн анааһын.
  2. Хааҥҥа холестерин үрдээhинэ. Атеросклероз сайдыыта хааҥҥа холестерин төhө хойуутуттан тутулуктаах. Холестерин 4,0 ммоль/л намыhах буоллаҕына, атеросклероз куттала суох, оттон 5,0 ммоль/л үрдүк буоллаҕына, инфаркт уонна инсульт куттала улаатар.

Сэрэтии:

  1. 40 сааһын ааспыт киһи сылга биирдэ холестерин анаалыһын туттарыахтаах.
  2. Уопсай холестерина үрдүк киһи уопсай холестерин фракцияларынан үллэһиллибит-араарыллыбыт анаалыһын оҥорторуохтаах.
  3. Хааҥҥа холестерина үрдүк киһи холестерина элбэх астары аһыыртан туттунуохтаах.
  4. Холестерины түһэрэргэ диета көмөлөспөтөҕүнэ, быраас анаабыт эмтэрин иһиллиэхтээх.
  5. Уойуу. Уойуу АД таһымын үрдэтэр, хааҥҥа саахар, холестерин көрдөрүүтүн улаатыннарар. Ыйааһыҥҥын сөптөөх кирбиигэ тутан (ИМТ 18,5-24,9) олоруохтааххын.  Сэрэтии: кыратыгар күүскэ аһаабыт оҕо улаатан баран аһыыр нуорматын билбэт буолан, түргэнник уойан хаалар. Оҕону кыра эрдэҕиттэн саахарга, минньигэс астарга үөрэтиллиэ суохтаах. Аһыыр ас калорийнаһа организм ороскуотуттан улаатыа суохтаах. Улахан киһи бытааннык, олорон эрэ аһыахтаах. Остуолтан кыра аччык туруллуохтаах.Аска сыа-арыы өлүүтэ уопсай рацион — 30%, белок – 10-20%, углеводтар 50-60% ордугу ылыа суохтаахтар. Кыыл-сүөһү сыата рацион 7-10% улаатыа суохтаах. Кокос, пальма арыыта, маргарин аска туттуллуо суохтаахтар. Мас арыыта 30 мл элбиэ суохтаах – калорийнаһа элбэх уонна үөс тааһын үөскэтиэн сөп. Белок өлүүтэ рациоҥҥа 20% аһары бардаҕына, мэйии инсула уонна искэн үөскүүр куттала улаатар.

Сүрэх инфарктыттан хайдах сэрэниэххэ сөбүй?

40 сааhын ааспыт эр киhи эбэтэр 50 сааhын ааспыт дьахтар сылга биирдэ ЭКГ уhултарыахтаах, холестерин, саахар анаалыһын туттарыахтаах.

Киһи бэйэтэ сүрэҕин тымырыгар атеросклеротическай томтоҕор үүнэн эрэрин билиэн сөп дуо?

Өскөтө, 1000 миэтэрэ хаамыыны, эбэтэр 4-5 этээскэ тахсыыны сүгэһэр оҥостубат буоллаххына, стенокардия суох, атеросклеротическай томтоҕор тымыргар баар да буоллаҕына, кээмэйэ тымыр аҥаарыттан ордугун бүөлүү илик. Аҕылаан, түөһүҥ ортотунан ыарыы тииһигэ киирэн тохтуурга, эбэтэр хаамыыгын бытаардарга күһэллибит буоллаххына, сүрэххин бэрэбиэркэлэтиэхтээххин.

Стенокардия тииhигин хайдах устулларый?

Түөс уҥуоҕунан, уолуккунан ыарыы тииhигэ киирдэҕинэ:

  1. Үлэлии турар буоллаххына, тохтотуохтааххын, хааман испит буоллаххына — тохтоон туруохтааххын. Утуйа сыппыт буоллаххына, олорон баран, атаххын сиргэ түhэриэхтээххин.
  2. Тохтообутуҥ кэннэ ыарыыҥ биир-икки мүнүүтэ устата ааспатаҕына, тылыҥ анныгар нитроглицерин уктуохтааххын, биир табалыакка аспирины ыстаан сиэхтээххин (нитроглицерин оннугар нитроминт эбэтэр нитроспрэй диэн нитроглицерин суурадаhынын айахха иккитэ-үстэ ыстарар ордук туhалаах буолааччы). Нитроглицерин төбөнү ыарытыннарыан сөп, онон нитроглицерины кытта тэҥҥэ валидолу тылыҥ анныгар уган эмиэхтээххин. Онтон ааспатаҕына, 5 мүнүүтэ буола-буола иккитэ нитроглицерин уктуохтааххын, эбэтэр нитроминт (нитроспрэй) суурадаhынан ыстарыныахтааххын. Нитроглицерины ыйыллыбыт кээмэйтэн элбэҕи тутуннаххына, АД (хааныҥ баттааhына) түhэн хаалыан сөп. Түөс уҥуоҕунан ыарыыҥ тииhигэ 5-10 мүнүүтэ устата ааспатаҕына, «Суhал көмөнү» ыҥыраҕын. Стенокардия тииhигэ 20-30 мүнүүтэ устата ааспатаҕына, сүрэх инфарктын куттала улахан. Түөс уҥуоҕунан киирэр ыарыы барыта стенокардия тииhигэ буолбат. Ол гынан баран, сэрэммит ордук.

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0