Бэҕэһээ зондировщик-сөмөлүөттэр хас даҕаны улууска үлэлээтилэр

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Анал сөмөлүөттэр бэҕэһээ ардаҕы ыҥырар көтүүлэри оҥордулар.

«Авиалесоохрана» ФБУ Ан-26 «Циклон» диэн салгын аала бэҕэһээ, от ыйын 6 күнүгэр, Нерюнгри, Горнай улуустарыгар уонна Дьокуускай куоракка  искусственнай ардаҕы ыҥырар анал көтүүнү оҥорбута.  Ону тэҥэ, киин  аэрологическай обсерваторияттан (Росгидромет) анаан-минээн кэлбит Як-42  зондировщик-сөмөлүөт эмиэ бэҕэһээ Чурапчы уонна Таатта улуустарын халлааннарыгар аналлаах үлэтин толорбута. Онон бу күннэргэ  анал көтүүлэр түмүктэрэ биллиэхтэрэ диэн эрэнэбит.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0