Бэҕэһээ Аллараа Бэстээххэ күүстээх тыал түстэ

03.07.2017
Бөлөххө киир:

Бэс ыйыгар өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн үгүс улууска куйаас күннэр турдулар. Онон ыһыах кэмигэр абыранныбыт. Ол гынан баран, айылҕа барахсан уларыйара түргэн. Дэлэҕэ «резко-континентальнай» килиимэттээх диэн аатырыахпыт дуо?

edersaas.ru


Бэҕэһээ Дьокуускай үрдүнэн куйаара туран,  халлаан эмискэ уларыйда. Тыал-куус аргыстаах этиҥ былыттара биирдэ саба халыйан тахсан, ыаҕастаах уунан кутан, кууран турар куораты бэркэ сиигирдэн ааста. Үгүс маҕаһыыҥҥа уот баран, дьону тахсыҥ диэн модьуйбуттара.
Бу эмискэ уларыйыы сүрүн балаһата Аллараа Бэстээҕи таарыйан ааста. Ол курдук, күүстээх тыал бөһүөлэккэ мастары силистиин түөрэн быраҕаттаата, дьиэлэр сарайдарын киэр элиттэ (биллэн турар, мөлтөхтүк иҥиннэриллибиттэри, аны олор массыыналар үрдүлэригэр түһэн, тустаах дьоҥҥо хоромньуну таһаардылар), оптуобус тохтобулларын түҥнэртээтэ. Күүстээх тыал 20 мүнүүтэ кэриҥэ түстэ.

Егор Матчитов, Мэҥэ Хаҥалас улууһун биир кэлим сулууспатын начаалынньыга:
Бэҕэһээ күүстээх тыал 13 ч 45 м түспүтэ. Билигин улуус 31 нэһилиэгиттэн 20-гэр уот суох. Улахан хоромньу Аллараа Бэстээххэ таҕыста. Ол курдук, 60-тан тахса уот тирэҕэ суулунна, алта массыына үрдүгэр мас оҕунна, ыаллар дьиэлэрин сарайдарын, олбуордарын алдьатта. Тыал уоскуйаатын кытта, бөһүөлэк олохтоохторо бары күргүөмүнэн тахсан болуоссаттары, уулуссалары ыраастаан чөкөппүттэрэ. Ону бүгүн сыбаалкаҕа таһа сылдьабыт. Билигин алта массыына бөх-сыыс тиэлиннэ.

Александр ТАРАСОВ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0