Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин министиэристибэтигэр сылгы базатын тутууга субсидияны ханнык хаһаайыстыбалар ылаллара быһаарылынна.
Санатан эттэххэ, бу субсидия Ил Дархан Егор Борисов “Саха өрөспүүбүлүкэтигэр сылгыны үөрдээн иитиини сайыннарар туһунан” ыйааҕын олоххо киллэрии чэрчитинэн судаарыстыба бүддьүөтүттэн көрүллэр.
Биэс сыл устата сыл ахсын сүүс сылгы хаһаайыстыбатыгар типовой сылгы базатын туттарга, чопчулаан эттэххэ, тутуу ороскуотун сорох чааһын толуйарга, биирдии мөлүйүөн солкуобай көрүллүөҕэ.
Сүүмэрдээһин бастакы түһүмэҕэ саас быһаарыллан, кулун тутар ый 21 күнүгэр – Сылгыһыт күнүгэр – субсидияны ылар чиэскэ 22 сылгы хаһаайыстыбата тиксибитэ.
Сүүмэрдээһин иккис түһүмэҕэ ыам ыйыгар ыытыллыбыта, ол туһунан биһиги эрдэ суруйан турабыт. Барыта 19 улуустан уонна Дьокуускай куораттан 206 сылгы хаһаайыстыбата сайаапка түһэрбитэ.
Хамыыһыйа киирбит сайаапкалары көрөн-истэн баран, ситэтэ суох докумуоннаахтары, нолуокка уонна хомуурдарга иэстээхтэри о.д.а. сыыйталаан, субсидияны ылар 78 хаһаайыстыбаны быһаарда. Бу иһигэр Уус-Алдантан, Намтан, Хаҥаластан хастыы даҕаны хаһаайыстыба, онтон хотулартан Орто Халыма, Дьааҥы, Томпо уонна Өймөкөөн улуустарын хаһаайыстыбалара киирдилэр.
Раиса СИБИРЯКОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru