Батуми — Грузия курорт-куоратыгар (Суоллааҕы кылгас бэлиэтээһиннэр)

24.09.2021
Бөлөххө киир:

Атырдьах ыйын 19-балаҕан ыйын 3 күнүгэр диэри Дьокуускай-Мииринэй-Москва-Батуми-Тбилиси маршрутунан сынньанан кэллибит. Олохпутугар умнуллубат бэлэҕи «биэс бэһиэлэй кыыс», биэс дьүөгэ оҥоһуннубут. 

Бу уһун айан тухары тугу да суруйбатаҕым. Дьол чуумпуну сөбүлүүр дииллэринии, наһаа үргүтүөхпүн баҕарбатаҕым быһылааҕа… уонна оттон күн солото суох айан, саҥаны билии-көрүү,
Дьүөгэлэр бу айаммытын былааннаабыппыт ыраатта. Пандемияттан, биллэн турар, куттаммыппыт. Ол эрэн, күүстээх санааны ылынан айаҥҥа туруммуппут. Субсидиялаах билиэт түбэһэн, Мииринэйинэн айаннаатыбыт. Атын улуус киһитигэр бу куоратынан эргийэр уустук. Оттон миэхэ дойдубар Сунтаарга сылдьа сотору, төттөрүтүн, интэриэһинэй уонна туһалаах этэ. Дойдубуттан, төрөөбүт айылҕабыттан күүс-уох, алгыс ылбытым.

ххх

Москвабытыгар көтөн кэлээт да, Кыһыл болуоссакка уонна дойду киэн туттуута буолбут Москва-Ситигэ тиийдибит. Килэйэн-халайан, халлааҥҥа тиийэ харбаһан дьэ, чахчы да кэрэ көстүү. Итиччэ үлүгэр үрдүккэ хайдах олороллоро буолуой диэх курдук. Бу оройуону күнү быһа да кэрийэн барытын ситэн көрүө суох курдуккун.
Кыһыл болуоссаппыт эмиэ өрөмүөҥҥэ барбыт буолан, барытыгар киллэрбэттэр эбит.

ххх

Батумига «ыллыыр» уонна «үҥкүүлүүр» фонтаннар туристар болҕомтолорун тардаллар. Батумига курдук эгэлгэ уотунан уонна муусуканан тэҥҥэ оонньуур улахан фонтан аан дойдуга ханна да суоҕун туһунан киэн тутта кэпсииллэр.

Биһиги Екатерина диэн хаһаайкалаах апартамеммыт турар сирэ (Горгиладзе уул) туристарга олус табыгастааҕын бэлиэтиэхпин баҕарабын. Мантан күн аайы сөтүөлүүр, загаардыыр муорабытыгар 5-7 мүнүүтэнэн тиийэҕин. Кытылы кыйа (Набережнай ) туспа куорат курдук, киэһээ аайы дьон аа-дьуо дьаарбайар, сынньанар усулуобуйата барыта баар. Олохтооxтор этэллэринэн, фонтан – олох уонна нус-хас буолуу бэлиэтэ. Фонтаннар үлэлиир кэмнээхтэр. Ол эбэтэр, киэһэ хараҥа түһүүтэ эрэ аһыллаллар. Уопсайынан, туристар элбиир кэмнэригэр ыам ыйыттан балаҕан ыйыгар диэри киэһэ 9 чаастан саҕаланан, түүн үөһүгэр диэри оонньууллар. Рок муусукаттан саҕалаан классическай айымньыларга тиийэ «ыллыыллар», араас уотунан уонна муусуканан доҕуһуолланаллар. Оттон күнүскү “ыллыыр” фонтаннара уот уонна муусука доҕуһуола суох. Фонтан ууларын сүүрээнэ үөһээ көтөн тахсан бэйэ-бэйэлэрин кытары силбэһэ түһэллэр эбэтэр муусука тэтимигэр уота-күөһэ уларыйа турар, ураты көстүүнэн үөрдэллэр. Киһи чахчы сынньанар, налыйар. уоскуйар. Дьиҥэр, Батумига икки «ыллыыр” фонтаннаахтар – Ардаганскай күөлгэ Юстиция дьиэтин уонна Батум бульварын тастарыгар.

​ххх

…Оттон бу били Батуми Саҥа Бульварын кэрэ-бэлиэ сиригэр – аатырар-сураҕырар “үҥкүүлүүр” фонтаҥҥа кэллибит. Фонтаннар баар Ардагани күөллэрин Юстиция дыбарыаһын (бытыылканы таҥнары туппут курдук дьиэ) сирдэтинэн түргэнник булуохха сөп. Түүҥҥү лазернай шоуну көрө эмиэ олорор сирбититтэн Батумскай бульварынан сатыы тиийдибит (45 мүнүүтэ курдугунан). Ырааҕын билбэккэ да хаалаҕын, тоҕо диэтэххэ, аара суолга киһини аралдьытар, сэҥээрдэр элбэх. Дьиҥэр, урут оптуобустар сылдьаллар эбит. Биһиги сылдьар кэммитигэр Грузияҕа хамсык элбээн, хааччахтааһыннар киирбиттэр этэ. Бэл, оптуобустар сырыылара хааччахтаммыттар быһыылааҕа. Онон, тимир көлөҕө улаханнык наадыйбатахпыт. Таксига да аҕыйахтык олордубут. Сорох дьүөгэлэр күн аайы сатыы хааман, бэйэбит олорор бөһүөлэкпитин хаста да эргийэр кэриэтэ хаамтыбыт диэн күлүстүлэр.

«Үҥкүүлүүр” фонтаҥҥа тиийээт, эмиэ дьикти кэрэ эйгэҕэ кыттыстыбыт. Муусука доҕуһуолунан фонтаннар 3 чааһы быһа “үҥкүүлүүлэр”, араас хамсаныылары, оһуордары таһаараллар. Уу уонна уот абылыыр оһуордара ураты дьиктилэр.
Бу күн хата самыыра суох күҥҥэ түбэстибит. Саппарахтаах күҥҥэ тымныы буолуох курдук.
Түһэрбит хаартыскаларбынан сылыктаатахха, фонтаннары эрэ буолбакка, фонтан тула араас уотунан оонньуур дьиэлэри ордук сэҥээрбиппин. Бу дьиэлэр уоттара эмиэ хас муусука тэтиминэн: бытааннык эбэтэр киһи хараҕа саатыах кустуктана оонньууллар. Үс чаас устата куорат барыта лазернай шоунан олорор курдук.
(Бэлиэтии көрбүппүтүнэн, Москваҕа, Тбилисигэ, Батумига Юстиция министиэрстибэтин дьиэлэрэ саамай кыраһыабай уонна баай көстүүлээх эбиттэр).

ххх

Батумига илэ харахпынан көрбүппүттэн-истибиппиттэн күн бүгүҥҥэ диэри миигин манньытар, уоскутар, сылаанньытар көстүүнэн дельфинарийга сылдьыым буолар. Биир чаас устата илдьэ сылдьыбыт иэйиим, долгуйуум, астыныым оннук күүстээх эбит.

Муораттан чугас пааркаҕа баар дельфинарий 1975 сыллаахха аһыллан, урукку Сэбиэскэй сойууска эмиэ биир бастакы дельфинарийынан билиниллибит уонна куорат кэрэ-бэлиэ миэстэтинэн буолбут. Ол гынан баран, 1990-с сылларга уларыта тутуу, ыһыллыы-тоҕуллуу кэмигэр дьиэ эргэрбитигэр сигэнэн, олох да сабан кэбиспиттэр, дельфиннары сылаас сиргэ Кипргэ көһөрбүттэр эбит. (Уопсайынан, Батумиттан Тбилисигэ айанныыр суол кытыыларыгар иһирдьэ ойуурга урукку сэбиэскэй саҕанааҕы санаторийдар, курортар дьиэлэрэ кураанах туралларын, саҥардыллыбаттарын харааста көрдүбүт. Хаһан эрэ оттон биһиги ийэлэрбит-аҕаларбыт путевканан, улахан наҕараадаҕа эрэ тиксэн сынньанан кэлэр бэртээхэй уонна туһалаах курортара эбитэ буолуо!) Хата, 2009 сыллаахха олохтоох былаас уонна меценаттар күүстэринэн дельфинарий аһыллан үлэлээн барбыт. Онтон ыла Батуми курдук курорт-куораты хайаан хайаан да дельфинарыйдыын дьүөрэлиигин.

800-чэ киһи киирэн көрөр дельфинарий аһаҕас халлааҥҥа кэриэтэ, көрөөччүлэр олорор сирдэригэр эрэ сабыылаах.

Дельфиннэр шоулара күҥҥэ үстэ ыытыллар. Өссө баҕарар буоллаххына, хаста да кырыныахха сөп. Сыаната биһиги харчыбытынан 300-350 курдук. Дрессировщиктары улаханнык билиһиннэрбэттэр, ол оннугар дельфиннэр бары ааттаахтар. Барахсаттар 5 миэтэрэ дириҥнээх ууга муусука тыаһыгар араас трюктары, үҥкүүлэри толороллоро, ыллаан да ылар курдуктара, мээчиктэри, курууктары эргитэ-урбата оонньууллара көрүөххэ этиэхтэн эриэккэс. Сотору-сотору дрессировщиктарын муннуларынан ылан, бэйэлэригэр олордон “хатааһылаталлар” уонна киһи күлүөх миэстэлэригэр аҕалан ууран кэбиһэллэр. Барытын түргэн-тарҕан, сымса бэйэлээхтик олороллор. Онон, тугу эрэ мүччү тутуом диэбиттии, хараххын араарбаккын, бэйэҥ тэҥҥэ хамсана олороҕун уонна ытыһын тыаһыҥ харыстаабаккын. Дельфиннэр уу иһигэр дьылыс гыннахтарына да, барыта көстөр, оннук ыраас, дьэҥкир буолар гына толкуйданыллыбыт.

Дельфиннэр очуос таас курдук истиэнэ иннигэр оҥорор хас биирдии нүөмэрдэрин английскай, грузинскай уонна нууччалыы тылынан быһааран, кэпсээн биэрэллэр. (Манна даҕатан эттэххэ, Батуми да, Тбилиси да куоракка биир да маҕаһыыҥҥа, тэрилтэҕэ нууччалыы суруллууну көрбөтүбүт. Барыта грузинныы уонна английскайдыы, онон английскай тылы оскуолаҕа үөрэппиппитинэн удамаҕалатан сырыттыбыт. Биир бэйэм оскуолаҕа английскай тылга үөрэппит Валентина Афанасьевна Саввиноваҕа махтана санаатым).

Дельфинарийга киирбит киһиэхэ куорат көстүүтэ барыта ытыска уурбут курдук көстөр. Дельфинарийтан наһаа үчүгэй настарыанньалаах, күүс-уох ылынан, ыллыах-туойуох санаабыт баһыйан таҕыстыбыт. Киһи хайа баҕарар сааһыгар оҕо быһылаах…

ххх

Батуми бульварыгар Али уонна Нино тапталларыгар анаммыт скульптура ис хоһоонун уонна хараҥаҕа хамсыахтааҕын билбэтим буоллар, арааһа, күнүскү сырдыкка улаханнык сэҥээрэ көрүөм суоҕа эбитэ дуу?

Ол гынан баран, бу скульптура аныгы ускуустуба дьикти көрүҥэ уонна Батуми курорт-куорат биир кэрэ-бэлиэ миэстэтэ. Тбилиситтэн төрүттээх худуоһунньук уонна архитектор Тамара Квеситадзе Азербайджан суруйааччытын айымньытыгар олоҕуран оҥорбут дииллэр да, суруйааччы ким буоларыгар билигин да мөккүөр мөҕүрээбэт эбит. Скульптура азербайджанец-мусульманин Али уонна грузинка Нино араас култууралар, итэҕэллэр утарыта интэриэстэриттэн сылтаан, элбэх эрэйи көрсөн баран, арахсарга күһэллибиттэрин кэрэһилиир.

7 миэтэрэ уһуннаах икки фигура чараас тимиртэн, элбэх хайаҕастаах оҥоһуллубут буолан, сырдыкка ыйдаҥаран көстөр. Дьэ, бу скульптура киһини тугунан абылыырый? Киэһэ 7 чаастаан араас өҥнөөх неоновай уоттар умайаллар уонна Эр киһи уонна Дьахтар магнит курдук бэйэ-бэйэлэригэр сыстыһаллар, онтон эмиэ икки аҥыы арахсан хаалаллар. 10 мүнүүтэ устата кэтээн көрө тураҥҥын, кинилэр тапталларын устуоруйатын санаан, долгуйаҕын. Онуоха тустаах муусука оонньуура, уот-күөс, элбэх киһи иһийэн күүтэн турара ураты иэйиини үөскэтэр.

Надежда ЕГОРОВА-НАМЫЛЫ, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Ааптар түһэриилэрэ

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0