“Дьол диэн үлэ, үлэ киһини дьоллуур. Дьол диэн элбэх оҕо, оҕолор этэҥҥэ сырыттахтарына, киһи дьоллонор”, — диэн 90 саастаах Харитина Дьяконова дьол туһунан бэрт судургутук эрээри, олус дириҥник анааран сиэннэригэр батсаап нөҥүө сэһэргиир.
Аграфена КУЗЬМИНА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru сайт.
Батсаабынан күн аайы оҕолорун, сиэннэрин, хос сиэннэрин кытары кэпсэтэ олорор эбээ, бука, аҕыйах буолуохтаах. Харитина Николаевна ити эбээлэртэн биирдэстэрэ. Кини бүгүн биһиэхэ дьол туһунан санаатын үллэстэр.
Дьол диэн оҕо
Харитина Николаевна кэргэниниин Дыгын Николаевичтыын 50-тан тахса сыл бииргэ олорон уонтан тахса оҕону иитэн атахтарыгар туруорбуттара. Дыгын Николаевич холкуоска, сопхуоска биригэдьииринэн, кэлин тутууга, айылҕа харыстабылыгар, сэбиэт дьокутаатынан үлэлээбитэ. Айылҕаттан бэриллибит булчут, балыксыт бэрдэ этэ. 2003 с. ыарахан ыарыыттан суох буолбута.
“Кэргэмминиин Дыгын Николаевичтыын 1952 с. ыал буолбуппут. Уон оҕону төрөппүппүтүттэн тоҕуһа хаалбыта, ону сэргэ үс оҕону ииппиппит. Онон холбоон уонтан тахса оҕолоохпут. Ийэ үһүс степеннээх уордьанынан наҕараадаламмытым. Уонна саамай сүрүн наҕараадаларым – оҕолорум, сиэннэрим, хос сиэннэрим, хос-хос сиэннэрим буолаллар”, — диэн кэпсээнин саҕалыыр.
Билигин Харитина Николаевна 29 сиэннээх, 62 хос сиэннээх, 6 хос-хос сиэннээх. “Онон кэргэмминиин 10-тан тахса киһи төрүтэ буолабыт. Оҕолорум, сиэннэрим бары үлэлииллэр, үөрэнэллэр, араас идэни баһылаатылар. Ол онтон мин дьоллонобун”, — диэн этэр кини.
Салгыы кини: “Дьол диэн элбэх оҕо, иллээх дьиэ кэргэн. Оҕолорбор куруутун эйэлээхтик, иллээхтик олоруҥ, түмсүҥ, үлэни-хамнаһы өрө тутуҥ, дьоҥҥо-сэргэҕэ эйэҕэс-сайаҕас буолуҥ диэн этэбин. Олохпутугар ити саамай сүрүммүт эбээт”, — диэн санаатын ситимнээн дьол туһунан кэпсиир.
Манна даҕатан эттэххэ, бүгүн Харитина Николаевна 90 сааһын бэлиэтии оҕолоро Түбэҕэ ыһыах ыстылар. Түгэнинэн туһанан, күндү киһилэрин, ийэлэрин, эбээлэрин төрөөбүт күнүнэн, үбүлүөйүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлииллэр. Уонна бу курдук өрүү аттыбытыгар сүбэ-ама, күүс-көмө буола сырыт диэн баҕа санааларын тириэрдэллэр.
Дьол диэн үлэ
Харитина Николаевна атыы-эргиэн эйгэтигэр 70 сааһыгар диэри үлэлии-хамсыы сылдьыбыта. Сэрии сылларыгар уончалаах киһи буолан, кыра эрдэҕиттэн үлэҕэ миккиллэн улааппыта.
“Аҕам Николай Яковлевич, ийэм Екатерина Устиновна бултунан дьарыктаналлара. Бииргэ төрөөбүт алтыа этибит. Кинилэртэн убайдарым Егор уонна Илья Аҕа дойду сэриитигэр ыҥырыллан баран, дойдуларыгар төннүбэтэхтэрэ. Улахан убайым Смоленскайга охтубута, аччыгый убайым сураҕа суох сүппүтэ. Оччолорго мин 13 саастааҕым. Сэрии сылларыгар, убайдарбыт армияҕа бараннар, кыралыын-улаханныын бары үлэҕэ умса түспүппүт. Биһиги, оҕолор, оҕуруокка үлэлиирбит. Билигин өйдүүрбүнэн, сут дьылларга туох да үүммэккэ эрэйдээбитэ. Оҕуһунан уу баһан кута сатыырбыт да, туох да улааппат этэ. Дьонум түүннэри-күнүстэри холкуоска үлэлиир буоланнар, дьиэбэр үс кыра оҕону көрөр эбээһинэстээҕим”, — диэн ахтар оҕо сааһын туһунан Харитина Николаевна.
Сэрии бүппүтүн кэннэ кини 1946 с. Киндигиргэ ветеринардыы сылдьан баран, Дьокуускайга үөрэх туттарса киирбитэ. “Сэрии бүтэрин саҕана 17 саастааҕым. Токко сэттэ кылаастаах оскуолатын бүтэрэн баран, ветеринардар, санитардар үөрэхтэригэр үөрэнэн төрөөбүт дойдубар ветеринарынан үс сыл үлэлээбитим. Онтон Дьокуускайга барбытым”, — диэн бэлиэтиир Харитина Николаевна.
Ол эрээри кыайан үөрэххэ киирбэккэ, Нам оройуонугар кэлэн потребкооперацияҕа үлэлээбитэ. Ол курдук, Хатыҥ Арыынан, Салбаҥынан, Таастааҕынан, Граф Биэрэгинэн үлэлээн баран, 1950 с. Түбэҕэ үлэлии кэлбитэ. Ол саҕана Нам райпотуттан таһаҕаһы атынан илдьэллэрэ, кэлин массыына кэлиэҕиттэн үлэлэрэ син чэпчээбитэ эрээри, суол суоҕуттан үгүстэ эрэйдэнэллэрэ. “Кэлин массыына кэлбитэ да, суол суох буолан, олус эрэйдэнэрбит. Ол да буоллар, нэһилиэнньэни аһынан-таҥаһынан, бытовой тиэхиньикэнэн, миэбэлинэн быыстала суох хааччыйарбыт”, — диэн кэпсиир үлэтин туһунан.
Ону сэргэ, Харитина Николаевна эдэр эрдэҕиттэн нэһилиэк уопсастыбаннай олоҕор көхтөөхтүк кыттар, миэнэ-эйиэнэ диэн көрөн турбакка барытыгар тэҥҥэ түсүһэн иһэр ураты дьоҕурдаах. Оҕолорун эмиэ кыра эрдэхтэриттэн оннукка ииппит.
“Киһи чэгиэн, доруобай буоларга дьулуһуохтаах. Чэгиэн киһи үлэни кыайа-хото тутар, санаата бөҕөх буолар. Ол иһин оҕолорбутун кыра эрдэхтэриттэн үлэҕэ сыһыарбыппыт. Үлэ киһини киэргэтэр, дьоллуур. Онон, оҕолоор, үлэни инники күөҥҥэ тутуҥ, үлэбит суох диэн дьоҥҥутугар найыланан олорумаҥ. Киһи киһиттэн үөрэнэр. Төһө кыалларынан бэйэ-бэйэҕитин көҕүтүһэҥ үлэлээҥ-хамсааҥ. Билиҥҥи үйэҕэ киһи тугу баҕарар үлэлиэн сөп ээ”, — диэн билиҥҥи олоҕу кытары тэҥҥэ хаамсан иһэр 90 саастаах Харитина Николаевна түмүккэ ыччакка туһаайан санаатын тириэрдэр.
Ыспыраапка: Дьяконова (Саввинова) Харитина Николаевна
1927 сыллаахха муус устар 27 кунугэр Өлүөхүмэ оройуонун Киндигир нэһилиэгэр төрөөбүтэ;
1946 с. диэри Киндигиргэ ветеринарынан үлэлээбитэ;
1946 с. потребуопсастыбаҕа үлэлиир;
1950 с. Нам улууһун Түбэтигэр кэлэн үлэлээбитэ, ыал буолбута;
Нам улууһун бочуоттаах олохтооҕо, үлэ, тыыл бэтэрээнэ, кооперация туйгуна, РФ потребкооперацияларын сайдыытыгар кылаатын иһин уордьан хаһаайката.
Аграфена КУЗЬМИНА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru сайт.