‘‘Тускул» Култуура киинин иһинэн үлэлиир норуодунай тыйаатыр көрөөччүлэргэ үтүө бэлэҕи уунна. Ол курдук, олох омсолоох көстүүлэрин, көрүдьүөс түгэннэрин сыыска-буорга түһэрбэккэ айымньы оҥорон таһаарар ытыктыыр, убаастыыр ааптарбыт Дмитрий Федосеевич Наумов »Батсаап барахсан» кэмиэдьийэтин премьерата буолла.
edersaas.ru
Айымньы дьоруойа этэринии, аан дойдуну талбытынан аамайдаабыт, этиһиннэрэри этиһиннэрэн, булсуһуннарары булсуһуннаран, кыл түгэнэ кэмҥэ кыырай үөһээ таһаарбыт, чыпчылыйыах икки ардыгар сиргэ-буорга тэпсибит интэриниэт илимигэр иилиллэр, чахчыта да, »батсаап барахсан» буоллаҕа.
Испэктээк биир табыллыбыт өрүтүнэн тыйаатыр уопуттаах, сатабыллаах, ууну-уоту ааспыт артыыстара эдэр көлүөнэни кытта алтыспыттара, бэйэ-бэйэлэрин ситэрсэн биэрбиттэрэ буолла.
Сүрүн дьоруойу оонньуур Андрей Малышев эдэр Стас Федоровтыын сценаҕа биир тыыҥҥа, биир тэтимҥэ киирэннэр, көрөөччүлэр болҕомтолорун испэктээк устатын тухары туттулар.
Тыйаатырбыт аксакалларыттан биирдэстэрэ, көрөөччү мэлдьи күүтэр артыыһа Владимир Петров кыыһа Саргылаана Бөтүрүөптэри »түһэн биэрбэтэ». Бэрт үрдүк таһымнаахтык оонньоото.
Наталья Нохсорова, мэлдьи буоларын курдук, оруолун хас биирдии тылыгар уратытык сыһыаннаһан, уобараһын толору арыйда. Кинини кытары нэһилиэк барыта ытыктыыр, убаастыыр үтүөкэн киһитэ Иван Жирков тахсан, бэйэтин уобараһын толору арыйан, эдэрдэргэ өссө да буораахтааҕын көрдөрдө.
Мария Христофорова хайа да оруолу арыйарыгар (сүрүн буоллун, ойоҕос буоллун) олус дьоһуннук, ымпыгын-чымпыгын ырытан, таҥаска-сапка, киэргэлигэр тиийэ тилэри оҥостон, эдэр көлүөнэ артыыстарга үтүө холобуру көрдөрдө.
Ыт мөккүөрүн төрдө буолбут хамсаабат кырасаабысса Дженнини Айна Павлова кыайа-хото тутта.
Испэктээк түһүү-тахсыы түгэннэрин ыттар хаһаайкалара Вилена Константинова, Александра Семёнова, Татьяна Окорокова, Наталья Руфова тахсыылара тэҥнээн, сырдатан, «салгын киллэрэн”, кырааска эбэн биэрдэ.
Уопсай хартыыналарга киирэн биэрбит араас боруода ыттар сүрүн оруоллары эбии ситэрэн-хоторон, кэҥэтэн, дириҥэтэн биэрдилэр. Онон Андрей Саввиҥҥа, Айна Павловаҕа, Леонид Федоровка ис сүрэхтэн махтал.
Биллэн турар, билигин да сыыһаны-халтыны көннөрүү, тупсарыы, ситэрии да баар буолуон наада түгэннэрэ аҕыйаҕа суохтар.
Ол эрэн, биир суол мөккүөрү үөскэппэт — »Батсаап барахсан» табыллыбыт!
Бу испэктээги тыйаатырбыт режиссёра Евдокия Семёнова бэйэлээх бэйэтэ туруорбут айымньыта. Эҕэрдэ буоллун, эдэр киһиэхэ, айхал буоллун айымньылаах үлэтин аартыга арыллыбытыгар.
Наталья РУФОВА, “Саха сирэ”, edersaas.ru анаан