Батсаап суруйааччыта Ородьумаан

Ааптар: 
13.12.2016
Бөлөххө киир:

1990-с сыллар саҥалара… Биир үтүө күн Даниловтар дьиэлэригэр киирэбин. Куукунаҕа бэйэ оҥоһуу ыскаабын үрдүгэр араас алюминиевай, сымнаҕас бааҥкалартан оҥоһуллубут сувенирдар тураллар. Маны көрөн баран, коллекция диэн значоктары, мааркалары эрэ хомуйуу буолбатаҕын дьэ өйдөөбүтүм. Даниловтарга киирбит дьон бары ону сөҕө көрөр эбит этэ. Бу — батсаап суруйааччыта Ородьумаан дьиэтэ.Билигин санаатахха, эдэр дьон буолан олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылыыр, бэйэлэрин суолларын-иистэрин көрдүүр эбиттэр. Ородьумаан тугунан дьарыктамматаҕа баарай?!

Людмила ПОПОВА, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru/

Уһанан да көрбүтэ, оҕолору буоксаҕа да дьарыктаабыта, нэһилиэгин иһинэн оҕолорго аналлаах тэттик уус-уран киинэлэри да устубута. Аҕыйах сылтан бэттэх суруйааччы быһыытынан киэҥник биллэн эрэр. Саамай үчүгэйэ баар – ылсыбыт дьыалатыгар барытыгар ситиһиилээх. Биһиги бүгүҥҥү дьоруойбут – Родион Лазерович Данилов-Ородьумаан.
— Родион, киһи кэпсэтэн, ынах маҥыраһан билсэр дииллэр. Ааҕааччыларга бэйэҥ тускунан билиһиннэр эрэ.
— Өлүөхүмэ улууһун Кыыллаах нэһилиэгиттэн төрүттээхпин. Армияттан кэлэн баран, сопхуоска үлэбин саҕалаабытым. Аттынааҕы, II Нөөрүктээйи нэһилиэгин олохтооҕо Саргылаана Семеновна Хохоловалыын ыал буолан, биэс оҕолоннубут, түөрт сиэннээхпит. Үс улахан оҕом ыаллар. Икки кыра уоллаах кыыспыт оскуолаҕа үөрэнэллэр. Намнааҕы педагогическай колледжка технология учуутала, электрогазосварщик идэлэрин бүтэрбитим. Билигин дойдубар олох-дьаһах коммунальнай хаһаайыстыбатыгар слесардыыбын. Кэргэним, үлэ суох буолан, оҕолорун көрөн олорбута. Билигин сиэннэрин бүөбэйдэһэр. Улахан уол Сеня эмиэ Нам колледжын бүтэрбитэ. Айар үлэҕэ син сыһыаннаах иккис уолум — Степа. Ыччат ортотугар балачча биллэр, рэп ырыалары суруйар, мелодиятын бэйэтэ айар.
— Хаһааҥҥыттан айар үлэҕэ сыстыбыккыный?
— Айар үлэҕэ сыстыым остуоруйалаах. Ол курдук, улахан уолум Сеня бэһис кылааска үөрэнэ сырыттаҕына, хоһоонно суруйан аҕалыҥ диэн дьиэҕэ үлэ биэрбиттэр. Уолбар көмөлөһө таарыйа биир хоһоону суруйан биэрэн ыыттым. Ону олохтоох поэтесса Мария Ларионова хантан эрэ билбит. Соһуйуом иһин: “Олус үчүгэйдик суруйар эбиккин. Салгыы сайыннар”, — диэн көх-нэм буолан, сыыйа айар үлэҕэ сыстан барбытым. Онтон кини салайар “Алтан сэргэ” диэн Өлүөхүмэ улууһун хоһоонньуттарын түмсүүтүгэр киирбитим. Салгыы “Кэпсээннэр” форумҥа тэттик кэпсээннэри суруйан барбытым. Онно дьон сэҥээриитин ылан, бу жанрга суруйуохпун сөп эбит диэн бэйэбэр эрэл кыыма үөскээбитэ. Кыраттан кыым саҕыллан, ааҕааччыларым, сүгүрүйээччилэрим сэҥээрэн, 2014 сыллаахха «Хоһооннор» диэн маҥнайгы кинигэбин таһаартарбытым. Үп-харчы суох буолан, суруллан баран олус өр сыппыта. 2003 сыллаахха «Олох араас эгэлгэтэ», быйыл нэһилиэгим уонна улуус дьаһалтата өйөөн, утуу-субуу «Дьээбэ-хообо, көрүдьүөстэр», “Былыргы уонна быйылгы” диэн кинигэлэрим күн сирин көрдүлэр. Бэйэм былыргы номохтору ордоробун. Ол эрээри, дьон историческай айымньыны, уһун-киэҥ кэпсээни соччо биһирээбэт. Ол иһин дөбөҥнүк ааҕыллар, тэттик, олоххо баар кэпсээннэри суруйабын. Ханнык баҕарар суруйааччы курдук эбэн-сабан, сороҕор көҕүрэтэн, кырааскалаан, ойуулаан-дьүһүннээн суруйан батсаапка ыытабын. Тыллар ким эрэ этэн биэрэ олорорун курдук бэйэлэрэ киирэн кэлэллэр. Ону умнан кэбиһиэм диэн төлөпүөммэр сурунан иһэбин. Бэчээккэ тахсаары гыннаҕына, чочуйан биэрэбин. Дьоруойдарбын үксүн дьиҥнээх олохтон ылабын. Син биир хайа эрэ бырыһыана сөп түбэһэр.
— Эйигин оҕолору кытта олус үчүгэйдик тапсан үлэлиир диэн истибитим.
— Үөрэҕим таайан эбитэ дуу, оҕолору кытта үлэҕэ син биир иэҕиллэ турабын. Сайын Даппарайга оскуола иһинэн “Уолан” диэн уолаттарга аналлаах лааҕыр арыйан үлэлэтэллэр. Онно «Хачыгыр», «Манчаары», «Даҕанча», «Икки хоһуун» уо.д.а. тэттик киинэлэри устубуппун, Өлүөхүмэтээҕи олохтоох биэриигэ көрдөрбүттэрэ. Тиэмэбин бэйэм талабын. Биллэн турар, оҕону интэриэһиргэтэр, ол эрээри туохха эрэ үөрэтэр, толкуйдатар сорук туруорабын. Холобура, “Икки хоһуун” киинэҕэ өрөбөлүүссүйэ саҕана Даппарай сэлиэнньэтигэр дьиҥ олоххо буолбут түбэлтэни устубуппут. Манна 1924 сыллаахха икки эдэркээн, баара-суоҕа 14 эрэ саастаах комсомолецтары өлөрбүттэрэ. Бу туһунан кыраайы үөрэтээччилэртэн, кырдьаҕастартан С.М.Малгаровтан, Е.П.Осиповаттан туоһулаһан, сценарий суруйбутум. Оҕолор бэйэлэрин тэлэбиисэринэн көрөллөрүн олус сөбүлүүллэр. Онон көхтөөхтүк кытталлар. Ол иннинэ, 2000 сыллар саҕаланыылара, хамнаһа суох, таһыттан үлэлээн, өрөспүүбүлүкэ үс, улуус уонча чөмпүйүөнүн иитэн таһаарбытым. Ити курдук, үлэ-хамнас суох да буоллар, туох кыалларынан, табылларынан дьарык була сатыыбын. Өссө оскуолаҕа үөрэнэр эрдэхпиттэн уруһуйдуубун, бэйэм буоксанан дьарыктаммыт буолан оҕолорбун эмиэ эрчийэн көрдүм, ыал буолуохпуттан уһанабын, бултуубун, муустан, хаартан, балбаахтан да кыыл-сүөл оҥоһуктары айабын. Нэһилиэк иһинээҕи күрэхтэһиигэ муус, хаар оҥоһукка иккитэ бастаан турабын. Ити курдук, эр киһи дьарыгар барытыгар холонон көрөн баран, суруйар, айар үлэ миэнэ эбит диэн түмүккэ кэллим. Бүтэһик икки кинигэбин уруучуканы илиибэр туппакка, планшекка суруйдум. Улаханнык ыарырҕаппаппын. Ким эмэ олоҕун кэпсээтэҕинэ харахпар көстөн кэлэр. Ону кырааскалаан, дьоҥҥо бэйэм көрөрүм курдук тириэрдэргэ дьулуһабын. Сайын от кэмигэр, саас, күһүн кус кэмигэр иэйии киирэр, ол эрээри, кыһынын, таһырдьа аҕыйахта тахсар кэмҥэ быыс-арыт булан, оллоонноон олорон чочуйабын.
— Батсаапка ордук көрүдьүөстэри суруйууларыҥ тарҕаналлар.
— Дьон күннээҕи олоҕун кэпсэтиититтэн эбэтэр ханна эрэ истибиппин эбэн-сабан суруйабын. Ол гынан баран, дьону хомоппот гына суруйа сатыыбын. Баҕар, ким эрэ күлүү гынар диэн сөп эрээри, олоххо баары суруйабын. Сахалар, ардыгар сыыһа өйдөөн, дьону күлүү гынар курдук ылыналлар. Биллэн турар, бэчээккэ барарыгар тылын-өһүн көрөбүн, эрэдээксийэлиибин. Арыт, куһаҕан, быдьар тылы киллэрэн биэрбит, эбэтэр мин ааппын сотон баран атын киһи аатын суруйуохтарын эмиэ сөп. Бассаапка ыыттахпына сүүс киһиттэн биир эмэ утарар киһи хайаан да баар буолар. Миигин күлүү гыммыккын да диэн сөп. Холобура, нууччалар сыанаҕа тахсан дьээбэни-хообону монолог курдук ааҕаллар эбээт. Ону күлүү (шутка) курдук аһаран кэбиһэллэр. Оттон сахаларга ити киэҥник сайдыбатах, улаханнык ылыммаппыт дуу дии саныыбын. Барыттан бары кыбыстар курдукпут.
Кэм уларыйан, аныгы ааҕааччы уһун-киэҥ суруйууттан салгыбыттыы тиэрэ хайыһар буолла. Кылгас кэпсээннэри уонна дьээбэни-хообону ордорор. Онон ааҕааччы ирдэбилинэн сирдэтинэрбит баар суол.


Сэмсэ тыл
СӨ Суруйааччыларын, Россия Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ Валерий Васильев-Муттуххай Бороҥ:
Тус бэйэм ааҕааччы быһыытынан Ородьумаан кылгас кэпсээннэрин, көрүдьүөс да суруйууларын сэҥээрэбин. Тоҕо диэтэххэ, кини тыа сиригэр олорор, үлэлиир, элбэх оҕолоох, хаһаайыстыбалаах ыал аҕата буоларын быһыытынан, саха киһитин тыынынан, олоҕунан-дьаһаҕынан олорор киһи сиэринэн, биһиэхэ, куоракка олохсуйбут дьоҥҥо, дойдубутун санатар. Билиҥҥи уус-уран прозаҕа ураты, бэйэтин суолун тэлэн киирэн эрэр. Инникитин саха баай тылынан, үрдүк таһымнаах уус-уран айымньылары бэлэхтиэ диэн эркин курдук эрэнэбин.
Олоҕун олуктара
1967 сыллаахха Өлүөхүмэ улууһун Кыыллаах нэһилиэгэр төрөөбүтэ.
1987 сыллаахха “Кыыллаах Арыы” сопхуоска үлэтин саҕалаабыта.
1990 сыллаахха Саргылаана Семеновна Хохолованы кэргэн ылан, ыал буолбуттара.
2014 сыллаахха “Хоһооннор” диэн бастакы кинигэтэ бэчээттэммитэ.

Людмила ПОПОВА.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0