Батсаап кустара «күннээтилэр»

Ааптар: 
22.05.2018
Бөлөххө киир:
Бу күннэргэ эр дьон тыаттан өттүк харалаах төннөн, дьиэ кэргэттэрин үөрдэр кэмнэрэ.

Кустаах дьон  үөрүүлэрин бар дьоннорун кытта батсаап нөҥүө тэҥҥэ үллэстэллэр. Ордук бүгүн — Ньукуолун күн кус миинэ «күннээтэ». Мантан инньэ кус аны Ыһыах мааны аһа буолуо турдаҕа. Кэрэхсэбиллээҕэ баар, батсаапка кус хаартыската эрэ буолбакка, айылҕа маанылаах аһыттан рецепт арааһа кутулла түстэ. Дьэ онон, хаһаайкалар, бу рецептэри куоппуйалаан баран, ууруна сылдьан, кустан миин эрэ буолбакка, араас астары бэлэмнээн дьиэлээхтэргитин үөрдүҥ.

Куһу астыырга бастакы сүбэ

Үргэнэ илик куһу чаас аҥаарын устата кыра суодалаах ууга сытыарыҥ. Эбэтэр 3 -4 төгүл итии ууга умсаахтатан ыллахха,түүтэ кэбэҕэстик кэлэр. Оттон үргэммит куһу 1 -2 чаас тымныы ууга сытыардахха этэ сымныыр.

                                                   

  КУСТАН ПЛОВ

Кус түөһүн этэ ( тириитэ суох)  — 600 гр.
Сибиинньэ сыата -100 гр.
Оливка арыыта -100 гр.
Эриэппэ луук -3 уст.
Моркуоп -3 уст .
Чеснок -1 өлүүскэтэ.
Хара биэрэс.
Уһун рис -0,5 гр.
Шафран — ч.нь 4/1.

Ууга дьэҥкир буолуоҕар диэри риһи хаста да сууйуҥ уонна биир сантиметр ааһар гына уута кутуҥ. Тууһааҥ. Шафранна эбиҥ. Булкуйан баран туруоруҥ. Хобордооххо сибиинньэ сыатын уулларыҥ. Сыаны ылан баран арыыта кутуҥ. Кус түөһүн кырбаан хобордооххо ууруҥ уонна саһарыар диэри ыһаарылааҥ. Эриэппэ луугу төгүрүктүү быһан үрдүгэр ууруҥ. Моркуобу усталыы кырбаан баран казаҥҥа түһэриҥ. Ристэн уутун сүөкээн баран казаҥҥа ууруҥ. Риһи икки тарбаҕынан куотар уута кутуҥ. Ортотугар чеснокта уонна аһыы биэрэстэ батары угуҥ. Уута тэҥҥэ тарҕанарын курдук мас лаппаакынан хас да сиринэн дьөлөҕөстө оҥоруҥ. Күүстээх уокка оргутуҥ. Уута оргуйарын кытта уоту мөлтөтүҥ уонна булкуйбакка эрэ 20-30 мүнүүтэ устата,бэлэм буолуоҕар диэри буһарыҥ. Буспутун кэннэ бэйэтин суоһугар 10 мүнүүтэ туруора түһүҥ.

                         ГРЕЧКАНАН ФАРШИРУЙДАММЫТ КУС

Кус -1 уст.
Эриэппэ луук -1 уст.
Моркуоп -1 уст.
Гречка — ыстакаан 3/2.
Чеснок -2-3 өлүүскэ.
Оливка арыыта — 60 гр.
Мүөт -20 гр.
Кыһыл биэрэс ( минньигэс).
Мэлиллибит мускат эриэхэтэ.
Мэлиллибит хара биэрэс, туус.

Гречканы сууйуҥ, уутун сүөкээн көстөрүүлэҕэ ууруҥ уонна уута кутуҥ, тууһааҥ. Оргутуҥ уонна уотун мөлтөтөн бэлэм буолуоҕар диэри буһарыҥ (илдьи буһарымаҥ). Миискэҕэ мүөттэ кутуҥ, бытарытыллыбыт чесногу, тууһу,эриэхэни, хара уонна кыһыл биэрэһи эбиҥ. Оливка арыытын кутан баран кичэйэн булкуйуҥ. Куһу сууйан баран иһин — таһын кичэйэн маринадынан сотуҥ уонна 40 мүнүүтэ устата туруоруҥ. Эриэппэ луугу кырбаан баран ыһаарылааҥ. Моркуобу теркалаан баран луукта эбиҥ. Буспут гречканы ыһаарыламмыт оҕуруот аһын кытары булкуйуҥ уонна кускут иһигэр фаршируйдааҥ. Сиигин тигиҥ. Арыынан сотуллубут хобордооххо ууруҥ уонна 180 кыраадыска диэри ититиллибит духуопкаҕа угуҥ. Бу кэннэ кустан ууллан түспүт сыатын үрдүгэр саба кута — кута, бэлэм буолуоҕар диэри үтүҥ. Бэлэм буолбут куһу порцияларга араартаан баран остуолга ууруллар.

ХАППЫЫСТАЛААХ КУС

Биир дьоҕус сибиэһэй хаппыыстаны бүтүннүү быһыҥ, кыра гына кырбастааҥ. Эмиэ буһарыллыбыт куһу хол — буут араартаан сотейникка угуҥ, кырбаммыт хаппыыстанан бүрүйүҥ, мэлиллибит суухараны таммалатыҥ, соуһунан саба кутуҥ уонна духовкаҕа бүскүтүҥ. Гарнир быһыытынан буспут хортуосканы ууруллар.

ФОЛЬГАҔА БУСПУТ КУС

Репч. лук — 1 уст.

Моркуоп- 1 уст.

Хартыыһа — 3 ост.нь.

Туус, биэрэс.

Хартыыhанан сотобут/сымнатар/

Аhыйбыт хартыыhа ордук. Луугу ортотунан аҥаардаан баран, кус иhигэр угабыт, үрдүгэр моркуобу теркалаан кутабыт, туустуубут, биэрэстиибит уонна салгын тахсыбат гына фольгаҕа суулаан баран, 40-45 мүн. духуопкаҕа буhарабыт.

СҮӨГЭЙ СОУСТААХ КУС 

— 1 кус

— 1 улахан моркуоп

— 1 улахан луук

— 2 уст. минньигэс биэрэс

— 200 г  сүөгэй

— туус

Куспутун сууйабыт. Чааhынан араартыыбыт, көстөрүүлэҕэ угабыт, буhара уурабыт. Буhа турар кэмигэр моркуоппутун солуомкалыы кырбаан баран, 10 мүн. ыhаарылыыбыт. Онтон луукпутун кутабыт. Өссө 5 мүнүүтэ ыhаарылыыбыт, онтон дьэ биэрэспитин кутабыт уонна бэлэм буолуор диэри эмиэ ыhаарылыыбыт. Куспут оргуйбутун кэннэ, били, ыhаарылаабыт моркуоппутун кутабыт, сүөгэйи, тууһу, туманы эбэн баран, чаас курдук буһара туруорабыт.

 «РУКАВКА» БУСПУТ КУС 

Куспутун үргээн баран ууга уган сытыара түһэбит/амтана тупсар/, улахан куһу түөһүнэн иккитэ хайытабыт. Иһин-таһын тууһунан хара биэрэһинэн сотон баран, сүөгэйгэ угуттуубут. Оччоҕуна сымнаҕас буолар. Онтон куспутун анал рукаваҕа угабыт, баайабыт. Рукаваны 3 или 4 сиринэн дьөлө анньабыт. Духуопкаҕа 210 кыраадыска 50 мүн буһарабыт.

Куспутун салаат лиистэригэр бүлүүдэҕэ уурабыт. Аһытыллыбыт хаппыыстаттан помидордаах, оҕурсуулаах салааты тула уурабыт.Үрдүгэр уулаах отону табыгынатабыт.

Бу батсаап рецептэриттэн үллэһиннибит. Кустан сонун бүлүүдэлэрдэ астааҥ. Минньигэстик аһааҥ!

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0