Бастыҥ уопут: Ньирэйи көрүүгэ ураты ньымалардааҕа

Ааптар: 
30.03.2020
Бөлөххө киир:

Мэҥэ Хаҥалас улууһун Тараҕай нэһилиэгин биир чулуу киһитин, “Көлөһүн Дьөгүөр” диэн таптал ааттаах Егор Дмитриевич Слепцову кытары алтыһан ааспыппын дьолбунан ааҕабын.

edersaas.ru

Кини сэриигэ кыттыытын туһунан сиэн балта Оксана Баишева-Слепцова соторутааҕыта хаһыакка суруйан турар, онон ону хатылаабаккабын, ыччат сүөһүгэ үлэлээбит уопутун сырдатыахпын баҕарабын. Билигин, ынах сүөһү маассабай төрүөҕүн кэмигэр, кини ньирэйи көрүүгэ уопута үгүстэргэ элбэҕи биэриэҕэ.

Буойун өрүү инники

Бүтэйдээх оскуолатын төрдүс кылааһын бүтэрбит уол салгыы үөрэнэр кыаҕа суох буолан, уон биир сааһыттан холкуоска үлэлээбитэ. Кыһынын саһаан тиэйиитигэр, сайынын окко сылдьыбыта. Сааһын ситиитэ сахаҕа үрдүк уҥуохтаах, сырдык хааннаах, кэрэ сэбэрэлээх, бэйэтин лаппа кыанар, холкуос биир бастыҥ ыччата буолбута. Аармыйаҕа 1943 сыл сайыныгар ыҥырыллан, арҕаа фроҥҥа сэриилэспитэ. Ыараханнык бааһыран, дойдутугар 1944 сыл балаҕан ыйыгар эргиллэн кэлбитэ. Төһө да мас атахха үөрэнэ илик, быстарбыт уҥуоҕунан этэ чэрдийэ илик буоллар, аҥаар атахтаахпын диэн дьонтон итэҕэс санаммакка тута холкуоһугар үлэлээбитинэн барбыта. 1945-1951 сс. пиэрмэҕэ биригэдьиирдээбитэ, 1951 сылтан ыччат сүөһүгэ үлэлээбитэ. Дьэ ити кэмтэн ыла 35 сыл устатыгар кини илиитин иһинэн киирэн ааспыт ньирэйдэри мустахха, 1 500-тан тахса сүөһү буолуо этэ. Дьөгүөр бороонноро кыстыгы үчүгэй туруктаах туорууллара, күһүн өссө улаатан, тэҥ саастаах сүөһүлэриттэн быдан бөдөҥ сүөһүлэр буолан кэлэллэрэ.

Бары батыһа сылдьаллара

Дьөгүөр Дмитриевич сүөһүнү иитиигэ бэйэтэ туһунан көрүүлэрдээҕэ, ураты ньымалардааҕа. Хас биирдии ньирэйин кытта киһини кытта кэпсэтэр курдук кэпсэтэ, таптаан имэрийэ-томоруйа, ымманыйа сылдьара, барыларыгар аат иҥэрэрэ. Ньирэйдэрэ да киниэхэ олус убаналлара, төрүт батыһа сылдьар буолаллара.

Отделение тыһыынча кэриҥэ сүөһүтүттэн Дьөгүөр бэйэтэ көрбүт ньирэйэ хайа пиэрмэҕэ ынах, тиҥэһэ, тыһаҕас буолан турарын чопчу ыйан биэрэрэ, атын да ыанньыксыттар ынахтара ханнык ынахтар төрүөхтэрэ буолалларын энчирэппэккэ билэрэ. Онон биһиэхэ, силиэксийэ үлэтин ыытар зоотехниктарга, улаханнык көмөлөһөрө. Кини сүөһүнү бэлиэтии көрөн хаалар, умнубат дьоҕурунан, сүөһү дьүһүнүн, быһыытын-таһаатын, майгытын-сигилитин быһаарар талаанынан олус сөхтөрөрө.

Ороһу, оккураҥ, ыарыһах ньирэйи кыра оҕо курдук бүөбэйдиирэ, араас ньыманан аһатара-сиэтэрэ. Ол курдук, ыалдьыбыт ньирэйгэ туустаах тиэстэни, уҥуох күлүн сиэтэн, балык миинин иһэрдэн, Абалаах күөл эмтээх бадараанын салатан дөбөҥнүк үтүөрдэрэ. «Кыра сүөһү ордук кыһын, кэмчи айахха, сииктээх уонна тымныы хотоҥҥо турарыттан араас ыарыыга ылларар, быкка ыстаран дьүдьэйэр, модьуун, рахит буолар», — диэн мэлдьи этэрэ.

Абыраллаах Абалаах

Абалаах бадараана, тураҥнаах суодата, минеральнай уута сүөһүгэ туһалааҕын дакаастаабыта. Эмтээх буору мөһөөччүктэргэ кутан, ыйаан кэбиһэрин ньирэйдэрэ салыы уонна эмэ сылдьаллара. «Ити кинилэр аһыыллара-сииллэрэ тупсарыгар, төлөһүйэллэригэр итиэннэ араас ыарыыларга ылларбаттарыгар наадалаах», — диирэ. Абалаах тураҥа туһалааҕын кини өссө сэрии бастакы сылларыгар, Нуотара үрэҕэр холкуос сүөһүтүн кыстатан олорон, билбит. Ол кыһын ынахтара ырыганнаан барбыттарыгар, Абалаах бадараанын тиэйэн илдьэн, ону сиэтэн өрүһүйбүттэр.

Быттыйбыт ньирэйи Абалаах уутун ыаммытынан үүт курдук буолуор диэри сылытан, күҥҥэ икки төгүл (сарсыарда уонна күнүс) сууйара, ол кэнниттэн хаста да тарааҕынан тарыыра. Икки-үс хонон баран, сууйарын эмиэ хатылыыра. Итинник дьаһайан, нэдиэлэ иһигэр ньирэй бытын суох оҥорон кэбиһэрэ. Модьуун буолбут сүөһүнү үөртэн арааран, бааһын хаҕылаан баран Абалаах уутунан сотон оһороро. Абалаах уутунан сууйан баран, хайаан да атын күөл уутунан сайгыыра. Сайҕаабатахха, баас үтүөрэрин оннугар, эбии сүһүрэр диирэ. Кыра, дьүдьэх сүөһү үгүстүк рахит ыарыыга ылларааччы. Тобуктара ыалдьан ньирэйдэр, борооскулар төрүт сытынан кэбиһээччилэр. Онуоха Егор Дмитриевич Абалаах бадараанын сылытан, 20-30 мүнүүтэ устатыгар ньирэй ыалдьыбыт сүһүөҕэр баайара. Итинник угуттуур кэмигэр ньирэй сытар отун халыҥнык тэлгэтэрэ.

Туппахтыы иитии

1951 с. саҥа төрөөбүт ньирэйи ийэтиттэн арааран, туппахтыы аһатан иитии уопутун “Табаҕа” холкуос улууска биир бастакынан саҕалаабыта. Дьөгүөр Дмитриевич өссө биригэдьиирдии сылдьан, үүтү да ыаһыҥҥа, эти да оҥорууга бу бэрт көдьүүстээх саҥа ньыма туһунан мэлдьи толкуйдуур, боруобалаан көрбүт киһи диэн саныыр буолбута. Итиэннэ ити санаатын олоххо киллэриигэ 1951 сылтан саҕалаан үлэлээбитэ.

Ньирэй көрүүтүгэр ылсыбыт бастакы сылыгар 26 ньирэйиттэн биир ньирэйэ өлөн, улаханнык хомоппута. Дьулуурдаах үлэһит онтон санаатын түһэрбэтэҕэ, хата, сылтан сыл ахсын өрө кимэн, ньирэйин ахсаанын элбэтэн, көрдөрүүтүн тупсаран испитэ. 1955 с. «Резербэ» диэн сэттэ ыйдаах борооскута 188 киилэни үктээн, улуустааҕы быыстапка кыттыылаахтарын салыннарбыта! 1964 с. Дьөгүөр 133 ньирэйи ылан, биири да энчирэппэккэ сыл таһаарбыта, хас биирдиилэрэ сууккаҕа ортотунан 670 грамм эбиллэллэрин ситиспитэ. Биллэн турар, ити оччолорго кырата суох ситиһии этэ. 1980-с сс. ньирэй сууккатааҕы эбиллиитин 800 граммҥа тиэрдибитэ!

Дьөгүөр Дмитриевич ыччат сүөһүнү көрүүгэ-истиигэ баай уопутун биир идэлээхтэригэр киэҥник тарҕатара. Кини кыһатыгар иитиллибит бастыҥ ыанныксыттар, ньирэй көрөөччүлэр кэккэлэрэ баар буолбута. Бастыҥ үлэһит сопхуос уонна отделение салалталарыгар үлэлиир-олорор усулуобуйаны табыгастаахтык тэрийэргэ мэлдьи туруорсара. Кини пиэрмэлэргэ илии ыарахан үлэтин тиэхиньикэ күүһүнэн солбуйарга, мэхэньисээссийэни киллэрэргэ, үлэһиттэргэ олорор дьиэлэри тутарга, сайын сайылыкарга, кыһын ыраах пиэрмэлэргэ ларектары үлэлэтэргэ уо.д.а. этэрэ барыта кэриэтэ олоххо киирэн испитэ.

Нэһилиэгэ дьиэ тутан биэрбитэ

Ийэ дойдутугар ытык иэһин төлөөн, сэрииттэн Албан аат үһүс истиэпэнэ уордьаннаах кэлбит хорсун буойун таһаарыылаах үлэтэ сиэрдээхтик сыаналаммыта. 1957 с. Саха сирэ Арассыыйа судаарыстыбатын састаабыгар киирбитэ 325, Улуу Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин 40 сыллаах үбүлүөйдэригэр анаммыт оройуоннааҕы Бочуот кинигэтигэр Егор Слепцов аата биир бастакынан киирбитэ, 1958 с. Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин Президиумун Бочуотунай грамотатынан наҕараадаламмыта, 1960 с. Тараҕай нэһилиэгиттэн бастакынан «Коммунистическай үлэ ударнига» буолбута, 1964 с. Ленин уордьанынан наҕараадаламмыта, 1967 с. «Саха АССР бастыҥ ньирэй көрөөччүтэ» Бочуоттаах аатынан бэлиэтэммитэ, 1985 с. Аҕа дойду сэриитин I истиэпэннээх уордьанын туппута, «Мэҥэ Хаҥалас оройуонун Бочуоттаах олохтооҕо» буолбута.

Үтүө сүбэтинэн-аматынан, үлэҕэ ситиһиитинэн холобур буолар, бар дьонугар ытыктатар Егор Дмитриевич Слепцов-Көлөһүн Дьөгүөр бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсарыгар нэһилиэгин дьоно Табаҕа бөһүөлэгэр саҥа дьиэ тутан биэрбиттэрэ. Кини ол дьиэтигэр олорон, 1994 сыл тохсунньутугар 74 сааһыгар олохтон барбыта.

Лаврентий Романов, РФ тыатын хаһаайыстыбатын Бочуоттаах үлэһитэ,

Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх зоотехнига,

Мэҥэ Хаҥалас улууһун уонна улуус сэттэ нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо.

«Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0